Бэҕэһээ Болугур нэһилиэгэр ситэриилээх былаас отчуотугар тиийэ сылдьан, норуот айымньытын дьиэтигэр үлэ бэтэрээннэрэ, буолаары турар “Айхаллан Чурапчы!” диэн улуустааҕы бэстибээлгэ бэлэмнэнэн иистэнэ олорор кэмнэригэр түбэһэн, тутатына кэпсэттим.
Атын улуустарга бу маннык хабааннаах нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар бэстибээл тохтообута быданнаата, оттон Чурапчы улууһугар сылтан-сыл аайы кыттааччы ахсаана эбиллэр, бэстибээл ыытыллар пуормата, сорудаҕа эмиэ уларыйар. Быйылгы дьыллаахха бэстибээли, бүгүн о.э. олунньу 15 күнүттэн Мындаҕаайыттан саҕаланар.
“Бэйэбит баҕабытынан, биир санаалаахтар түмсэммит, бэйэбит оҕолорбут үҥкүүлэригэр ону таһынан олоҥхо дьоруойдарын таҥастарын-саптарын иккис нэдиэлэбитин иистэнэбит. Сүрүн иистэнньэҥнэр төрдүөбүт, бары бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор бэтэрээннэрбит. Ону нэһилиэкпит туһугар диэммит баҕа санаабытын уурдубут. Барытын буор босхо, бэйэбит иистэнэр массыыналарбытын аҕалан, култуурабыт үлэһиттэрэ сүрдээҕин усулуобуйабытын тэрийэллэр. Матырыйаал өттүн буллулар-таллылар, онуоха биһиэхэ Сахаяна Семеновна диэн олус үчүгэй иистэнэр-закройщиктаахпыт, бэйэтэ манна костюмерынан үлэлиир. Ол кыыс биһиэхэ барытын быһан биэрэр, ону биһиги тигэбит.
Аны туран бу таһаарааҥҥы Арчыбыт дьиэтигэр сөрүө оҥоһулунна онно үлэлэһэбит, итиннэ 10-тан тахса эмиэ дьиэҕэ олорор уонна “Дьарҕаа” түмсүү салайааччыта Светлана Афанасьевна көҕүлээһининэн эмиэ сөрүө оҥордулар. Онно норуот маастара Варвара Дмитриевна кэлэн көмөлөстө. Уопсайынан мындаҕаайылар бу күннэргэ күүскэ түмсэммит, дьоммут, оҕолорбут иннилэригэр бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрсэбит. Манна кэлэн дьон-сэргэ ортотугар кэлэн үлэлиирбититтэн биһиги биллэн туран үөрэбит. Манна даҕатан эттэххэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын анаан нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ тэбис тэҥҥэ кыттыһаллар, ким даҕаны туора турбат, окуопа чүмэчитэ да буоллун барытыгар көхтөөхтүк, ким төһөнү кыайарынан барытыгар кытталлар”, — диэн Болугур иистэнньэҥнэрэ кэпсээтилэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ