Космонавтика туһунан истибэтэх чахчыларбыт (Бүгүн — Космонавтика күнэ)

Космос диэн бу киһи-аймах баарын тухары, күн бүгүҥҥээҥи диэри кими баҕарар улаханнык долгутар итиэннэ бука хойукка диэри таайыллыбат, кистэлэҥнээх таабырыммыт буолар.

Билиҥҥээҥи диэри үгүс киһи сулустаах аһаҕас халлааны көрөн туран, саныыр, аан дойду тутулун төбөтүгэр оҥорон көрөр, туохха да тэҥнэммэт ураты көстүүтэ. Космос ордук оҕо сааска, ыччаттыы даҕаны сырыттахха бэйэтигэр ордук күүскэ угуйара… Онтон кэлин улаатан бараммыт, үгүспүт космоска, чуолаан космонавт буолуохтаах ыра санаабыт улам уостубутун, симэлийбитин даҕаны иһин сулустарга талаһыы, кинилэри умсугуйа көрүү олохпут былаһын тухары букатыннаахтык хаалан эрдэҕэ… Космос туһунан төһө элбэх хоһоон айыллан ырыа буолан ылланна, хайдахтаах курдук элбэх суруйааччылар фантастическай айымньылары, киинэлэри оҥорон таһаардыларый! Ол да иһин буолуо, Космонавтика күнүн – дьон, норуот бүттүүнэ үөрэ-көтө бэлиэтиир!

Биһиги, Дойдубут дьонунан, космос бастакы чыпчаалын хорсуннук баһылаабыттарынан киэн туттабыт.

Ол инниттэн бүгүн сорох интэриэһинэй түгэннэргэ тохтоон ааһыахпыт. Тас дойдуларга космонавтары кимнээх диэн ааттыылларын билэҕит дуо? Космонавтар ытыыллар дуо? Космоска таҕыстахха киһи уҥуоҕа уларыйар дуо? Бу маннык дьикти ыйытыктар эппиэттэригэр, интэриэһинэй чахчылары булан таһаарабыт.

  • Германияҕа уонна Норвегияҕа космоска тахсыбыт киһини раумфарер, онтон Казахстаҥҥа – гарышкерам, АХШ – астронавт, оттон Кытайдар кинилэи тайконавтар диэн ааттыыллара биллэр. Итиэннэ, бастакынан космоска тахсыбыт киһинэн Юрий Гагарины билинэллэрэ хайҕабыллаах.
  • Аан дойду космодромнарыттан ыытыллар ракеталар уонна космическай аппарааттар бука бары, сир эргииринэн туһаайан илинтэн ыытыллаллар эбит. Ол эрэн Израиль олохтоохторо, илин өттүгэр доҕордоспот дойдулара сыталларыттан сылтаан, эбии гөрүүчэйи бараан тураннар арҕаа ыытарга күһэллэллэр эбит.
  • Космическай ракетаны ыытыыга ахсааны төттөрү өттүнэн ааҕыы, учуонайдарынан эбэтэр космонавтарынан толкуйдамматаҕа, итини кинематографистар туһаммыттара. Аан бастакы итинник сыыппараны төттөрү өттүнэн ааҕыы, 1929 сыллаахха уһуллубут “Женщина на луне” немецтэр киинлэрэригэр көрөөччү болҕомтотун тардаары туһаныллыбыттара биллэр. Кэлин ракета конструктордара ити албаһы сөптөөхтүк туһанар буолбуттара.
  • Космонавтар, эн биһи сиргэ сылдьан ытыырбыт курдук ытыыр кыахтара суох эбит. Ол курдук харах уута тахсар да түгэнигэр, аллара сиргэ таммалаан түспэккэ, космос чэпчэки эттигэр уйдаран харахха кыракый шарик быһыытынан олорон хаалар эбит. Ол түмүгэр киһи хараҕа күүскэ аһыйыан сөп. Онон космонавтар хаһан даҕаны ытаабаттар диэн өйдөбүл үөскээбит.
  • Космонавтар үөһэ космоска сылдьаннар Сири кытары анал кистэлэҥ тылларынан кэпсэтэллэрэ биллэр, тоҕо диир эбит буоллахха манна ким даҕаны анараа туох буола турарын истэн билиэ суохтаах. Онно кинилэр араас сибэккилэр, фрукталар, мастар ааттарын туһаналлара биллэр. Холобура, космонавт Владимир Комаров, радиация улаатар түгэнигэр: “Банан!” – диэн сигнал биэриэхтээх эбит. Онтон Валентина Терешкова (бастакы дьахтар-космонавт) “Дуб” диэн парола, мотуор туормаһа үчүгэйдик үлэлиир оттон “Вяз” – диэн мотуорум аккаастаата диэн суолталаахтар эбит.
  • Гагарин бастакынан космоска көппүт эбит буоллаҕына, иккис улахан сорудаҕынан аһаҕас космоска ракетаттан тахсааһын буолбут. Бу сорудаҕы “Восход-2” космическай хараабыл хамандыыра Алексей Леонов бастакынан толорбута. Ол саҕана аһаҕас космоска таҕыстахха хайдах-туох буоларын ким даҕаны билбэтэ. Космоска тахсаат, Леонов шлюһуттан кыратык тэйээтин кытары биллибэт күүс кинини эрийбитинэн барар, ол эрэн дьолго страховкалыыр торуос баар буолан астронавт ол онтон тутуһа охсубута. Ол эрэн киниэхэ өссө эбии иккис кыһалҕа эбиллибитэ: кэтэ сылдьар скафандра эмискэ үллэн тахсыбытын түмүгэр хараабылга киириэхтээх люгар сатаан баппат түгэнэ үөскээбитэ. Ол эрэн Леонов ыгылыйбатаҕа, скафандрын дабылыанньатын кыччатан балаһыанньаттан тахсыбыта. Кини дьиҥэр аһаҕас космоска былаан быһыытынан 12 мүнүүтэ сылдьыахтааҕын, итинтэн сылтаан икки төгүл уһун бириэмэҕэ сылдьыбыта биллэр.
  • Оччотооҕу, сэбиэскэй былаас космоска тахса сылдьыбыт космонавт араспаанньата соччото суохтук иһиллэр диэн быһаардаҕына, уларыталлар эбит. Ол курдук, болгария бастакы космонава Георгий Какалов араспаанньатын Иванов диэҥҥэ уларытарга күһэллибит, поляк Хермашевский – Гермашевский буолар. Монголлар дублер космонавтапра Жугдэрдэмидийна Гуррагча маҥнайгы араспаанньата Ганхуяг диэн эбит, ол эрэн сэбиэскэй былаас туруорсуутунан кэлин Ганзориг диэн ааттаммыта.
  • Норуоттар икки ардыларынааҕы космическай ыстаансыйаны 1998 сыллаахха тутан саҕалаабыттара, бастакы космонавтары онно 2000 сыл алтынньы 31 күнүгэр олохсуппуттара. МКС уопсай уһуна 110 миэтэрэ, манна алта киһи тэҥинэн олорон үлэлииллэр эбит. МКС уопсай бырайыагар 23 дойду кыттан үлэлэһэрэ биллэр. Биир күн иһигэр МКС сир шарын 16-та эргийэр эбит ол онтон сылтаан космонавтар лоп курдук 16-та күн киириитин, тахсыытын көрөр эбиттэр.
  • Космоска сырыттахха барыта уларыйар диэн кэпсииллэр. Ол курдук, киһи тоноҕоһун уҥуоҕун икки арда тэнийэн биэрэрин түмүгэр космонавт уҥуоҕа уһуон сөп эбит. 10,5 см тиийэ үрдээбит түбэлэтэлэрэ эмиэ тахса сылдьыбыт.
  • Ыйга көтөөччүлэринэн бастакынан чараппаахылар буолаллар эбит. Ити 1968 сыллаахха буолбут: Зонд-5 диэн сэбиэскэй космическай хараабылга Орто Азия истиэбин чараппаахыларын булан ыыппыттар. Итинник быһарыыныны, чараппаахы салгын элбэх саппааһыгар наадыйбатыттан, итиэннэ кинилэр нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ тугу даҕаны аһаабакка холкутук сылдьалларынан уонна уһун кэмҥэ летаргическай түүлгэ сылдьалларыгар олоҕуран ылыммыттар.
  • Космоска киһи түргэнник хамсанар эбит – космонавтар космическай хараабылларын иһигэр быһата диэн эттэххэ көтө сылдьаллар. Ол түмүгэр былчыҥ күүһүн сүтэрэр онтон киһи уҥуоҕа кэбириир эбит диэн быһаарбыттар. Биир үгүс атах былчыҥнара улаханнык айгырыыллар эбит. Хаамар үөрүйэхтэрин сүтэрбэт туһуттан космонавтар хас күн аайы туһааннаах битэмииннэри иһэллэр уонна физкултууранан утумнаахтык дьарыктаналлар. Көтөн хаалбатын диэн жгутунан күүскэ эриллибит сүүрэр дорожкаҕа дьарыктаналлар эбит.
  • Үгүс космонавтар кэпсииллэринэн, космическай хараабыл сиртэн тирэнэн көтүүтэ киһиэхэ саамай умнуллубат түгэнин хаалларар эбит. Иллюминатор нөҥүө кинилэр күүстээх кутаа уоту көрөн хаалабыт дииллэр.
  • Хараабыл,сиргэ улахан парашют көмөтүнэн түһэр. Маҥнай, улахан охсууну ылбат туһуттан кыракый парашют арыллар онтон бэйэтин кэнниттэн орто кээмэйдээх парашют онтон кэлин саамай улахан парашют арыллар. Бириэмэтинэн, парашютунан түһүү 15 мүнүүтэни ылара биллэр.
  • 1977 сыллаахха “Вояджер-1” уонна “Вояджер-2” диэн американскай космическай хараабыллар көппүттэрэ. Күн систиэмэтигэр кинилэр планеталары үөрэтэн 30 сылы быһа көппүттэрэ, кэлин 2007 сыллаахха көһөннөр билигин атын эттиктэри үөрэтиини салгыыллар. Хас биирдии “Вояджерга” алюминий матырыйаалтан хоруопкалары оҥорон иилбиттэр, ол инопланетяннарга дуйтаммыт диискэ быһыытынан илдьитинэн сулууспалыыр диэн өйдөбүллээх эбит. Ол диискэлэргэ биһиги планетабыт туһунан араас информация киирбит: муусука, араас омуктар эҕэрдэ тыллара, Сиртэн хаартыскалар, киһи-аймах туһанан научнай дааннайдар.
  • Гагарины, бастакы космоска тахсыытын кэнниттэн Москуба куоракка уһулбут каадрыдарын кинохроника архыыбыгар үгүһү көрүөххэ сөп. Ол эрэн үгүстэр, Юрий Алексеевич өһүллүбүт быалаах бачыҥкатын наһаа өйдөөн хаалбыттар. Ол эрэн ити бачыыҥка өһүллүбүт быата буолбатах этэ, урукку кэмнэргэ эрэһиинэтэ суох наскылары ууннары тардан тутар анал подтяжкалар бааллар эбит. Ол онто өһүллэн хаалан, Гагарин бүрүүкэтин быыһыттан оронон тахсыбыта киинэ каадырыгар букатыннаахтыы хааллаҕа, ол эрэн бастакы космонавт ол онтон иҥнибэккэ, кыһыл көбүөр устун эрэллээхтик хаампыта.

 

Сэмэн Жендринскэй