81 сыл аннараа өттүгэр, 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213 №-дээх Саха Обкомун уонна Совнаркомун уураахтарынан, Чурапчы оройуонун 41 колхуостарын хоту оройуоннарга Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ балык булдугар үлэлэтэр, күүс өттүнэн көһөрөр туһунан ыар ыйаах тахсыбыта. Бу олус соһумар дьаһалы толорорго үс күнү биэрбиттэрэ. Чурапчы алдьархайын хас биирдии Чурапчы улууһун олохтооҕо умнуо суохтаах.
Биһиги биир дойдулаахтарбытын, эһэлэрбитин, эбэлэрбитин кэриэстээн 2004 сылтан саҕалаан, балаҕан ыйын 19 күнэ — Чурапчы улууһугар кэриэстэбил, кутурҕан биллэриллэн, сыл ахсын биһиги нэһилиэкпитигэр кэриэстэбил миитинэ ыытыллар. Кытаанах нэһилиэгиттэн: “Күүһү түмүү”, “Ярославскай”, “Чкалов”, “Кыһыл иитиэх”, “Кыһыл сэрииһит”, Танда-Бахсы нэһилиэгиттэн: “Каганович”, “Кыһыл Танда” колхуостар Булуҥ оройуонугар көһөрүллүбүттэрэ. Уопсайа холбоон 759 киһи, ол иһигэр 390 кыра оҕо, 366 хаһаайыстыба барбыта. Хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар аналлаах, кинилэри үйэтитэр, үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах бөһүөлэкпит искибиэригэр “Ааттара хайаан да ахтыллыахтаах” кэриэстэбил миитин, быйыл балаҕан ыйын 20 күнүгэр буолла. Бары нэһилиэгинэн мустан, көһөрүллүү кыттыылаахтарын ахтабыт-саныыбыт, курутуйан туран кэриэстиибит. Биһиги кылааспыт салайааччыта Татьяна Борисова ийэтин Ермолаева Ирина Васильевна, бииргэ үөрэнэр табаарыспыт Витя Гоголев, эһэтин Скрябин Павел Николаевич көһүүгэ сылдьыбыттарын туһунан ахтыы онордулар. Билигин Кытаанах нэһилиэгэр үс хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа олорор. Кинилэр кыттыылаах искибиэр иһигэр мас олортубут.
Ону таһынан “Көһөрүллүү оҕо хараҕынан” уруһуй быыстапката тэриллибитэ. “Мас көлүөһэ кыыкынас ынчыга” олохтоох бибилэтиэкэ көҕүлээһиниэн кинигэ быыстапката туруорулунна. Киэһэ 20 чаастан биир дойдулаахтарбыт сырдык кэриэстэригэр анаан “Өйдөбүнньүк чүмэчи” уурулунна.
Итини сэргэ саас аайы оҕолор, төрөппүттэр күргүөмүнэн кэлэн искибиэрбитигэр сибэкки олордобут. Сайынын оскуола үөрэнээччилэрин сылаас илиилэринэн бүөбэйдэммит кэрэчээн сибэккилэр үүнэллэр.
Чурапчы алдьархайа, биһиги чурапчылар баарбыт тухары хаһан даҕаны умнуллуо суоҕа.
Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй