“Мин бииргэ үүммүтүм” (Биһиги дойдубутугар үлэ-чиэс, Албан Аат уонна Геройство дьыалата)

“Дьоммун-сэргэбин, кэлэктииппин кытары бииргэ үүммүтүм”,  — диэбиттээҕэ биирдэ уу сахалыы номоҕон сэбэрэлээх дьахтар. Кини чанчыктарын аһын сааһыра барыы хаһыҥын тыына таарыйбыт, судургутук тараанан түүтэхтии бааммыт убаҕас суһуоҕун кырдьар саас кыраһа хаара күрэҥсиппит курдуга. Ол эрээри Мария Сергеевнаны эмээхсин диэҕи ол саҕана эрдэ соҕус этэ. Отучча сыл үлэлээбит тэрилтэтигэр өрүүтүн инники кэккэҕэ буолара. Кини иистэнэ олорорун көрдөхтөрүнэ, үксэ ыччат үлэлиир сыаҕар аҕа табаарыс, хомуньуус-настаабынньык аатын чиэстээхтик сүгэрин кытта билистэхтэринэ, кэлэктиибигэр туох-ханнык миэстэни ыларын өйдөрүгэр дьэ хатыыллара.

Маннык ис киирбэхтэр, сылаастык, ийэлии көрөн ылаллар биһиги ортобутугар билигин да үлүскэннээх үлэ үөһүгэр сылдьар эдьиийдэрбит, ийэлэрбит, эбэлэрбит. Кинилэр этэ дии бастакы колхуостар хоһуун кыргыттара, ол отутус сыллардааҕы кыһыл былааттаах хорсун комсомолкалар!

… 1942 сыл. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии фроннарыттан суостаах сурахтар кэлэллэр. Хааннаах өстөөх кимтэр кимэн иһэр. Ийэ дойдубут дьолун, инники кэскилин көмүскэһэ аҕалара буҕаалтыр идэлээх Трифон Иванович Кулаковскай саа-саадах тутан ыраах айаҥҥа аттаммыта. Кини сэтинньи ыйга Смоленскай куорат иһин кыргыһыыларга уодаһыннаах өстөөҕү утары дьоруойдуу охсуһа сылдьан сэрии толоонугар охтубутун туһунан биллэриини туппуттара…

Тоҕус кэргэҥҥэ үлэһиттэрэ диэн соҕотох ийэлэрэ М.С. Кулаковская эрэ этэ. Дьокуускайга “Холбос” илими өрөр фабрикатыгар үлэлээн уопсай кыайыыны уһансар. Сылайары умнан туран имигэс илиилэринэн таҥмыт илимнэринэн хоту дойду хорсун балыксыттара сүүһүнэн туонна кыһыл көмүс хатырыктааҕы бултаабыттара. Ол туонналар буомба, снаряд буоланнар уодаһыннаах фашист үөрүн үлтүрүтүспүттэрэ.

Мария Сергеевна уонунан сылларга үлэлээбит кэлэктиибин кытта “тэҥҥэ үүммүтүм” диэн этиэн эппитэ. 1947 сыл дойдутугар Чурапчыга тахсан “Кыһыл үлэ” промартельга иистэнньэҥинэн киирбитэ. Сэрии кэннинээҕи сылларга үс-түөрт эрэ итинник үлэһит баара. Тигэр таҥастара диэн үксэ оскуола оҕотун формата, телогрейка, эр киһи соно, көстүүмэ буолара. Саас кулун тутартан тыаҕа тахсан оттук мас кэрдиитигэр, сайынын кирпииччэ үктээһинигэр, арыт атах таҥаһын өрөмүөнүгэр үлэлиир этилэрэ. Оччотооҕу артыал анала, оҥорон таһаарар бородууксуйата оннук хайысхалааҕа.

Оттон кэлин олох-дьаһах оройуоннааҕы комбинатыгар киирбит киһи баһыттан-атаҕар диэри толору таҥнан тахсар кыахтаммыта. Атахтарыгар этэрбэс эгэлгэтин анньынар буолбуттара. Көстүүм, былаачыйа саамай аныгылыы моделлааҕын, талбыт сон күндү түүлээхтэн саҕалааҕын, биир оннук бэргэһэни сакаастыахтарын эрэ кэрэх этэ. Дьиэлээх-уоттаах дьон тэрилин арааһын оҥотторон ылаллара эмиэ көҥүллэммитэ. Ити үөрүүлэрин билиэхтэрин баҕардахтарына, баһаалыста, хаартыскаҕа түһэрэллэрэ. Өссө эбии баттахтарын оҥотторон уонна кэргэттэрин, дьоннорун ол түгэнинэн өссө биирдэ үөрдүөхтэрин санаатахтарына, кэрэ сибэкки дьөрбөтүн тутан бараллара. Чурапчытааҕы комбинакка итини барытын хааччыйар сыахтар, оннук идэлэр баар буола сылдьыбыттара.

“Аҥардас иистэнэр сыахпытыгар 40-тан тахсыабыт. Үчүгэйэ диэн үксэ анал үөрэхтээх ыччаттар үлэлииллэр, мотуор күүһүнэн барар массыынанан иистэнэллэр”, — диэн Мария Сергеевна ахтыбыттааҕа.

Кини иистэнньэҥ идэтэ диэн толору баһылаан, онно дьиҥнээх маастарынан ааттанарыгар көмө-тирэх буолбут кырдьаҕас хомуньууһу, бастакы дириэктэрин Дмитрий Сидорович Попову, ол сылларга биригэдьиирин Мария Христофоровна Доҕордуурабаны, уопуттаах иистэнньэҥи Елена Михайловна Борисованы, оробуочай кылаас бэрэссэдээтэлин аатын сүгэр, ССКП кэккэтигэр үүнэригэр төһүү буолбут, үгүс үтүөнү оҥорбут хомуньуустары – Марк Михайлович Соловьеву, Константин Фомич Петрову уонна Михаил Федосеевич Доҕордуурабы истиҥ махтал тылларынан ахтара.

Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, артыал биир бастакы стахановката Мария Кулаковская 1959 сыллахха чулуу суоппар Николай Акимович Дьяконовтыын коммунистическай үлэ удаарынньыктарын үрдүк аатын кэлэктиипкэ аан маҥнайгынан ылар чиэстэммиттэрэ. Үлэ бэтэрээнэ ити сылларга Өктөөп иннинээҕи вахтаҕа биир бастакынан тахсыбыта. Биэс сыллаах былааннарын болдьоҕун иннинэ толорбут 14 бастыҥ оробуочай ортотугар кини аата эмиэ баара: Мария Сергеевна онус, хаачыстыба пятилеткатын суотугар иистэнэр массыынатын үктээбитэ түөрт ыйтан ордубута.

Төһө да чааһынан кэмнэнэр лекцияны аахпатаҕын, бэсиэдэни ыыппатаҕын иннигэр кини ыччат эрэллээх настаабынньыгынан биллэрэ. Онно кини дьоһуннаах олоҕо, айымньылаах үлэтэ, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх кыттыыта эдэрдэргэ үтүө холобурунан буолаллара. Оттон Улуу Кыайыыны ситиһиигэ киллэрбит кылаатын иһин уонна ол кэрэ-бэлиэ даата үбүлүөйүнэй сыла туолуутунан сибээстээн ылбыт икки бырабыыталыстыба мэтээллэригэр, элбэх Бочуотунай грамоталарыгар киһи үөрэн, астынан туран эбэрэ биир суол баар. Ол Чурапчы сельсоветын исполкома үлэ бэтэрээнигэр Мария Кулаковскаяҕа сэлиэнньэ Бочуоттаах олохтооҕун аатын иҥэрбитэ буолар. Дьахталлар аан дойдутааҕы сылларыгар ити кырдьык да бочуоттаах ааты ылбыта, олоҕун тиһэх сылларыгар диэри, төһө да биэнсийэлээх дэттэр даҕаны матырыйаалынай уйгу-быйаҥы уһансыбыт, эдэр көлүөнэни коммунизм тыыныгар иитиигэ үтүөлээх-өҥөлөөх кырдьаҕас оробуочайга, амарах сүрэхтээх ийэҕэ, тапталлаах эбэҕэ сүһүөхтүүн сүгүрүйүөҕү баҕарыллар.

 

Сэмэн Жендринскэй