Эрилик Эристиин аатынан сопхуоска хортуоппуйтан туруктаах үүнүү ылыллыбат этэ. Манна бастайааннай састааптаах звено үлэлээбэтэ уонна агротехника бастыҥ ньымаларын туттуу ситэтэ суоҕа охсууну оҥороро.
1973 сыл итинник звенону хомуньуус Трофим Сокольников салайбыта. Ол эрээри бу дьыалаҕа ылсыбыта маҥнайгы сыла уонна урут үлэлээбит уопута суох буолан гектартан 40-нуу эрэ центнери хомуйбуттара.
Пятилетка төрдүс, тутаах сылыгар звено ыһыыта кичэллик бэлэмнэммитэ. Хортуоппуй сиэмэтин саас эрдэттэн талбыттара, яровизацияны кэмигэр ыытан бүтэрбиттэрэ. Биир бастыҥ тракторист В.Н. Корякин ноһуому таһыыга анаммыта. Кини хас гектар ахсын 110-нуу туонна кур кии киллэрэллэрин ситиспитэ. Оттон минеральнай уоҕурдууну гектар ахсын туттуу түөртүү центнерга тиэрдиллибитэ.
Сири таҥастааһыҥҥа оһуобай болҕомто ууруллубута. Хортуоппуйу олордууга, сайынын ардахтатар установканы үлэлэтиигэ, күһүнүн үүнүүнү хомуйууга тиэхэньикэ күүһүн механизатор В.К. Пестерев саталлаахтык туһаммыта. Дириҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэриттэн тэриллибит звенону Трофим Дмитрьевич бэркэ салайбыта. Оҕолор туһаны аҕалалларын, көдьүүстээхтик сынньаналларын сөпкө тэрийбитэ.
Үчүгэй тэрээһиннээх үлэ чүөмчүтэ да дьоһун буолбута. Звено 40 гектардаах сиртэн хас гектарын ахсыттан 98-тыы центнер үүнүүнү хомуйбута. Онон сопхуос судаарыстыбаҕа хортуоппуйу туттарар былаанын аһара толороро хааччыллыбыта уонна 1975 сылга анаан сиэмэни толору уурунар кыахтаммыта.
Итинник үрдүк көрдөрүүнү ситиспит Трофим Сокольников салайар хортуоппуйу үүннэрээччилэрин кэлэктиибэ 1974 сылга оройуон ЧӨМПҮЙҮӨН ЗВЕНОВОДУН аатын сүгэр чиэскэ тиксибитэ.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй