Мугудай нэһилиэгэр Г.Е.Скрябин аатынан «Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтин көҕүлээһининэн кэриэстэбил күнүгэр миитин уонна «Көһөрүллүү оҕо хараҕынан» хомуур уруһуй тэрилиннэ. Оскуола оҕолоро изоспаҥҥа хара өҥнөөх харандааһынан, акварель кыраасканан уруһуйдаатылар. Кыттааччылар туттар тэриллэрин илдьэ кэлэннэр Чурапчы көһөрүллүүтүн хайдах өйдүүллэринэн ойуулаатылар.
Тэрийээччилэр да, кыттааччылар да бу дьаһалы олус диэн интэриэһиргээтилэр, оҕолор бэйэлэрин уруһуйдарын уһун болотунаҕа көрөн астыннылар.
Наталья Сибирякова