Алтынньы 9-18 күннэригэр “Бэс чагда” оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыыларын финалистарын симиэнэтэ саҕаланна. Уус Алдан, Нам, Чурапчы, Таатта улууһуттан барыта 55 уоланнар ааҕыыларын бастыҥнара кэллилэр.
“Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыылара быйыл XVIII-с төгүлүн ыытыллар. Быйылгы ааҕыылар РФ Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, СӨ Үлэ сылыгар, Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 сылыгар, Чурапчы улууһугар Бочуот сылыгар ананаллар.
Акулина Кузьмина, Дмитрий Петрович Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай оҕо ыспартыыбынай оскуолатын саха тылын учуутала, күрэх сүрүн тэрийээччитэ:
— Быйылгы күрэххэ 100-кэ оҕо кыттыыны ылла. Күрэхтэһии маҥнай балаҕан ыйыгар кэтэхтэн ыытыллыбыта, онтон сүүмэрдэнэн, 55 бастыҥ ааҕааччы “Бэс чагда” лааҕырга финалга кэллилэр. Бу 9 күн устата уолаттар араас маастар-кылаастарга, күрэхтэргэ, литэрэтииринэй турнирдарга, диспуттарга кыттыыны ылыахтара, симиэнэ олус интэриэһинэйдик ааһыахтаах. Холобур, сарсын “Дорҕоонноохтук ааҕыы албастара, ньымалара” маастар-кылааһы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин преподавателэ Сардана Николаевна Федорова устудьуоннарын кытары ыытыахтаах. Күрэх түмүктүүр түһүмэҕэ алтынньы 17 күнүгэр Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ыытыллыаҕа.
Хаартыскаҕа: быйылгы смена түгэннэриттэн уонна былырыыҥҥы күрэх кыайыылааҕа — «Чаҕылыс» уолан бөлөҕө.
keskil14.ru
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй