Муҥха — саха омук мындыр өйүнэн айан таһаарбыт, Сибиир атын ханнык атын омугар суох, мууһу аннынан балыктааһын биир ньымата буолар. Устар уһун үйэлэр усталарыгар чочуллубут дириҥ үгэс.
Бүгүн биир ураты муҥха Болугур нэһилиэгин Мойуона эбэтигэр буолла. Муҥха тойотторунан Сергей Кузьмин, Василий Миронов уонна Николай Коркин сырыттыллар. Кырдьаҕастары кытары итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ сэһэргэстибит. Мойуона эбэ тардыллыбатаҕа үһүс сылыгар барбыт эбит. “Хойукка диэри хайдах муус аннынан муҥханы ыытан тардалллара буолла диэн наһаа дьиибэргии саныыр этим, билигин бу бэйэм муҥхаһыт буола сырыттаҕым”, — диэн Сергей Кузьмин билигин күлэ-үөрэ саныыр. “Аан маҥнай муҥхаҕа ыҥырбыттарыгар тренировочнай таһынан биир чараас ыстааннаах эрэ тиийэммин чуурбун биэрэ сыыспыттааҕым”, — диэн баһын быһа илгистэ-илгистэ Кытаанахтан төрүттээх Василий Миронов ахтар. “Бу дойдуга 1981 сыллаахха күтүөттээн кэлэн олохсуйдум, оо, элбэх да муҥханы түһэрэр буоларбыт”, — диэн Николай Коркин истиҥник саныыр.
Күөллэри урут да, билигин даҕаны балык сырыытын үчүгэйдик билэр уонна сиэри-туому тутуһуннарар, дьоҥҥо ытыктанар киһи муҥханы тэрийэрэ. Кини бэйэтин идэтин салгыыр киһитин эрдэттэн бэлэмниир эбит. Муҥхалыы кэлбит дьон бултуйан үөрэн-көтөн биитэр ытыһын соттон, аччык хоочугураан тиийэрэ киниттэн тутулуктаах буоллаҕа. Муҥхаҕа кини дьаһала муҥхаһыттарга халбаҥнаабат сокуон. Муҥха бэрээдэктээхтик бардаҕына, соччонон үлэ быыстала суох толоруллан, муҥха сырыыта сыыдамсыйан, Байанай онтон үөрэн-көтөн, көмүс хатырыктааҕынан өлгөмнүк хааччыйар. Онтон дьаһалы истибэккэ, арыгылаан үлэлэспэккэ, массыынаҕа саһан олорон баран, балык тахсарын саҕана күөрэйэр дьону ким сөбүлүөй? Аны балык былдьаһан охсуһуулаах, ойбоҥҥо түһүүлээх муҥхалартан Байанай эмиэ киэр хайыһар.
Оттон сиэри-туому тутуһан, сүүһүнэн муҥхаһыты сатаан сааһылаан, өссө былыргы муҥхалар курдук, алҕатан, оонньотон-көрүлэтэн, күрэхтэһиннэрэн тэриллэр муҥханы дьон-сэргэ: “Байанайдаах, үчүгэй сырыылаах муҥха”, — дииллэрэ. Маннык муҥханы чахчы улахан тэрээһиннээх, талааннаах эрэ киһи кыайа-хото тутан ыытар. Оннук киһини былыр сүрдээҕин өрө туталлара. Чахчыта даҕаны ас кээмэйдээх кэмигэр, муҥха соботугар тииһинии кыстык аһылыгы хааччыныы буоллаҕа.
Мойуона эбэтигэр 50-ча киһи муһунна.Балыксыттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр чагдааттарын тэһэн муҥхаларын түһэрэ оҕустулар. Муус төһө даҕаны халыҥаабытын үрдүнэн, улахан илистиитэ суох бастакы иккис муҥхаларын киллэрдилэр. Муҥха тойотторо үктээбит икки кынатынан арахсан ойбоннорун курдурҕаччы тэспитинэн бардылар. Ону кытары үтүмэҕи тоһуйан ылааччы, быатын эрийэ баттаат, элэҥнэччи айаннаата.
Эбиэт саҕана эбэ улаҕаа кытылыгар тиийэн муҥха ийэтэ тахсан, дьон сэргэ балык тахсарын кэтээн тоҕуорустулар, тутаах үлэһит самахчыт тардан таһаарбыт соболоро лэчигирэһэн ууга оонньуулларын көрөр эчи үчүгэйин эриэхсит!
Сааһынан төһө да кыра буоллар, “улахан муҥхаһытынан” Үлэ Дьоруойа Роман Константинов аатынан Амма орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Ньургун Саввин буолла, киниэхэ муҥха тойоно Сергей Кузьмин биир саамай бөдөҥ собону ылан туттарда: “Сиэпкэр баппат буоллаҕына, куулгар ылаҥҥын уктан кэбис!” – диэтэ.
Борбуйун саҥардыы көтөҕөн эрэр уол күнү быһа үлэлээн, буһан-хатан, бултаан-алтаан дьиэтигэр тиийэрэ туспа үөрүү буоллаҕа. “Оҕом улаатан, эр киһилии булан-талан аһатар киһи буолбут”, — диэн, ордук Ньургун ийэтэ үөрэн эрдэҕэ.
Сонно тута эмис собону хамсаппытынан быргыччы буһаран, бары остуол тула олорон үөрэ-көтө сапсырыйа аһаан, күө-дьаа кэпсэтиһэн, Мындаҕаайы ытык-мааны ыалларыгар дьоро киэһэ үүнүө турдаҕа.
Ыалдьытымсах дьонноох Мындаҕаайы сэлиэнньэтин дьоно-сэргэтэ үтэһэлээх эт миинэн, итии чэйинэн кэлбит ыалдьыттары күндүлээн ыыттылар.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ