Кыылы иитээччи МАРИЯ РОДИОНОВНА НЕУСТРОЕВА (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Оройуоҥҥа кырымахтаах хара саһыл фермалара тэриллибиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буолбуттара. Ити кэмҥэ хаһаайыстыба бу барыстаах салаатын балачча баһылаабыт элбэх үлэһиттэр үүммүттэрэ. Кинилэртэн биирдэстэринэн Субуруускай аатынан сопхуос Хатылытааҕы отделениетын кыылы иитээччитэ Мария Неустроева буолар.

Саһылы тыыннаах иитиигэ, ийэ саһылтан төрүөҕү ылыыга, судаарыстыбаҕа бастыҥ хаачыстыбалаах тириини туттарыыга кини тохсус пятилетка түөрт бастакы сылларыгар ордук үчүгэй көрдөрүүлэммитэ. Уопуттаах үлэһит биэс сылга барыта 626 саһыл оҕотун ылар былааннааҕын 90 төбөнөн аһарарга үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэни ылыммыта. Ону, аны 85 оҕону ылан, болдьоҕун иннинэ толорор кыахтаммыта.

Мария Родионовна оройуон чөмпүйүөн кыылы иитээччитин аатын өссө 1972 сыллаахха ылбыта. Эһиилгитигэр хас биирдии ийэ саһылтан 3,47 оҕону иитэн ити үрдүк аатын өссө төгүл бигэргэппитэ. Ити көрдөрүү оройуон орто сыыппаратыттан 1,27 үрдүк этэ.

Пятилетка төрдүс, тутаах сылыгар Мария Неустроева сыһыарыллыбыт саһылларын биир да энчирэппэккэ тыыннаах ииппитэ, хас биирдии саһылтан ортотунан 3,74 оҕону ылбыта. Онон, 1973 сыллааҕы көрдөрүүтүн өссө тупсаран, үһүс төгүлүн оройуон чөмпүйүөн-рекордсмен кыылы иитээччитин аатын ылар чиэстэммитэ. Кини ити ситиһиитэ оройуон орто көрдөрүүтүттэн 1,23 ордук этэ.

Чулуу кыылы иитээччи ССКП Киин Кэмитиэтин баартыйаҕа, Сэбиэскэй норуокка Ыҥырыытыгар хардаран, пятилетка түмүктээһиннээх дьылыгар 175 саһыл оҕотун иитэргэ, онон пятилеткатааҕы сорудаҕын 90 оҕонон аһарарга соруктаммыта. Ити кирбиини ылан, кини 1974 сыллаахха 9900 солкуобайдаах “сымнаҕас кыһыл көмүһү” туттарбыта.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй