Ол эбэтэр алтынньы 30 күнүттэн Саха сиригэр эмискэ – 20С кыраадыс тымныы буолара сабаҕаланар.
Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускайдааҕы УГМС начаалынньыгын солбуйааччы — Саха сиринээҕи күнү-дьылы билгэлиир киин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
“Кэлэр бэнидиэнньиктэн Дьокуускайга уонна киин оройуоннарга эмискэ тымныйыа диэн сабаҕалыыбыт. Түүнүн —20С кыраадыстан намтыаҕа, күнүһүн -10-15С кыраадыс буолара күүтүллэр. Кылгас болдьохтоох сабаҕалааһыннары өссө даҕаны чопчулуохпут, бу нэдиэлэ өссө да ичигэс туруоҕа”, — диэн Татьяна Владимировна бэлиэтээтэ.
Кини этэринэн, бу нэдиэлэҕэ кэккэ оройуоннарга циклоннар сабыдыалларынан арыый даҕаны ичигэс күн-дьыл туруоҕа. Сотору кэминэн өссө икки циклон тахсара күүтүллэр. Саха сирин арҕааҥы уонна соҕуруулуу-арҕааҥы улуустарыгар халлаан сылаас буолуоҕа. Ичигэс салгын тыына киин оройуоннарга эмиэ биллиэҕэ.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй