Хоту улуустарга Чурапчыттан 41 колхуос күүс өттүнэн көһөрүллүбүт эбит буоллаҕына ол онтон Кэбээйи оройуонугар 2602 киһи утаарыллыбыта. Хоту сытар тыйыс айылҕалаах Кэбээйигэ биһиги дьоммутугар анаммыт өйдөбүнньүк обелистар аҕыйаҕа суохтар.
Онно Чурапчы улууһун 18 холкуоһуттан 1284 көһүүгэ ыытыллыбыт киһи өлбүтэ бэлиэтэммит. Бу үксэ Аллараа Бэстээхтэн кырыымчык астаах, хас да хонук борохуот күүтэн мөлтөөбүт, Кэбээйигэ диэри устууга аара хоргуйбут, ыалдьыбыт дьон, кырачаан оҕолор буоллахтара. Ол балыкка үлэлиир кыаҕа суох кыра оҕолору, кырдьаҕастары, ыарыһахтары барыларын көһүүгэ ыыппыттарын түмүгэ буолуон сөп.
Бэҕэһээ, биһиги улууспутун кытары өйдөбүнньүк күнү суолталаан, Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Илья Васильевич, “Дьоһун саас” нэһилиэк аҕам саастаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Нина Егоровна, оскуола 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта буоланнар, Алгыма учаастагар тахсаннар, “Чаачыгый” колхуостан 28 киһи сырдык тыыннара быстыбыт, кэриэстэбил сирдэригэр сылдьан, сибэкки дьөрбөтүн, арыылаах алаадьы уурдулар.
“Бу Чурапчы улууһа эрэ көрсүбүт алдьархайа буолбатах., бу биһиги норуоппут бүттүүнүн ааспат-арахпат ыарыыта, барыбыт сүрэхпит оспот бааһа буолар. Куокуйга бүгүн эмиэ кутурҕан күнэ буолла. Дьоммут ааттара үйэлэргэ умнуллубатын, кэм-кэрдии кинилэри кэрэппэтин, кэрэ ааттара кэриэс буоллун диэн кэс тылбытын этэбит”, — диэн Саха сиринээҕи эрэгийиэн “Дууһабытынан эдэрбит” киин “Луҥха долгуннара” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Полина Андреевна Борисова эттэ.
Сиэмэх сэрии, уодаһыннаах хоту көһөрүллүү аймалҕана элбэх дьон олоҕун тосту уларыппыта, улахан, тугунан даҕаны кэмнэммэт ыар сүтүктэри аҕалбыта. Чурапчы оройуонун олохтооҕун ахсаана 1940 сыллаахха 17000 киһи эбит буоллаҕына, 1943 сылга 7939 киһиэхэ тиийэ аччаабыт.
Сэмэн Жендринскэй