Саха Сиригэр СӨ Ил Дарханын уонна Ил Түмэн сэттис ыҥырыылаах дьокутааттарын быыбарыгар хандьыдааттарга уонна быыбардыыр холбоһуктарга аҕытаассыйалыыр кэм саҕаламмыта нэдиэлэттэн орто. Бу иннинэ, от ыйын 9 күнүгэр, киэһэ 18.00 чааска Саха Сиринээҕи киин быыбардыыр хамыыһыйата быыбарга туруорунар хандьыдааттар сайабылыанньаларын тутууну түмүктээбитэ.
Бу күнтэн ыла хандьыдааттар аҕытаассыйалыыр матырыйаалларын оҥорон, бэрээдэгинэн уопсастыбаҕа аҕытаассыйалыыр тэрээһиннэрин ыытыахтарын сөп. Матырыйааллар эбэтэр аҕытаассыйа куоппуйалара киэҥ эйгэҕэ тарҕаныахтарын иннинэ, Саха Сирин киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар тиэрдиллиэхтээх. Оттон көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ аҕытаассыйалыыр кэм атырдьах ыйын 12 күнүттэн саҕаламмыта уонна балаҕан ыйын 7 күнүгэр түүн 00.00 чааска түмүктэниэҕэ.
СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа дааннайынан, бэлитичэскэй баартыйалартан туруоруммут өрөспүүбүлүкэтээҕи 411 хандьыдааттаах 6 испииһэги бигэргэттэ. Маны таһынан, 172 хандьыдаат 9 быыбардыыр холбоһуктартан уонна 9 хандьыдаат биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарынан бэйэтин туруорунуу бэрээдэгинэн туһааннаах докумуоннары быыбардыыр хамыыһыйаларга туттардылар.
Чурапчы улууһун 30 нүөмэрдээх биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар кимнээх турдулар?
- Сыромятников Николай Егорович — Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн 1971 сыллааҕы төрүөх, «Справедливая Россия — Патриоты — За правду» баартыйаттан;
- Попов Николай Николаевич — Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн 1961 сыллааҕы төрүөх, «Коммунистическая партия Российской Федерации» баартыйаттан;
- Поисеев Дмитрий Николаевич —Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕай нэһилиэгиттэн 1976 сыллааҕы төрүөх, «Единая Россия» баартыйаттан;
- Николаев Илья Иванович — Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгиттэн 1982 сыллааҕы төрүөх, «Новые люди» баартыйаттан.
Саха Сирин норуот дьокутааттарын быыбарыгар барыта 592 хандьыдаат туруорунна.
Сэмэн Жендринскэй