Чурапчы улууһугар Афанасий Дмитриевич Дорофеев төрүттээбит тымныыны бэйэҕэ киллэрэн таһаарыы ньыматынан “Чэбдик” доруобуйаны бөҕөргөтүнэр түмсүү үлэлээбитэ 20-тэн тахса сыл буолла. Бу сыллар усталарыгар “Чэбдик”-тэр Саха сирин араас муннуктарыгар бэйэлэрин уопуттарын кытары үллэстэллэр. Бу аҕыйах сыллааҕыта, Тымныы полюһунан биллибит Өймөкөөн улууһугар тиийэннэр -57С-ка сөтүөлээн көрдөбүттэрэ.
Түмсүү күн-бүгүн 20-чэ чилиэннээх, бүгүн эмиэ мустаннар, Чурапчы нэһилиэгин килбэйэр киинигэр, “Айыллаан” СК аннынан ойбон аллараннар, Кириһиэнньэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн тымныы ууга сөтүөлүүр ньымаларын өссө төгүл көрдөрдүлэр, сиһилии кэпсээтилэр.
“Биһиги сүрүннээр оҕонньорбут үөрэҕэр тирэҕирэбит, ол ону харыстыырга дьулуһабыт. Манна Сылаҥтан, Кытаанахтан, Хатылыттан, Чакыртан тиийэ кэлэннэр бу өрөбүл күн доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр. Сүрүн кистэлэҥэ диэн тымныыны киллэрэн аһарыныы буолар. Тымныы кэнниттэн киһи көһүйбэт, букатын абытайдаах хамсаныылары хамсанаҕын, туох даҕаны буолбаккын, төттөрүтүн сэргэхсийэҕин. Аны тымныыҥ сөпкө таҕыстаҕына холкутуйан, нукаай адьас үчүгэй да үчүгэй турукка киирэҕин. Ити дьарыгын биир нэдиэлэ устата сылдьар, ол аата сэрээттэнэбит. Итини барытын биһиги учууталбыт Афанасий Дмитриевич дакаастаан турар”, — диэн оҕонньор үөрэҕин утумнааччылар Таппааһай уола Мындыр Куйаар сэһэргиир.
Бүгүн да халлааммыт ичигэһэ суох -47С кыраадыһы көрдөрбүтэ, тиэхэньикэ тоҥхоччу тоҥор, фотоаппарат объектива бүтүннүү кырыарар кэмигэр, түмсүү чилиэттэрэ биир-биир киирэннэр ойбоҥҥо сөтүөлээн, умсан таҕыстылар.
Кинилэри көрө туран киһи: “Ычча да ычча, уччуу-учча-аа!!! Итиннэ киирдэххэ хабах, бүөр бүтэр, тута ойоҕостотон балыыһаҕа киириллэр”, — диэн санаа элэстэнэр.
Ол кэнниттэн “Айыллаан” СК-гэр кинилэргэ анаммыт кыракый хоско киирэннэр тымныыны таһаарынан сүрүн үлэлэригэр кэтээн көрдүбүт. Анал хамнаныыларынан ону таһынан бэйэ-бэйэни массажтааннар бэрт судургутук, түргэнник чөллөрүгэр түһэллэрин илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Видео Наталья Сибирякова