Кытаанах үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ күннээтилэр

Олунньу 10 күнүгэр, Чурапчы улууһун Улахан-Күөл учаастагар Афанасий Акимович Макаров аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Макаровскай ааҕыылар” буолан аастылар. Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатыттан 22 үөрэнээччи тиийэн кыттыыны ылла.

Кэмпириэнсийэҕэ 9 сиэксийэнэн, уопсайа холбоон 261 үөрэнээччи Чурапчыттан уонна да атын улуустартан көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук Тааттаттан, Томпоттон, Дьокуускайтан элбэх кыттааччы кэлбит. “Биһиги оҕолорбут араас хайысханан кыттан ситиһии сиэтиилээх, үөрүү аргыстаах кэллибит.

Начаалынай кылаас үөрэнээччилэрэ Уйгулаана Суздалова,Эльвира Гоголева, Сахаайа Потапова, Ева Бобиченко, орто сүһүөх кылаастарга: Сидоров Сандал, Суздалов Эрхан, Дьяконова Наина, Коркина Күннэй уонна улахан кылаас үөрэнээччилэригэр Дьячковская Виталина, Борисова Кыыдаана, Собакин Ньургун, Пономарев Тимур, Гоголев Витя миэстэлэри, номинациялары ылары ситистилэр. Инникитин оҕолорбутугар, салайааччыларыгар өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт”, — диэн Кытаанах орто оскуолатын учуутала Лена Терютина иһитиннэрдэ.

 

Сэмэн Жендринскэй