Мин эбэм – Мария Седалищева

Сэтинньи ыйга Чурапчытааҕы норуот тыйаатыра тэриллибитэ 54 сыла туолла. Манна сөп түбэһиннэрэн, уус-уран самодеятельность бэтэрээнин Седалищева Мария Егоровнаны сырдатабын.

Хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-ууһун билиэхтээх, кинилэр үтүө ааттарын ааттатар ытык иэстээх. Өбүгэлэрэ туох дьоҕурдаахтарын үөрэтэр, сайыннарар киһи ис кыаҕа аһыллар, киһи быһыытынан силигилии үүнэн тахсарыгар  тирэх буолар.

Эбэм Мария Егоровна Седалищева туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Эбэм 1927  сыллаахха Одьулууҥҥа төрөөбүт. Кини оҕо сылдьан, Хоту көһөрүллүүгэ Кэбээйи оройуонугар барбыт. Онно эрэй бөҕөнү көрсөн, этэҥҥэ дойдутугар төннөн кэлбит. Сэрии, хоту көһөрүллүү  охсуута кинини үөрэхтэн матарбыта. Эбэм 1949  сыллаахха эһэбэр, оччолорго МТС-ка комбайнердуур уолга, Николай Егорович Петровка кэргэн тахсан, 7 оҕоломмуттар. Эбэм олус үчүгэйдик тойуктуура, хомуска оонньуура. Кини Чурапчытааҕы олох-дьаһах кэмбинээтигэр атах таҥаһын тигээччинэн үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтэ сыаналанан, “Коммунистическай үлэ удаарынньыга” буолбута, »Ийэҕэ Албан аат» уордьанынан, «Ийэ» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.  Дьиэ-уот түбүгүттэн, күннээҕи үлэтиттэн быыс булан, Чурапчытааҕы норуот тыйаатырыгар сценкаларга, драмаларга сөбүлээн сылдьан дьарыктанара. Онно бэрт талааннаах артыыс быһыытынан биллибит, сүрүн оруоллары толорбут. Ону өрөспүүбүлүкэтээҕи, оройуоннааҕы үгүс наҕараадалар, тыйаатыр артыыстарын ахтыылара кэрэһэлииллэр.

Эбэм ыараханнык ыалдьан, эдэр сааһыгар олохтон туораабыт буолан, кини туһунан ийэм Ирина Петрова уонна эбэбин кытта алтыспыт дьон иһирэх кэпсээннэриттэн истэн билэбин.

Дьон-сэргэ «Высокай Маайанан» билэллэр

«Ийэм наһаа элэккэй, эйэҕэс майгылааҕа, көрдөөх-нардаах, биһигини биирдэ да мөхпөккө ииппитэ. Истибитин өйүгэр олус түргэнник хатыыра. «Улуу партияҕа уруй-айхал!» диэн тойугун бэйэтэ айбыта уонна кэлин, умнан кэбиһиэм диэн, миэхэ сурукка тистэрбитэ. Аҕабыт суоҕуна, хас биирдии оҕотун быһыыбытын-таһаабытын, майгыбытын тус-туһунан олус үчүгэйдик хоһуйан, ыллыыра. Чурапчы оройуонугар «Ньургун Боотур» олоҥхону аан бастаан туруорбуттарыгар ийэм Туйаарыма Куо оруолун толорбута. Бу испэктээгинэн ийэбин куоракка ыҥырбыттар, салгыы Москваҕа барыахтаах эбит. Ийэм барахсан таҥнар мааны таҥастарын, этэрбэһигэр тиийэ, дьонтон уларсан, бэлэмнэнэн куоракка киирбит. Репетицияҕа сылдьан, ыалдьан, балыыһаҕа киирбит, онон Москваҕа барар дьолтон маппыт. Үтүөрэн баран, дойдутугар хобулуктаах буотанан кэлбит. Онтон ыла ийэбэр, хата үчүгэй баҕайытык, «Высокай» диэн тапталлаах аат иҥэриллибит. Бу аат ийэм аан бастаан толорбут улахан оруолун кытта сибээстээх дии саныыбын. Ийэм  тыйаатырга оонньуурун олус сөбүлүүрэ. Билиҥҥи «Айыллаан» дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитигэр олус үөрбүтэ. Ол дьиэҕэ икки эрэ испэктээккэ оонньоон  хаалбыта», — диэн ахтар улахан кыыһа Ирина Петрова.

Испэктээккэ ис сүрэҕиттэн оонньуура

Ити кэмнэргэ тыйаатыр туруорар испэктээктэригэр араас тэрилтэлэр үлэһиттэрэ оонньуур буолан, репетиция киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн, хойут 11 чааска  буолар эбит. Эбэм Мария Егоровна төһө да сыры-сыллатааҕы кыра оҕолордоох буоллар, бэлэмнэниини биирдэ да көтүппэтэх. Оччолорго эһэм Николай Егорович механизатор-тырахтарыыс буолан мэлдьи дьиэтигэр суох буолара. Ол да буоллар, эбэм быыс булан, гастролларга, бэстибээллэргэ куруутун кыттар эбит. Ол сырыыларыттан көрдөөх түгэннэри өйдөөн хаалбытын култуура туйгуна Мария Герасимова иһирэхтик кэпсиир:

  • Чурапчыга кэлэн, култуура отделын иниспиэктэринэн үлэбин саҕалаабытым. Оччолорго Иван Кандинскай тыйаатырга режиссерунан үлэлиирэ. Кини туруорсан, 1970 с.  РСФСР уонна САССР норуодунай артыыһа Петр Решетников  аата норуодунай тыйаатырга иҥэриллибитэ. Суорун  Омоллоон уонна Иван Эртюков «Төлөн Ньукуус» драматын туруорбуттара. Бу драманы 1969 с. саҕалаабыттар этэ. Манна Мария Егоровна Седалищева оонньуура. Мин эмиэ бу драмаҕа оонньуур буолан, артыыстары кытта ыкса билсэн барбытым.

Мария Егоровна наһаа көнө, судургу, үөрүнньэҥ майгылааҕа. Суругу билбэт буолан, оруолун ааҕан биэрдэххэ, сонно тута өйүгэр хатыыра. Наһаа үчүгэй  кылыһахтаах куоластааҕа, онон кэнсиэрдэргэ тойуктуура, өссө хомуска эмиэ оонньуура.

Биирдэ гастролга испэктээккэ оонньуу сылдьан, кыһыл оҕотун көтөҕөн киириэхтээҕин умнан кэбиһэн, бэлэмнээбэтэх этэ. Сыанаттан ойон тахсан:  «Оҕото оҥоруҥ!», — диэн ыксаан-кыараан көрдөспүтүгэр, Төлөн Ньукуус оруолун толоруохтаах Никита Корякин  тиэрэ түһэн, сынньана сытан: «Бэҕэһээ киэһэ этиэҥ этэ буоллаҕа дии, оччоҕо бөөлүүн оҕо бэлэм буолбут буолуо этэ», — диэн хардарбыт. Маайа көргө тиллэн саһыгырыы түһээт, «Сараһын  уола!», — диэн баран, өрбөҕү суулуу тутаат, сыанатыгар төттөрү ыстаммыт. Ол кыһын  Таатта нэһилиэктэрин кэрийэн гастроллаабыппыт.

Аны биирдэ Чычымахха грузовой массыынанан айаннаабыппыт. Суоппарбы Миитэрэй Сивцев массыынатын туормаһа төлө бара турарын иһин, кэбиинэҕэ олорсон иһэр Маайаҕа туттаран тиийбит. Киэһэ билэр ыалбытыгар Маайа, мин, Иван Кандинскай уонна Миитэрэй  буолан түспүппүт. Аһыы олорон Маайабыт: «Айуу-айа, суолу быһа Миитэрэй сэбин туттаран, илиим дэлби ыарыйда», — диэтэ.  Миитэрэй өйдөөбөккө, кыыһыран тахсан барда. Иван Иванович түспүт ыалбытыгар быһааран биэрээччи буолла. Миитэрэй төннөн киириитигэр күлэн нэһиилэ кыатана олорбуппут. Ол курдук, Маайа көрүдьүөһэ элбэх буолааччы.

Иван Кандинскай култуура отделын сэбиэдиссэйинэн талыллан, мин кини оннугар режиссерунан анаммытым. Онон Мария Егоровналыын сибээспит быстыбатаҕа. И.Алексеев «Үс хатыҥ»,  И.Гоголев  «Хотугу сибэкки» пьесаларыгар оонньообута. Маайа күлэ-үөрэ сылдьар майгыта кыыһыгар Ирина Николаевнаҕа бэриллибит. Онон биһиги Иралыын олус тапсан дьүөгэлэспиппит. Кини эмиэ үчүгэйдик ыллыыр, хомустуур буолан, хас да сайын агитбиригээдэҕэ бииргэ сылдьыбыппыт. Маайа барахсан эдэр сааһыгар  олохтон туораабыта. Кинини  кыыһа Ира солбуйбута. Бырааттарын, аҕатын көрбүтэ-истибитэ.

Мария Егоровна элбэх оҕотун аһатан, бэрийэн, түүн 11 чааска бэлэмнэниигэ кэлэрин билигин да сөҕөбүн. Ол курдук, уус-уран туруорууларга кыттар баҕа, кэрэҕэ тардыһыы умсулҕана угуйар буоллаҕа.

Ити курдук, эбэм Мария Егоровна төһө да  кылгас олохтоннор, улууска уус-уран самодеятельность сайдыытыгар тус кылаатын киллэрсибитэ. Кини талаана сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэриллэн, үрдүк ситиһиилэрдээхтэр.

Марфа Петрова