Кыыс оҕону иитиигэ Чурапчыттан исписэлиис сүбэлэрэ

Былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри, омугуттан тутулуга суох, оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии ураты болҕомтоҕо ууруллар. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, үөрэтии бүтүн омук дьылҕатын быһаарар сүдү суолталалаах. Ол иһин оҕону иитиигэ болҕомто ууруллуоҕун ууруллар.

Оҕону иитии кыһалҕалара  хайа баҕарар кэмҥэ баар буолаллар. Билиҥҥи кэмҥэ олох балысханнык сайдар кэмигэр, төрөппүт оҕотугар болҕомто уурара аҕыйаата. Төрөппүт оҕотун кытта истиҥ, аһаҕас сыһыана, таптала, сүбэтэ-амата оҕону кытта сыһыаныгар, иитиитигэр сүрүн олук буоларын өйдүүр наада. Билигин айылҕаттан тэйии, айылҕаҕа сиэри-туому тутуһан сылдьыы, айылҕаны харыстааһын өйдөбүллэрэ намтаатылар. Төрөөбүт тылбыт сүтэр кутталлаах, оҕо-ыччат төрөөбүт тылынан кэпсэтэрэ, ыраастык саҥарара аччаата. Төрөппүт оҕону иитиигэ болҕомтото тиийбэт буолла. Оҕо киһи быһыытынан иитиллиитэ, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиллэр. Төрөппүт оҕо сынньалаҥын уонна иллэҥ бириэмэтин хонтуруоллуохтаах, тэрийиэхтээх, көмөлөһүөхтээх.

Дьиэ кэргэн иитэр үөрэхтэрин толору туһанарга өй-санаа түмүллэрэ буолла. Оҕону сайыннарарга саҥа көрдөөһүннэр, ирдэбиллэр тураллар. Кыратыттан оҕо бэйэтин кыана туттунара, күүстээх санаатын бөҕөргөтүнэрэ, инники олоҕор туһалааҕын, кэскиллээҕин бэлиэтииллэр. Этнопедагог  К.С.Чиряев бу туһунан суруйбута: “Бэйэни ииттинии – эрэллээх суол” диэн. Оҕо бэйэтин кыаҕын арынан, уопсастыбаҕа туһалаах киһи буолан тахсарыгар болҕомто ууруллар. Оҕону иитиигэ норуот педагогикатын туһанар тоҕоостоох.

Былыр өбүгэлэрбит оҕону кыыһы кыыстыы, уолу уоллуу иитиигэ сүрүн болҕомтону уураллара. Төрөппүт оҕотун бэйэтин тус холобурунан, үлэҕэ сыһыаран улаатыннарара, ыал буоларга бигэ тирэхтээх ыччаты иитэн таһаараллара.

Хас биирдии көлүөнэ олох уларыйыытыгар, сайдыытыгар, түһүүтүгэр олоҕун өйө-санаата, толкуйа, олоҕу көрүүтэ уларыйан истэҕэ. Билигин 21 үйэ оҕолоро цифровой хайысха балысханнык сайдыбыт кэмигэр, кинилэри билим үөрэхтээхтэр “Z” көлүөнэ диэн ааттыыллар. Ол аата, цифровой технологияны кытары ыкса ситимнээх көлүөнэ.

Былыр, кэрэ кыыс сэмэй бэйэтэ, уолан уол ыраас санаата олоҥхоҕо туойуллара, сэһэҥҥэ тиһиллэрэ. Билигин уолун да, кыыһын да тас көрүҥнэринэн улаханнык араарбат үйэ кэллэ.

 

Саха омук кыыс оҕо кэрэтин уруйдаан, кэрэхсээн, сүгүрүйэн, былыр-былыргыттан ырыаҕа ыллаабыт, хоһооҥҥо хоһуйбут, номоххо киллэрбит.

Саха кыыһа нарын-намчы, киэҥ көҕүстээх, сэмэй, тулуурдаах буоларыгар төрөппүт кыһаныахтаах.  Кыыс оҕо-кэскил кэрэһитэ буолар аналлаах. Ол аналын толорор иэстээҕин кыра эрдэҕиттэн өйдүү улаатыахтаах. Билиҥҥи үйэҕэ көлүөнэ өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн ураты. Ийэ кыыһыгар чугас сүбэһит, дьүөгэлии истиҥ, аһаҕас сыһыаннаах буолуохтаах. Ийэ кыыһын үчүгэй эрэ холобурунан, көрсүө-сэмэй майгытынан иитиэхтээх. “Ыал-ийэтинэн” диэн өйдөбүл дириҥ ис хоһоонноох. Онон кыыс оҕону ыал ийэтэ буоларыгар бэлэмнээх иитии саха омук биир улахан соруга буолар. Сахалар кыыһы тас көстүүтүнэн, сиэринэн-майгытынан, өйүнэн, тылынан-өһүнэн, болҕомтолооҕунан, дьоҕурунан, дьиэни-хаһаайыстыбаны хайдах тутарынан, ийэ буолуутун сылыктаан, төрдүнэн-ууһунан сыаналыыллара. Сахалар кыыс сайдар, майгыта-сигилитэ уларыйар кэмнэрин саастарынан  араараллар: уу кыһыл оҕо, эмньик саас (1-2 саас),улдьаа мэник саас (8-10-гар диэри), сырбай-татай саас- көрүнэр, киэргэнэр кэмэ (16 диэри), куо мэтэкэ саас- симэнэр, элбэх санааланар (16-17 саас), оттомуруу, түспэтийии сааһа (18-19 саҕалаан).

Онон кыыс оҕону аналынан иитии олохпут укулаатын сайдыытыгар биир сүрүн тирэх буоларын өйдөөн, төрөппүт болҕомто уурара наада.

Мария Баина