Николай Михайлович Протодьяконов сэриилэһэр армияҕа 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта уонна нөҥүө сыл от ыйыгар кыргыс хонуутугар киирбитэ.
- Биһиги, 120-чэ киһи, оборуонаҕа сыппыппыт, — диэн кэпсээбиттээҕэ оччотооҕуга Дириҥ бөһүөлэгэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор 62 саастаах бэтэрээн. – Биирдэ өстөөх сарсыарда эрдэттэн күн ортото ааһыар диэри тохтообокко буомбалаабыта. Үгүспүт өлөн, бааһыран ытыалаһарбыт аҕыйаабыта. Ол кэмҥэ немецтэр турбутунан киирэн иһэллэрин көрбүтүм. Тиийбитим – хамандыырым үс саллааты кытары бааһыран сыталлар эбит. “Атын ханнык да кыах суох, пулемету ылан ытыалаа, оборуонаны тут” диэтэ. Ол иннинэ пулемету үлэлэппэтэх киһи этим. Онон бастаан үөһээнэн типтэрбитим. Кэнники улам лаппыйан өстөөҕү күөрэ-лаҥкы ыыппытым. Фашистар чугуйбуттара. Ол эрээри сотору, эмиэ кимэн киирбиттэрэ. Ону төттөрү охсубутум кэннэ эбии күүс кэлэн, миигин сынньалаҥҥа таһаарбыттара.
Ити курдук кыргыһа сылдьан Николай Михайлович буутугар бааһырбыта. 1943 сыл ахсынньыга кыргыһыыга иккиһин киирбитэ. Днепрга чугаһаан иһэр биһиги чааспыт өстөөх күүстээх хардары кимэн киириитигэр түбэспитэ. Кыырыктаах охсуһуу икки түүннээх күн салҕанан барбыта. Онно төбөтүгэр бааһыран 1944 сыл олунньуга диэри госпитальга сыппыта. Фроҥҥа үсүһүн киириитигэр Симферополь куораты босхолоспута. Муус устарга өстөөҕү кытары тутуһан туран охсуһууга аны иһигэр бааһырбыта. 1944 сыл ыам ыйыгар кыргыһыы хонуутугар төрдүһүн төннүбүтэ. Хорсун гвардеец этэҥҥэ сылдьан Польша куораттарыттан Хольму, Люблины, Родому, Лодзины о.д.а. босхолоспута. Одер өрүс уҥуор плацдармы ылар иһин суостаах кыргыһыыга кыттыбыта, өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар үлтү сынньыспыта уонна Кыайыыны Шпрее өрүскэ көрсүбүтэ.
1945 сыл сэтинньигэ Николай Михайлович төрөөбүт-үөскээбит Хоптоҕотугар эргиллэн кэлбитэ. Сотору сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Ол кэмҥэ Хоптоҕоҕо оройуоҥҥа бастакы электростанция үлэҕэ кэлбитэ. Онон салгыы хас да сыл болуотунньуктаан бөһүөлэккэ улахан тутуулары сандаардыспыта. Аны Таатта үрэҕэр быһыт тутуутун салайбыта.
Николай Протодьяконов ити курдук сэриигэ даҕаны, үлэҕэ даҕаны мэлдьи инники кэккэҕэ сылдьыбыта.
М.Федосеев
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй