Алаас аҕыйах ыала күүстэрин холбоон хаһаайыстыба тэринэн көҥүл үлэ бастакы сухатын суолун түһэрэллэрин саҕана оҕус сиэппит, даадар суханы туппут Петр уол кэлин кыаҕырбыт, бөҕөргөөбүт төрөөбүт колхуоһун дуулаҕа үлэһитэ буолбута.
Кини “Амма” сопхуос быйаҥнаах бааһыналарыгар 16 саастааҕар бурдук хомуйсубута. Кыайыгас-хотугас комсомолец уол аныгы үйэ модун тиэхэньикэтин тыраахтыр уруулун тутар кыахтаммыта. Кырыс сири тиэрэ уурдарар, бурдук өлгөм үүнүүтүн ылар үөрүүтүн онно билбитэ.
Дойдутугар Чурапчыга тэриллибит МТС-ка тыраахтыр диэн тугун-ханныгын билбит комсомолеһы үөрүүнэн үлэҕэ ылбыттара. Дьэ итинтэн ылата Петр Романович Сергеев оччотооҕу колхуостарга тыа солоон бааһына сирин кэҥэтиспитэ, молотилканы состоро сылдьан кылааттаах бурдугу астаппыта.
Билиҥҥигэ холоотоххо суол-иис кыараҕас, оттон тыраахтырын кыаҕа биир соччонон намыһах эрдэҕинэ – сэрии иннинэ уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар ордук үлүһүйэн үлэлээбитэ. Онтон кэлин колхуостар бөдөҥсүйбүттэрин, тиэхэньикэ арааһынан сэбилэммит кэмнэригэр, кырдьык да улахан кыамталаах, үлэлииргэ уонна үлэлэтэргэ наһаа табыгас оҥоһуулаах эҥинэ бэйэлээх тыраахтырдары оҕус гынан көлүйбүтэ, ат гынан миинньибитэ.
Оттук уонна тутуу маһын тыаттан собуостааһын, миэстэҕэ киллэрии, сир оҥоһуута, ыраах-чугас сирдэринэн ол-бу наадалааҕы таһыы – ити барыта Петр Романович күннээҕи үлэтинэн-хамнаһынан буолбуттара. Кини уопсастыбаннай сүөһү аһылыгын соҕотуопкалааһын курдук эппиэттээх үлэҕэ тиэхэньикэ күүһүн толору туһанарга бэркэ сыралаһан кыттыбыта. Ыраах Халааны үрэҕэр киирэн “ДТ-75” тыраахтырынан от кэбистэрэн тахсар сыллардаах этэ.
Оттон Эрилик Эристиин аатынан сопхуос бөдөҥ фермаларыгар уһун кыһыны быһа от таһыытын эмиэ Петр Романовичка сүктэрэллэрэ. Онно даҕаны кини үгэһинэн хайҕал үрдүгэр сылдьар гына үлэлээбитэ. Итиниэхэ кини үтүө, сэмэй майгытын, үгүс сылларга мунньуммут үөрүйэҕэр үтүмэн эдэр механизатордары уһуйбутун ахтар хайаан да наадалаах.
Кэргэнэ Мавра эмиэ үлэһит үтүөтэ дэппит, Хоптоҕо нэһилиэгин биир ытыктанар дьахтара этэ. Кинилэр биэс оҕоломмуттара, олортон сорохторо үөрэхтэнэн, кэргэннэнэн туспа ыал, бэйэлэрэ үлэһит буолбут дьон. Оҕолор үлэһит дьонтон-төрөппүттэртэн элбэх кэрэҕэ, үтүөҕэ үөрэнэннэр, кырдьык да ийэлээх-аҕаларын туйахтарын хатарбыттара.
40-тан тахса сыл тыраахтырын уруулугар сылдьыбыт кырдьаҕас механизатор Петр Сергеев үлэтин чүөмчүтэ элбэх. Бочуотунай грамоталарынан, бириэмийэлэринэн бэлиэтэммитэ. Петр Романович бочуоттаах сынньалаҥҥа да сылдьан, хараҕа сытыы этэ, олоҕун тиһэх сылларыгар диэри илиитин эрчиминэн уонна бар-дьонун кытары тэҥҥэ көхтөөх куоталаһыыларга киирсэр түбүгэр сылдьыбыта.
Сэмэн Жендринскэй