Сарсыҥҥыттан саҕалаан тохсунньу 6-гар диэри Уус Алдан улууһун Бороҕонугар, Николай Николаевич Тарскай кэриэһигэр көҥүл тустууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чөмпүйэнээтэ ыытыллар.
Маннык улахан күрэхтэһии, Бороҕоҥҥо саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит Николай Тарскай аатынан успуорт уораҕайыгар ыытыллара былааннанар. Уус Алдаҥҥа өссө сыл инниттэн анал хамыыһыйа тэриллэн, эрдэттэн бэлэмнэнэр үлэлэр саҕаламмыттарын биһиги ыаллыы сытар улуус буоларбыт быһыытынан барытын ааҕан, билэн олоробут.
Чөмпүйэнээт киирии билиэттээх буолар эбит, төлөбүрэ күҥҥэ 300 солкуобай, холобура эбиэккэ диэри эбэтэр онтон киэһэ көрүөн баҕалаахтар 150 солкуобайы төлүүллэр.
Дьиэҕэ олорон көрөөччүлэргэ анаан “Саха” НКИХ тиийэннэр тустууну быһа биэриинэн көрдөрөллөрө былааннанар, тэрийээччилэр интернет сибээһэ үчүгэйинэн сибээстээн ютуб ханаалга эмиэ көрдөрүөхпүт диэн эрэннэрэллэр.
ЫСПЫРААПКА
Тарскай Николай Николаевич (1924—1962) — Саха Сиригэр физкултуураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут киһи, 1955—1959 сылларга Саха АССР успуорт кэмитиэтин салайааччыта.
1924 сыллаахха ыам ыйын 24 күнүгэр Дүпсүн улууhун 1 Өспөх нэhилиэгэр Араҥастаах диэн алааска төрөөбүт.
1939 сыллаахха Чараҥай 7 кылаастаах оскуолатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэннэ Дьокуускай 8 №-дээх оскуолатыгар, салгыы байыаннай салайааччылар биир ыйдаах куурустарыгар үөрэнэн, дойдутугар эргиллэр. Сэрии кэмигэр Өнөр, Чараҥай оҕолоругар байыаннай дьыаланы үөрэтэр. Сэрии кэнниттэн Тандаҕа, Мүрүгэ физкултуура учууталынан ананан үлэлиир. Мүрүгэ акробатика, гимнастика, бокс, гиирэ, хайыhар, чэпчэки атлетика сиэксийэлэрин үлэлэтэр. Ити кэмҥэ Мүрү орто оскуолатын кэллэктиибэ САССР Миниистэрдэрин Сэбиэтин көhөрүллэ сылдьар Кыhыл Знамятынан наҕараадаланар.
Саха АССР физическэй култуураҕа уонна успуорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт кэмигэр Д.П. Коркины, В.Г. Румянцевы, К.П. Григорьевы – Чурапчыга, СГУ-га, Бүлүүгэ анаталаан көҥүл тустууну төрүттэтэр. САССР хомсомуолун кэмитиэтин (обкомол) бастакы сэкирэтээрин Е.Д. Кычкины тылыгар киллэрэн оройуоннарга, ол иһигэр хотугу оройуоннарга, спорду сайыннарыыга көхтөөх үлэни ыыталлар.
Николай Тарскай 1955 сыллаахха Ташкент куораттан ССРС көҥүл тустууга чөмпүйүөнүн Владимир Гуляевы, онтон Яков Невретдиновы ыҥыран, үөрэтэр-эрчийэр хомууру тэрийэр. Хапсаҕайдьыттар уонна тириэньэрдэр онно сылдьан элбэҕи билэллэр-көрөллөр. 1956 сыллаахха Саха сиригэр бокса уонна көҥүл тустуу бастакы чөмпүйэнээтин тэрийэр, салайан ыытар. Салгыы Саха сирин норуоттарын ыспартакыйаадалара, Саха сирин ыччаттарын уонна устудьуоннарын 1-кы бэстибээлэ ыытыллыбыттара. 1958 сыллаахха сайыҥҥы ыспартакыйаадаҕа өрөспүүбүлүкэ 16 рекорда олохтоммута.
1959 сыллаахха ССКП Саха сиринээҕи обкуома Уус Маайа оройуонугар райиспоком бэрэстээтэлинэн аныыр.
1962 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр Москубаҕа үрдүкү баартыйа оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан хомолтолоохтук өлбүтэ.
Элбэх көрөөччү кэлэн көрөрүгэр анаан Уус Алданнар бэркэ дьаһаммыттар ол курдук Дьокуускай куорат “Дохсун” успуорт уораҕайыттан хомуллар тырыбыыналары уларсан аҕалан туруорбуттар, онно бэйэлэрин кэннэрин эбэннэр быһа барыллаан 700 киһи олорон көрөр усулуобуйатын тэрийбиттэр.Элбэх ыҥырыылаах ыалдьыт кэлиэ диэн сабаҕалыыллар.
Барыта холбоон 150-ча бөҕөс түһүлгэҕэ тахсан тустара былааннанар. Чөмпүйэнээт ыытыллар бириэмэтигэр Николай Тарскай 100 сылыгар анаммыт быыстапка туруоруллан дьон болҕомтотун тардыаҕа.
Былырыын 2023 сыл тохсунньу 7-9 күннэригэр биһиэхэ төрөөбүт истиэнэбит күүскэ көмөлөстө диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Саала иһэ толору көрөөччүлээх, бөҕөстөр таҕыстахтарын аайы “ыалдьааччылар” ыһыылара-хаһыыларын букатын ыраахха диэри ньиргийэргэ дылы. Кистэл буолбатах, инники сылларга биһиги улуус көҥүл тустууга эриэ-дэхси көрдөрүүлээх этибит, чуолаан эттэххэ 2018, 2019 сылларга бастаабыппыт, 2017, 2022 сылларга иккис оттон 2015, 2016 сылларга букатын даҕаны үһүс миэстэҕэ тиксибиппит. Ол эрэн улууска көҥүл тустуу бэдэрээссийэтин бэрэссэдээтэлинэн Степан Саргыдаев ананыаҕыттан балаһыанньабыт лаппа тубуста. Бастатан туран, оҕолорго, ыччаттарга улахан болҕомто ууруллан улуус, өрөспүүбүлүкэ, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэр үксээтилэр. Иккиһинэн, Аан дойду, Европа, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ хаста даҕаны улууспутугар ыалдьыттааннар тустууктарга сүбэ-ама биэрэн, маастар-кылаастары көрдөрдүлэр.
Былырыыҥҥы 2023 сыллаах Чурапчы чөмпүйүөн хамаандатын састаабын өйдөөн хаалыҥ:
57 кг – Егор Явловскай, Артур Дьячковскай, Любомир Ашеин, Сергей Егоров, Александр Баин.
61 кг – Дьулустан Федотов, Дархан Игнатьев, Артем Слепцов, Владимир Пинигин, Владислав Макаров, Яков Павлов.
65 кг – Эдуард Григорьев, Егор Друзьянов, Арсен Халгаев.
70 кг – Олег Фомин, Петр Ксенофонтов, Уйгулан Протодьяконов, Николай Захаров.
74 кг – Владимир Бояновскай, Константин Капрынов, Егор Пономарев, Дьулустан Николаев, Дьулуур Петров.
79 кг – Стив Попов, Петр Захаров, Юрий Протодьяконов, Григорий Барашков.
86 кг – Алексей Захаров, Анатолий Сивцев, Дьулустан Калачев, Ян Егоров.
92 кг – Семен Аммосов, Петр Соловьев.
97 кг – Никита Софронов, Айаал Кузьмин.
125 кг – Виктор Малышев, Арсен Федоров.
Быйылгы састаабы эбиэттэн киэһэ 16 чааска быһаарыахтара. Чурапчы улууһун успуорка управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров уонна улуус сүүмэрдэммит хамаандатын үрлүкү тириэньэрэ Альберт Макаров: “Хамаанда састааба бигэргэнэн, сарсын Бороҕоҥҥо айаннаары олоробут, быйыл биһигиттэн 35 бөҕөс тустара былааннанар”, — диэн иһитиннэрдилэр.
Онон Уус Алданнар биир дойдулаахтара Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт 2024 сылы саҕалыыр чөмпүйэнээти үрдүк таһымнаахтык бэлэмнээн, тэрийэн ыытарга бэлэмнэрин этэллэр.
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ааптар тус архыыбыттан