Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыыннаах куhунан сааскы бултааhыҥҥа көҥүл чугаhаабытынан, кусчуттар манныгы тутуhаллара ирдэнэр:
— Саа хаhаайына бэйэтин бас билэр саатын (докумуоннаах саатын) олорор аадырыhыгар туох баар ирдэбиллэри тутуhан, туора дьон көрбөт сиригэр – тимир сиэйпэ иһигэр туруоруохтаах, ону тэҥэ саа уонна ботуруоннар тус-туспа туруохтаахтар.
— Сааһыт бултуур сиригэр ханнык баҕар көрүҥнээх тырааныспарынан барарыгар уотунан эстэр саатын анал чехолга илдьэ сылдьыахтаах. Маныаха саа иитиитэ суох буолуохтаах, ботуруоннара сааттан туспа сылдьыахтаахтар. Өскөтүн, саа анал чехола суох, эбэтэр чехол иһигэр иитиилээх сылдьар түгэнигэр, саа хаһаайына административнай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 20.12 КоАП РФ);
— Саа хаһаайына өскөтүн саатын көҥүлүн болдьоҕо (РОХа – разрешение на хранение и ношение оружия) бүппүт түгэнигэр, туттара, дьиэтигэр туруорара да көҥүллэммэт. Бэрэбиэркэ кэмигэр саа хаһаайына административнай эппиэтинэскэ тардыллар уонна саата былдьаныллар (ст. 20.11, 20.8 КоАП РФ). Оннук түбэлтэ тахсыбатын туһугар, хаhаайын саатын көҥүлэ бүтүөн иннинэ хаhан баҕарар болдьоҕун уhатарыгар сайабылыанньа (докумуон) биэрэрэ булгуччулаах. Онуоха көҥүлэ бүтүө биир ый иннинэ Росгвардия салалтатын иhинэн Чурапчы оройуонун лицензионнай-көҥүллүүр үлэ отделениетыгар кэлэн болдьоҕун уhатара булгуччулаах (холобура: — саа докумуона 10.06.2024с. бутэр буоллаҕына, саа докумуонун 10.05.2024с. диэри туттарыахтааххыт, ол эбэтэр биир ыйын хойутаппакка, хаhан баҕарар туттарыахха сөп). Аадырыспыт: Чурапчы сэл. Крупская аатынан уул. 3 “а” №-дээх дьиэтэ, 28 №-дээх кабинет;
— Кусчут бултуур кэмигэр сааны илдьэ, уура, харайа сылдьыы быраабылаларын, ирдэбиллэрин тутуһуохтаах. Ол курдук, дурдаҕа (сэhээккэҕэ) киирэн баран биирдэ саатын чехолтан хостуохтаах, бултаан бүттэ да, ботуруоннарын саатыттан хостуохтаах, иитиилээх да, иитиитэ суох да саатын дьон диэки туһаайара көҥүллэммэт. Массыынаттан эбэтэр тыыттан (лодкаттан) саатын ыларыгар утары өттүттэн ылбакка, туораттан ылыахтаах, дурдаттан саатын ыларыгар төһө да сааттан ботуруонун ылбытын иһин, эмиэ утары ылыа суохтаах. Хомойуох иhин, бу үөhээ ыйыллыбыт быраабылалары тутуспакка, Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн сыл аайы сааттан дьон дэҥнэниитэ, араас быhылааннар тахса тураллар;
— Булчут сааланар кэмигэр ханнык да түгэҥҥэ бас билэр (гладкоствольнай, нарезной) сааларын туора дьон билиитигэр, туора дьоҥҥо уларсара, биэрэрэ көҥүллэммэт. Ону тэҥэ онно-манна кистээн хаалларбакка, бэйэтин кытта илдьэ сылдьыахтаах. Бэрэбиэркэ кэмигэр итинник түбэлтэҕэ саалары полиция эбэтэр охотнадзор сотрудниктара ылаллар. Бу түгэҥҥэ саа хаһаайыныгар уонна илдьэ сылдьыбыт киhиэхэ административнай боротокуол туолар (ст. 20.8 ч. 4, 20.10 КоАП РФ) эбэтэр холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп (ст. 222 УК РФ);
— Өскөтүн бэрэбиэркэ кэмигэр, булчут арыгы испит туруктаах уотунан эстэр саатын илдьэ сылдьан түбэһэр түгэнигэр административнай эппиэтинэскэ тардыллар. Бу түгэҥҥэ ыстарааптанар, саата утилизацияҕа да барыан сөп (ст. 20.8 ч. 4.1 КоАП РФ);
— Булт сезона бүппүтүн кэнниттэн, хаһаайын саатын ампаарга, күүлэҕэ, ыскаапка уо.д.а. сиргэ уурара көҥүллэммэт, тута сиэйпэтигэр угара булгуччулаах. Өскөтүн уотунан эстэр саата бэрэбиэркэ кэмигэр сиэйпэ таһыгар турар түгэнигэр, административнай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 20.8 ч. 4 КоАП РФ). Хомойуох иһин, сааһыттар бултаан кэлэн баран, дьиэлэригэр сааларын онно-манна ууран кэбиһэр түгэннэрэ элбэх, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор онон оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин дэҥниир быһылааннара тахса турар. Маннык быһылаан буолар түгэнигэр саа хаһаайына холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 224 ч. 1 УК РФ — небрежное хранение огнестрельного оружия, создавшее условия для его использования другим лицом, если это повлекло смерть человека или иные тяжкие последствия) уонна инникитин сааланар бырааба быһыллар.
— Докумуона суох сааны, ол эбэтэр булан ылбыт, туора дьон биэрбит эбэтэр бэйэ икки ардыгар докумуона суох атыыламмыт, урукку докумуона суох эhэтиттэн, аҕатыттан хаалбыт сааларын дьиэлэригэр туруораллара да, бултуу бараллара да көҥүллэммэт, ону таhынан ботуруону бэйэ икки ардыгар батарар, ол эбэтэр бэлэх биэрии эмиэ көҥүллэммэт (незаконное хранение, передача, сбытогнетсрельного оружия и патронов к нему), оннук сааны тута Росгвардия салалтатын иhинэн Чурапчы оройуонун лицензионнай-көҥүллүүр үлэ отделениетыгар эбэтэр Чурапчытааҕы ИДЬМ отделыгар кэлэн туттараллара булгуччулаах. Докумуона суох сааны илдьэ сылдьан түбэhэр түгэҥҥитигэр административнай боротокуол туолар (ст. 20.10 КоАП РФ), ону таhынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөп (ст. 222 УК РФ). Маннык эппиэтинэскэ тардыллыбыт киhи, инникитин докумуоннаах сааны атыылаhарыгар сокуонунан мэhэйдэр үөскүөхтэрин сөп.
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 12.02.2004с. 63 №-дээх уурааҕар олоҕуран, докумуона суох сааны баҕа өттүнэн туттарар түгэҥҥэ харчы төлөнөр.:
1) доруоп саа 6000 (алта тыһыынча) солкуобайга тэҥнэһэр;
2) буулдьа саа 8000 (аҕыс тыһыынча) солкуобайга тэҥнэһэр.
Чурапчы улууhyн лицензиялыыр – көҥүллүүр үлэ отделениета