Москва-Ленинград тимир суолун көмүскэспитэ (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Георгий Романович Габышев 1915 сыллаахха Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыах суох буолан үөрэххэ хойутаан киирибитэ. Онон 1933 сыллаахха эрэ биэс кылааһы бүтэрбитэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомугар сэкирэтээрдээбитэ. 1939-1941 сылларга колхуоска хонуу биригэдьииринэн, эмиэ да ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьыбыта. Хомсомуол тэрилтэтин үлэтик көхтөөхтүк кыттара.

1941 сыллааҕы ыһыах күн этэ. Дьон-сэргэ ат сүүрүүтүн көрө олордохторуна Ийэ дойдуга фашисткай Германия сэриинэн саба түспүтүн туһунан суоһар сурах кэлбитэ. Атырдьах ыйыгар Георгий Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырыллыбыта.

Мальтаҕа кылгастык үөрэнэн баран, модьу-таҕа көрүҥнээх, 26 саастаах эдэр киһи 1013-с стрелковай полканы кытта Волховскай ГЭС туһаайыытынан кыргыс кытыастар уотугар киирбитэ. Манна улуу Ленин куората Ийэ дойдуну кытары сибээстэһэр суос-соҕотох тимир суолун линията ааһара. Өстөөх ону быһаары, куораты өссө иккис тимир уобуруччутунан ыга ылаары уодаһыннаахтык кимэрэ, орудие, миномет уотунан тибэрэ, быыстала суох буомбалыыра. Сир-халлаан өлүү уотунан өрө дьиһигийэ олороро.

Биир түүн, өстөөххө ыкса чугаһаары, маҥан халааты кэтэн баран, окуопаларыттан тахсан, халыҥ хаарга тимирчи түһэ-түһэ иннилэрин диэки сыылбыттара. Георгий, тыаска-ууска балыйтаран хамандыырын саҥатын истибэккэ, быдан инники киирэн хаалбыта. Халлаан сырдаан барар, оттон табаарыстара биллибэттэр. Иннигэр фашистар пулеметтара үлэлиир. Ол диэки икки гранатаны быраҕан баран төттөрү ыстанар. Буулдьа сиирэ-халты чыһыырар. Дьолго, табыллыбакка дьоннорун этэҥҥэ булар.

Ити күн Георгийдаах чаастара бэрт элбэх сүтүктэнэр. Киэһэ сынньалаҥҥа таһаарыыларыгар бэһиэйэх эрэ ордоллор. Нөҥүө күнүгэр саҥа кэлбит күүһү кытта холбоһон атаакаҕа киирэллэр. Өстөөх утары күүстээх уоту аһан, биһиэннэрин сиргэ хаптайарга күһэйэр. Онуоха хамандыыр Георгийы сибээскэ ыытар. Тула буулдьа ып-ыйылас, хаар үрдүн күдээритэн олорор. Ону ол диэбэккэ, инники диэки сыыллар, бирикээһи толорор. Сонно тута хамандыырыгар бирикээһи тиэрдэригэр сорудахтаан төттөрү ыыталлар. Сыыллан истэҕинэ илиитэ, луомунан сырбаттарбыт курдук, ньим гына түһэр да, өйүн сүтэрэр.

Госпиталларга эмтэнэн үтүөрэн баран, Георгий Романович таанканы оҥорор собуокка үлэлээбитэ, нуучча, грузин, белорусс, армянин, казах доҕотторун кытары бииргэ уһансан Улуу Кыайыы туһугар бэрт элбэх таанканы оҥорсубута.

1946 сыл бэс ыйыгар дойдутугар эргиллэн кэлээт тута эйэлээх үлэҕэ киирбитэ. Атыыһыттаабыта, сельпо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн, ферма сэбиэдиссэйинэн, нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлэтэлии сылдьыбыта. 1952 сылтан хомунньуус. 1958-1973 сылларга Эрилик Эристиин аатынан колхуоска ревизионнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн талыллан үгүс үлэни ыыппыта. Кини 1971 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Ол эрэн олоҕун тиһэх сылларыгар диэри сопхуоһун үлэтиттэн-хамнаһыттан илиитин араарбатаҕа.

Сэрии уонна үлэ бэтэрээнин Ийэ дойду үрдүк сыанабыла – биэс мэтээл киэргэтэрэ. Георгий Романовиһы дьоно-сэргэтэ ытыктыахтарын ытыктыыллар этэ.

 

Н. Дьяконов

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй