Мугудай нэһилиэгэр Москубаттан бэдэрээлинэй бэрэбиэркэ кэлэн барда

Саха сиригэр уонна Чурапчы улууһугар бастакынан арыллыбыт, айылҕаттан айдарыылаах акушерка Августа Степановна Саввина аатынан Мугудайдааҕы эмтиир амбулатория гериатрическай отделение үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла.

Бүгүн о.э. балаҕан ыйын 13 күнүгэр, бу балыыһабыт инники үлэлиир дьылҕатын быһаара, Москуба куораттан Н.М. Пирогов аатынан РНИМУ Арассыыйатааҕы геронтологическай үөрэтэр-клиническэй киин эксперт-бырааһа Оксана Алексеевна Губа, СӨ доруобуйатын харыстабылын кылаабынай гериатр бырааһа Ольга Викторовна Татаринова арыалдьыттаах балыыһа үлэтин-хамнаһын, дьиэтин-уотун көрөн-истэн, үлэһиттэри кытары кэпсэтэн бардылар.

Дария Семеновна Красильникова – Мугудай балыыһатын участковай медсиэстэрэтэ: “Манна 1991 сылтан саҕалаан үлэлиибин. Балыыһабытыгар 14 үлэһиттээхпит , геронтологияны билигин Марина Толстоухова салайа сылдьар. Маҥнай арыллыыбытыгар салайааччынан Татьяна Яковлевна Неустроева иилээн-саҕалаан үлэлээбитэ. Кини саҕана улууспут кылаабынай бырааһа Владимир Андреевич Сотников этэ. Кини көҕүлээһининэн бу балыыһа нэһилиэккэ 2005 сыллаахха тутуллубута.

Геронтологическай отделение үлэлиэҕиттэн кырдьаҕастарбыт үөрэ-көтө эмтэнэ кэлэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсэллэр, киэһэ аайы олус үчүгэйдик олороннор сэһэргэһэллэр. Кырдьаҕас дьоҥҥо анаан туох баар усулуобуйа барыта баар, наар балыыһаларын ыйыталаһаллар. Мин өйдүүрбүнэн саамай аҕам саастаахтартан Төлөй нэһилиэгиттэн, 98 саастаах Варвара Петровна Захарова диэн кырдьаҕас эмтэнэн тахсыбыттааҕа. Геронтология диэн баара олус үчүгэй, кырдьаҕас дьоҥҥо саамай тоҕоостоох. Кинилэр манна кэлэннэр эмтэнэр эрэ буолбатахтар, манна кэлэннэр бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһэллэр, сэргэхсийэллэр. Кинилэргэ саамай кылаабынайа болҕомто, ол иһин үөрэ-көтө дьүөгэлэрин кытары ыҥыран аҕалар түбэлтэлэрэ баар. Балыыһабыт салгыы үлэлииригэр баҕарабыт”.

Марина Петровна Толстоухова – Мугудай балыыһатын терапевт-гериатра: “Гериатрия отделениета 2014 сыллаахха Александр Коркин салалталаах арыллыбыта. Бастакы гериатр быраас манна Татьяна Яковлевна Неустроева буолар, кини манна олус үчүгэйдик үлэлээн, ыарыһахтар дириҥ махталларын ылыан ылбыта. Мин манна 2018 сылтан ананан үлэлиибин. Биһиэхэ 70-тан үөһэ аҕам саастаах ыарыһахтар эмтэнэ киирэллэр. Бу балыыһаҕа киирэллэригэр бэйэлэрин учаастактааҕы терапевт-быраастарын эбэтэр биэлсэллэрин кытары сибээстэһэллэр, ол эрэ кэнниттэн манна сурунаалга суруллан былаан быһыытынан эмтэнэ кэлэллэр. Биһиги манна кинилэргэ эмтэнии толору кууруһун ыытабыт, наада буоллаҕына узи-га, ренгеҥҥэ о.д.а. исписэлиистэргэ холобура хирурга, инфекционистарга туспа анал массыынаны көрөммүт ыыталыыбыт.

Ортотунан 9-11 куойка миэстэҕэ сыталлар. Былырыыҥҥаттан саҕалаан туспа биир палаатаны арааран “Зона активности” диэни тэрийдибит, биир үгүс соҕотох хаалбыт кырдьаҕастар кэлэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэтиһэр сирдээх буолаллара ордук, кинилэр манна остуол оонньуутун (хабылык, хаамыска, дуобат) оонньуохтарын сөп, кинигэ ааҕалларыгар анаан бибилэтиэкэ муннуга тэрилиннэ, тэлэбиисэр көрүөхтэрин сөп, атахтарыгар-илиилэригэр аналлаах тренажордар бааллар. Биһиги отделениебыт үлэтэ улууска эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ үчүгэй өттүгэр улахан оруоллаах. Кырдьаҕас дьоммут үйэлэрэ уһууругар күүс-көмө буолабыт”.

Марфа Афанасьевна Баишева – Мугудай балыыһатын 1963-68 сылларыгар патронажнай медсиэстэрэтэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ доруобуйатын харыстабылын, Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ: “Биһиэхэ саамай абыраллаах балыыһабыт буолар. Кырдьаҕастар сылга иккитэ хайаан даҕаны уочаратынан, испииһэгинэн эмтэнэ киирэн иһэбит. Туох даҕаны наһаа абыранныбыт, кырдьаҕас киһи оттон ыарыыта элбэх буоллаҕа. Быйыл сайын 85 сааспын туоллум, 86-бар сылдьабын. Онон инникитин балыыһабыт үлэлиэҕэ диэммин олус эрэнэбит. Балыыһабыт үлэлээтин биһигини эмтээтин, күн сырдыга күндүтэ, үчүгэйэ сүрдээх, өссө даҕаны олоруохпутун, доруобайдык сылдьыахпытын баҕарабыт. Бырааспыт Марина Петровна, бэйэбит олохтоох кыыспыт, кини биһиэхэ быраас буолан кэлэн биһигини эмтииригэр туох да махталбыт муҥура суох. Балыыһа сылааһа, үлэһиттэрэ үчүгэйдэрэ, барыта бэйэбит кыргыттарбыт, туох даҕаны далбарга сылдьабыт, сыһыаннара эчи аламаҕайын, ас-үөл минньигэһэ, дьиэбит ырааһа, сырдыга, систиэмэ бөҕөнү ылан, күүспүтүгэр күүс эбинэбит. Онон балыыһабытын саппаттара эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт, сабан кэбистэхтэринэ биһиги бары ханна бараммыт эмтэниэхпитий, суолбут сабылынна даҕаны мөлтөөбүтүнэн барар дьоммут”.

Ольга Викторовна Татаринова – СӨ доруобуйатын харыстабылын кылаабынай гериатр бырааһа: “Бу бэрэбиэркэ Мугудайга бастакы сырыыта буолбатах, хаһыс даҕаны кэлиилэрэ буолла. Ону таһынан Москубатааҕы коллегаларбар мэлдьи Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгэр туцрар гериатрия отделениетын туһунан кэпсиибин. Тоҕо диир буоллахха ордук тыа сиригэр бу аан бастакы гериатрическай куойкалары арыйбыт балыыһа буолар. Арассыыйа ханнык баҕарар муннугар тиийдэххэ, бу Мугудайга курдук кырдьаҕастары көрөр-истэр үлэлээх-хамнастаах балыыһа суох. Ол иһин Чурапчытааҕы киин балыыһа, Мугудай гериатриятын отделениетынан киэн туттуон сөп. Манна кырдьаҕастары көрүү-истии бэйэлэрин кыахтарыгар сөп түбэһиннэрэн, ымпыгар-чымпыгар тиийэ оҥоһуллубут: тутуһан хаамарга аналлаах тирээбиллэр, дьыл ханнык кэмин, күнү-ыйы, нэдиэлэни ыйар истиэндэ, туох баар ааннар, палааталар боруога суохтар, суунар, туалеттыыр сирдэригэр тутуһан тахсар тирээбиллэр, инбэлиитинэй кэлээскэлэр, кириэһилэ-туалеттар о.д.а тэрил барыта баар.  

Манна сылдьаммын наар кырдьаҕастары кытары кэпсэтэбит, онно кинилэр маннык балыыһалаахтарыттан олуһун диэн үөрэллэр, астыналлар. Эрдэ этэн аһарбыттарын курдук Москуба куораттан үсүһүн ыалдьыттыы кэллилэр. Маҥнайгы сырыыга научнай үлэһиттэр кэлэн барбыттара уонна Москубаҕа ыытыллыбыт сийиэскэ, чуолаан Мугудай гериатрическай балыыһатын үлэтин туһунан хаартысканан сырдаппыттара. Икки сыллааҕыта кэлэ сылдьыбыт бэрэбиэркэ балыыһа тэриллиитин, стандарка сөп түбэһиитин бэрэбиэркэлээн барбыта. Онно кини доруобуйа харыстабылын миниистирин итиэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыны кытары көрсүһүүгэ эмиэ Мугудай балыыһатын туһунан кэпсээбитэ, ол оннук кини өйүгэр-санаатыгар бу балыыһа үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыт. Мугудайга хас сырыы аайы кэлэбин уонна медицинскэй персонал үлэтиттэн сөҕөбүн эрэ, наһаа түмсүүлээхтэр, кырдьаҕастар доруобуйаларын туһугар мэлдьи кыһаллаллар. Онон тыа сирин балыыһаларын бастыҥ холобуругар – Мугудай балыыһатын биһиги наар киэн тутта ааттыыбыт. Онон маннык балыыһаны хайаан даҕаны харыстыахтаахпыт, сайыннарыахтаахпыт, ыарыһахтар доруобуйаларын туһугар кыһаллыахтаахпыт. Иннибитигэр олус элбэх үлэ күүтэр, сытар ыарыһахтары көрүүгэ-истиигэ үгүс үлэ барыахтаах итини таһынан кырдьаҕас дьон уҥуохтара тостууларыгар эмиэ сүрүн болҕомто ууруллуохтаах. Манна сыһыаран эттэххэ, Чурапчыга билигин кылаабынай бырааһынан өрөспүүбүлүкэ биир биллэр травматолог бырааһа Николай Сергеевич үлэлиир, кини бу соторутааҕы 98 саастаах кырдьаҕас уҥуоҕа тостубутун эпэрээссийэлээтэ. Итинник үлэни оннооҕор куорат балыыһалара кыайан толорботтор. Онон Чурапчы уонна Мугудай балыыһалара Арассыыйаҕа тиийэ иһиллэллэр. Бу балыыһа олохтоохтор үптэринэн тутуллубут буолар, үгүс сыра-сылба бараммыт сирэ. Мугудай олус көхтөөх нэһилиэк, мантан чөл олоҕу тутуһуу улууска саҕаламмыта. Онон үтүө үгэс тутуһуллуохтаах диэн саныыбыт. Бу балыыһа аныгы гериатрическай клиникалартан тугунан даҕаны хаалсыбат, манна оннооҕор кырдьаҕастар хаһан, ханна охтубуттарын бэлиэтэнэр туһунан сурунааллаахтар. Кырдьаҕас дьоҥҥо сыһыан манна олох атын, маннык сыһыаны өрөспүүбүлүкэбит үгүс балыыһалара билбэттэр. Онон эһиги ыарыһахтарга көмөнү хайдах оҥорорго бастыҥ холобур буолаҕыт”.

Москуба куораттан Н.М. Пирогов аатынан РНИМУ Арассыыйатааҕы геронтологическай үөрэтэр-клиническэй киин эксперт-бырааһа Оксана Алексеевна Губа: “Биир бэйэм маннык ыарахан үлэҕэ сылдьар дьону үрдүктүк сыаналыыбыт. Үтүө санааҕыт бэйэҕитигэр уон оччонон үтүөнэн төннөн кэлиэҕэ. Кырдьаҕастарга, ыарыһахтарга болҕомтоҕут иһин дириҥник махтанабын. Балыыһаҕыт инники сайдыыта баҕараргыт курдук үүнэн, сайдан истин, баҕа санааларгыт олоххо киирдиннэр”.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ