Айыыһыт Хотун ыйа–кэрэни кэрэхсиир, тапталга талаһыы.
Муус устар ыйы – Алтынньы батыһар.
Муус устар ый 7 күнүгэр Былаҕачыанайап таҥара, сахалар саамай билгэлиир кэтэһэр таҥаралара. Бу күн хайдах күн буолар да, сааспыт оннук буоларын бу кэнники сыллар бигэргэттилэр, онон бу күнү куоттарбакка эрэ кэтээн көрүҥ.
Быйыл кулун тутар ыйбыт урукку сылларга холоотоххо, улахан тибиитэ хаһыыта суох чуммпу ый кэлэн ааста. Манан сылыктаатахха, муус устар ыйбыт хайдах эрэ сымнаһыар буолуох курдук уонна үһүс декадаттан ордук киин, соҕуруулу-арҕаа улуустарга күүскэ ириэриэх курдук. Былырыын күһүн үгүс улуустарга ардаан — хаардаан тоҥорбута. Онон Ийэ сирбит “ тот” соҕус сытар, муус устар бүтэһик уон күнүгэр күүстээх ардах кэлээри турар, онон быйыл саас уу- хаар кэлэрэ сабаҕаланар. Маныаха эрдэттэн бэлэмнэнэн, быһыттары бөҕөргөтүү үлэлэрин ыытан, сэрэхтээх олоруохха наада. Онон өтөрүнэн кэлбэтэх уулаах сааһы көрсөөрү олоробут, сааскы уубут этэҥҥэ аастаҕына, улахан өҥ сайын кэлээри турар диэн тойоннуубун.
Саха киһитэ “Көхсүттэн тэһииннээх күн оҕото, ыйтан ыйаахтаах ый оҕото”— диэн мээнэҕэ этиэхтэрэ дуо?
Күн сиргэ дьайыыта олус улахан. Күҥҥэ тахсар эстиилэртэн сиргэ баар тыынар тыыннаах улахан тутулуктаах. Быйылгы дьылбыт, урукку сыллары кытта тэҥниир буоллахха, күн эстиитэ муҥутаан улаатыытын туораабыт кэммит буолар. Ол курдук, күн эстиитэ ордук 2021 — 2023 сылларга олус улаата сылдьыбыттара. Ити ааспыт кэмнэргэ курааммыт үс сылы субуруччу барбыта. Быйылгыттан ыла, сыыйа, өҥ дьыллар эргийэн барыахтара. Ааспыт ахсынньыга халлааммыт умайан, кып- кыһыл буолан ылбытын өйдүүргүт буолуо. Ити – күн муҥутаан эстиитин туоһута буолар.Онон сыыйа, сэриибит тохтоон, улахан аан дойдутааҕы айдааннарбыт симэлийэн барыахтара. Билигин Россия Ийэ хотун экономиката куһаҕана суох иһэр. Ол өссө сайдан, көнөр суолга барыахпыт, үчүгэй кэмнэр Сахабыт сиригэр эргийиэ, өссө сайдан үүнэн иһиэхпит.
Ый сиргэ дьайыыта . Ый сиргэ буолар уларыйыылары барыларын дьаһайа турар. Оннооҕор улуу байҕаллары үөһэ-аллара ытыйталыыр, тыынар тыыннаах барыта ыйтан олус тутулуктаах. Ыйы куруук кэтээн көрө сырыттахха, сиргэ буолар уларыйыылары киһи эрдэттэн сабаҕалыан сөп.
Ый халандаара ордук оҕуруоччуттарга туһалаах. Наһаа сөп түбэһэр, тус бэйэбинэн дакаастанан турар. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит ыйы сир быстыспат аргыһа диэн ааттыыллара. Онон бурдуктарын ыһаллара, булка-алка бараллара, балыктыыллара, киһи доруобуйата мөлтүүрэ барыта ыйы кытта быстыспат сибээстээҕин билэллэрэ. Ый халандаара хас дьиэ аайы ыйанан туруохтаах.
Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
Муус устар ый 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
Муус устар ый 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
Муус устар ый 7 күнэ — . Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга : оннооҕор чыычаах аньыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан » кырдьыылыыр»- о.а. быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар.
Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына- хаптаһын хатааһын буоларыгар.
Муус устар ый 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.
Муус устар ый 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
Муус устар ый 9 күнэ — . Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
Муус устар ый13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
Муус устар ый 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара баар буоллаҕына, ыам ыйын 6- гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
Муус устар ый 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕын , аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.
Муус устар ый 20 — 25 күннэригэр — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
Муус устар ый 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.
Муус устар ый 23 күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
Муус устар ый 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол — иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
Муус устар ый 29 күнэ — Ый туолуута.
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАРГА:
Муус устар ый илин эҥээр үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да сылаас буолара сабаҕаланар. Муус устар ый үгүс улуустарга I декадаҕа түүҥҥү өттүгэр тымныйар, II-III декадаҕа күүскэ ириэриэҕэ.
Сөҥүүлэрэ маннык буолууһу: I декадаҕа – 1 күн хаардыыр; II декадаҕа – 1 күн хаардыыр, 1 күн ардыыр; III декадаҕа – 4 күн ардыыр;
Бу ый I декадата урукку сылларга тэҥнээтэххэ, түүнүн да, күнүһүн да тымныы. Күнүс -12С-10С кыраадыс тымныы, түүнүн -21С-15С. II Декада күнүс +5С+3С кыраадыс сылаас, түүнүн -9С -6С кыраадыс тымныы.
III Декада күнүс да, түүн да биллэрдик сылыйар. Күнүс +6С+4С кыраадыс сылаас, түүн -3С +2С кыраадыс буолууһу.
Тускул.