Бу күннэргэ саҥа Саха сирин сайдыытыгар, өрөспүүбүлүкэбит бары норуоттарын, ордук сахабыт норуота, инники кэскилигэр тугунан да кэмнэммэт сүдү үтүөлээх маҥнайгы бэрэсидьиэммитин Михаил Ефимович Николаевы тиһэх суолугар атаардыбыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн түөрт суукка кутурҕан күннэрэ биллэриллэн кини туһунан араадьыйа, тэлэбиидэнньэ, бэчээт бары көрүҥнэринэн элбэхтэ кэпсэннэ, көрдөрүлүннэ. Атырдьах ыйын 7 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан киэһэ 8 чааска диэри тохтоло суох Опера уонна балет тыйаатырыгар, быһа эпииринэн Михаил Ефимовиһы кытта норуот бырастыылаһыытын сиэрэ-туома ыытылынна. Уон чаас устата тохтообокко тыһыынчанан дьон кини үрдүк аатыгар сүгүрүйэн, махтанан, бырастыылаһан аастылар. Үгүс киһи, үрдүк салайааччылартан саҕалаан көннөрү үлэһит дьонугар тиийэ, олус долгуйан, ис сүрэхтэриттэн истиҥ махтал тылларын эттилэр.
Мин эмиэ онно Чурапчым улууһун дьонун-сэргэтин уонна тус бэйэм ааппыттан кутурҕаммын тиэртим уонна ордук Михаил Ефимович Чурапчы оройуонугар оҥорбут үтүөлэригэр махталбын биллэрдим.
Үгүстэр, ордук эдэр ыччат, бу күннэргэ маҥнайгы бэрэсидьиэммит туһунан элбэх саҥаны билэн, кинини ытыктыырбыт өссө күүһүрдэ.
Үгүс дьон этэринэн, саха омугун туһугар олохторун толук уурбут улуу убайдарбыт Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов кэккэлэригэр бииргэ турар, саха дьолугар төрөөбүт улуу киһинэн ааҕарбыт саамай сөп. Кырдьык, Михаил Ефимович бэйэтин өрөспүүбүлүкэтин, сахатын омугун туһугар олус да элбэх үлэни ыыппыт, үтүөнү оҥорбут!
Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн уонна 8 сыл СӨ бэрэсидьиэнинэн үлэлиир кэмнэригэр 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр оччолорго РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Б.Н.Ельциҥҥэ ыыппыт историческай суолталаах телеграмматыгар бу күнтэн Саха сирэ гохраҥҥа, Минфиҥҥэ алмааһы, көмүһү ыытарын тохтотор, Арассыыйа уонна СӨ сыһыаннаһыыларын туһунан дуогабары оҥорууну түргэтэтэр туһунан туруорсубут.
Сотору кэминэн Б.Н.Ельцин уонна М.Е. Николаев Арассыыйа уонна СӨ сыһыаннаһыыларын, суверенитет туһунан дуогабарга илии баттаабыттар. Ол түмүгэр Саха сирэ хостоммут алмаастан, кыһыл көмүстэн уо.д.а. сир баайыттан кырата суох %-ны бэйэтигэр хаалларар бырааптанан өрөспүүбүлүкэҕэ үп бөҕө киирэр. Ол түмүгэр үп-ас тиийбэт кыһарҕаннаах 1990-нус сылларга Мэдиссиинэ киинэ, «Туймаада» стадион, Саха тыйаатыра, Муусука үрдүкү оскуолатыгар анаан Канадскай дэриэбинэ, үҥкүү колледжын, саҥа циркэ дьиэлэрэ, «Лена-Туора Күөл», «Лена-Мүрү» баараҕай уу турбаларын ситимнэрэ уо.д.а. тутуулар ыытыллаллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ саҥа төрүт сокуону ылынар, саҥа былааҕын, гербэтин бигэргэтэр, саха култууратын, төрүт үгэстэрин сөргөхсүтүүгэ үгүс үлэ барар.
Умнулла быһыытыйбыт олоҥхобут, оһуохайбыт тиллэр, оскуолаларга саха тылын уруоктара эбиллэр, төрүт култуура чаастара баар буолаллар. Арктика култууратын үнүстүүтэ, Муусука үрдүкү оскуолата, үҥкүү коллеһа аһыллаллар, 1996 сылтан киэҥник тэнийбит «Азия оҕолорун оонньуулара» ыытыллаллар, ирбэт тоҥноох дойдуга маҥнайгы циркэ үлэтин саҕалыыр уонна да атын дьоһун тэрээһиннэр буолаллар.
Арассыыйаҕа ханна да суох оҕолору Арассыыйа иһигэр, тас дойдуларга тиийэ таһааран үөрэттэрэр, каадырдары аттаран туруорар олус туһалаах департамент үлэлиир. Киин сиртэн 8 сыл эрдэлээн биэнсийэ пуондата тэриллэр, онтон да атын үгүс саҥаны киллэрии буолбута. Бу барыта Михаил Ефимович көҕүлээһининэн, тэрээһининэн уустук кэмҥэ үбү-харчыны сөптөөхтүк тыырыы түмүгэр ситиһиллэр.
Маны сэргэ Михаил Ефимович сэрии иннигэр-кэннигэр репрессияламмыт дьоммут чиэстээх ааттарын чөлүгэр түһэриигэ, биһиги Чурапчы 41 колхуоһун күүс өттүнэн көһөрүү дьыалаларын көннөрүүгэ суолтата олус улахан.
Ол туһунан оччолорго киниэхэ көмөлөһөөччүнэн үлэлээбит Данилов диэн юрист манныгы кэпсиир: -Биирдэ Б.Н.Ельцин Саха сиригэр кэлэ сылдьан Михаил Ефимовичтан: «Эн сахаҥ норуотун туһугар тугу көрдөһөҕүн?»,-диэн ыйыппыт. Онуоха кини сымыйа дьыалаҕа репрессияламмыт дьоммут ааттарын чөлүгэр түһэрэргэ көрдөспүт. Ол кэнниттэн В.Н.Иванов, Е.Е.Алексеев диэн биллэр учуонайдары Москваҕа ыытан, сыл аҥара дьыаланы хастарбыт. Ол түмүгүнэн туруорсуу суругу ыыппыт. Кэлин, арай биирдэ Михаил Ефимович тыйаатырга улахан мунньахха тыл этэ турдаҕына, көмөлөһөөччүтэ (Данилов) киниэхэ Москваттан кэлбит пакеты киллэрэн биэрбит. Онуоха Михаил Ефимович тута кыптыыйынан кырыттаран, астаран баран ааҕан барбыт. Онтуката Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Саха сириттэн сыыһа репрессияламмыт дьон ааттарын чөлүгэр түһэрии туһунан укааһа үһү. Онуоха саалаҕа олорор дьон олус үөрэн, долгуйан сыанаҕа тахсан кинини төгүрүйэн туран, өрүтэ анньа сатаабыттар, устунан оһуохайдаан барбыттар.
Онтон оройуоннаҕы сэбиэт партия обкомугар Хоту Көһөрүллүү дьыалатын көннөрөр туһунан көрдөһүү түһэрбиттэригэр аккаастаабыттар. Ол иһин дьыаланы оччолорго Үрдүкү Сэбиэккэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Михаил Николаевка ыыппыттар. Онуоха Михаил Ефимович дьыаланы “хаамтаран”, оччотооҕу уураах сыыһатын билинэн, анал уураах тахсан, биһиги эрэй-муҥ, өлүү-сүтүү бөҕөнү көрсүбүт 2 тыһ тахса дьоммут дьыалалара көммүтэ, араас көмө, кинилэргэ аналлаах улахан өйдөбүнньүк оҥоһуллубута, анал мусуой тэриллибитэ.
Михаил Ефимович сойуус саҕана биһиги Чурапчыттан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта, биһиги оройуоҥҥа элбэхтэ кэлэ сылдьара, сүбэлиирэ, көмөлөһөрө. Холобур, Арассыыйа тыатын сиригэр суох Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт үнүстүүтэ тутуллар олугун оҥорбута.
Михаил Ефимович Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа киэҥник биллэрэ, аптарытыаттааҕа. Ол туоһутунан кини Англия королеватын, АХШ Бэрэсидьиэнэ Джордж Буш – старшайы, Кытай уонна хас да дойдулар бастакы салайааччыларын кытта сирэй көрсөн кэпсэппитэ улаханы этэр.Бу биһиги маҥнайгы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев улахан таһымнааҕын, билиилээҕин, киэҥ ыырдааҕын, толуутун туоһута буолар.
Михаил Ефимович Николаев үйэлэр кирбиилэригэр Үөһэ Айыылартан ананан кэлбит курдук саҥа Саха сирин инники сайдыытын түстээбит, сахалар омук быһыытынан киэҥник биллэрбитигэр, бары өттүнэн тахсарбытыгар улахан олугу уурбут, үйэлэргэ умнуллубуат киһибитинэн, духуобунай лидербитинэн буолар.
Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун баһылыга