Быйыл Саха сиригэр сэтинньи ый олус сылаас буолла. Оннооҕор кыс ортото сүүрүгүрэ сытар өрүһү Саха сирэ бүттүүнэ сөҕө — махтайа көрдө.
Оттон норуот ытыктыыр синоптига Тускул “Тэтим” араадьыйаҕа “маннык күннэр ахсынньы 4 күнүгэр диэри туруохтара” диэн дьону-сэргэни улаханнык соһутта. Атлантическай акыйаантан кэлбит циклон дойдуну барытын “сылытан”, аны биһиэхэ, Саха сиригэр кэлбитин бэлиэтээн туран, кини быйылгы кыһын хайдах буоларын сылыктаата.
— Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук буолла. Ол курдук, илин эҥэр улуустарга — 45 кыраадыстаах тымныы ахсынньы 20 күнүттэн эрэ биллиэҕэ. -50 кыраадыс тохсунньу иккис дэкээдэтигэр биллиэҕэ. Киин улуустарга -45 кыраадыс тымныы аҕыйахта бэлиэтэниэҕэ. Саамай тымныы улуустарга — Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга ахсынньы эмиэ ичигэс. Бу улуустарга тохсунньуга биирдэ эмит — 55 кыраадыс бэлиэтэнэн ааһыаҕа. Онон тохсунньуну “аһара түстэрбит эрэ”, күн уһаан, сылыйыы буолуоҕа, — диэн саха араадьыйатыгар быйылгы кыһын туһунан норуот синоптига, “Хайахсыт нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Тарас Лукич Тарасов-Тускул кэпсээтэ.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ