Майаҕа, Мындаҕаайыттан Никита Мохначевскай эһэтин, эбэтин кытары хаарынан оҥоһуга анал наҕараадаҕа тигистэ

Бу күннэргэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр сандал сааһы көрсө хаар оҥоһуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан куонкурус буолла.

Ол курдук, олунньу 24-25 күннэригэр Майаҕа “Дьоллоох оҕо саас” диэн хаар оҥоһуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы аһаҕас куонкурус олохтоох дьаһалта көҕүлээһинэн тэрилиннэ.

Куонкуруска Муома, Таатта, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кыттааччылар күрэхтэһэ кэлбиттэр. “Чурапчы талаана – дьонугар” дииллэринии, бу кэмҥэ Мындаҕаайыттан дьонугар тиийэн, Төхтүргэ үөрэнэ сылдьар Никита Мохначевскай хаар оҥоһугу эһэтин уонна эбэтин кытары оҥороннор дьону улаханнык сөхтөрдүлэр.

Уопсай түмүккэ, Дьокуускайтан Васильевтар “Шрек дьиэ-кэргэнинээн” диэн ааттаах оҥоһуктара бастакы миэстэни ылла.

“Райя и последний дракон” диэн Майаттан Петуховтар дьиэ кэргэн хаар оҥоһуктара иккис миэстэҕэ тиксэннэр улаханнык үөрдүлэр.

Онтон үһүс бочуоттаах миэстэни “Как укротить дракона” диэн ааттаах оҥоһук ылла, сүрүн ааптаынанр — Нам улууһуттан Аргуновтар дьиэ-кэргэн буоллулар.

Оттон Майа-Мындаҕаайы холбоһуктаах Никита, Иван, Розалия Мохначевскайдар “Саха” НКИХ анал бирииһин 10 000 солк сертификатынан бириэмийэлэннилэр.

 

Сэмэн Жендринскэй