Күн-дьыл сүүрүгэ дохсун. Санаан кэллэххэ, үксүгэр, хараҕыҥ далыттан баара-суоҕа уонча сыллааҕыта халбарыйбыт киһи туһунан саамай уопсай өйдөбүллэр эрэ ордубут буолааччылар. Сэрии уот будулҕаныгар 79 сыллааҕыта суох буолбат Захар Спиридонович Барашковы дойдутугар Бахсыга ахсааннаах кырдьаҕастар, эмиэ итинник, одоҥ-додоҥ өйдүүр буолуохтаахтар.
“Аврора” тэргэннэрэ киһи-аймах устуоруйатыгар саҥа эрэ саҕаламмытын биллэрэллэригэр Захар биэс саастаах эбит. Онон кини олоҕо саха норуота дьадаҥы, кумалаан ыар дьылҕатыттан көҥүлгэ, сайдыы-үүнүү суолугар күөрэс гыныытын кытары бииргэ алтыспыт. Баайаҕа сэттэ кылаастаах оскуолата. 1933 сыллаахха тыа хаһаайысыбатын орто үөрэхтээх исписэлииһэ буолар.
1933 сыл – тыа сиригэр социалистическай уларыта тутуу суолунан киэҥник хардыылааһын кэмэ. Дойдуну индустриялизациялааһын ситиһиилэрин түмүгэр биһиги саҥардыы тэриллибит колхуостарбытыгар тыа хаһаайыстыбатын араас уустук массыыналара кэлэллэр. Маҥнайгы механизатордары бэлэмниир наада буолар. Билиҥҥи Бэйдиҥэ бөһүөлэгиттэн (Уус Алдан оройуона) чугас Арыылаах алааска тула эргиннээҕи колхуостартан ыччаттар мусталлар. Захар Спиридонович ол мас сухаттан, илии хотууруттан атыны көрбөтөх дьонноруу аныгылыы уустук массыыналарынан үлэлииргэ үөрэтэр. Ону таһынан, анал үөрэхтээх киһи быһыытынан, колхуостар күннээҕи үлэлэрин тэрийиигэ, былааннааһыҥҥа быһаччы кыттар.
1936 сыллаахха тэрийэр дьоҕурдааҕын көрдөрбүт эдэр исписэлииһи Саха АССР Сирин оҥоһуутун наркоматыгар инструкторынан, кэнники ити наркомат колхуостары тутууга отделын юрист-консультанынан аныыллар.
Сыл ахсын Бахсыга анаан-минээн сынньана тахсара. Сынньана да диэн буолуо дуо, саа сүгэһэрдээх төрөөбүт Даркытын, күөх кырсыгар күөлэһийэ оонньообут Хайдыы сайылыгын, хотуур угун бастаан туппут Туйматын үрэҕин, сохсо-туһах доҕордоммут үрдүк систэрин кэрийэ хаамаары, дьонун-сэргэтин кытары кэпсэтээри-ипсэтээри. Оччоҕо бөдөҥ-садаҥ уҥуохтаах, аҕыйах саҥалаах бэйэтэ сүргэтэ көтөҕүллэрэ, киҥинийэн ыллыы сылдьар буолара дэһэллэр.
1942 сыллааҕы саас дойдутугар кэргэнин Саняны, икки саастаах кыысчаанын Ирканы көһөрөн таһаарбыта. Уон икки хонукка сирин-дойдутун тиһэх төгүлүн кэрийэн көрбүтэ.
Захар бойобуой суолун кэрэһэлиир, хомойуох иһин, олус аҕыйах – саҥаһыгар Мария Тихоновна Барашковаҕа ыыппыт төрдөүйэх суруга, бу сникмокка көрөр соҕотох хаартыскаҕыт уонна кэргэнэ Саня суох буолбут суруктарыттан тугу өйдүүрэ.
“Урукку үлэлиир сирбэр үлэлиибин”, — диэбит Челябинскайтан 1943 сыл муус устар 28 күнүгэр ыыппыт суругар. – Политүлэһиттэр куурустарыгар ыытыах буолаллар” (Суруктан быһа тардан бэчээттэнэр). Кэргэнэ өйдүүрүнэн, кини бу куоракка младшай командир быһыытынан армияҕа саҥа ыҥырыллыбыттары үөрэппит.
Фроҥҥа хаһан тиийбитин билээччи суох. Арай 1944 сыл олунньу 27 күнүгэр: “Бакаа сынньалаҥҥа баарбыт. Мантан ханна барарбыт биллибэт”, — диэн биллэрбит. Кэргэнэ этэринэн, ити кэмҥэ “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт, званиета старшина эбит.
1944 сыл сэтинньи 6 күнүгэр суруйбут: “Бу ый 1 күнүттэн сынньалаҥҥа кэллибит. Венгрия биир улахан куоратыгар олоробут. Мин куруук инники линияҕа сылдьабын, партийнай тэрийээччинэн үлэлиибин. Кэнники икки награданы ыллым”. Итинтэн ыла кини туһунан ханнык да сурах кэлбэтэҕэ.
Хорсун саллаат, туруу үлэһит Захар Спиридонович кырачаан Ирката, барбытын кэннэ үс ый буолан баран төрөөбүт Надята, бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан дьоһун олоҕу олорбуттара. Буойун олоҕун аны сиэттэр салгыыллар.
И. Окоемов
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй