Илья Иванович төрөппүттэрэ быстар дьадаҥы дьон этилэрэ. Кинилэр кинээскэ хамначчыттаан, ыксаан үрэххэ тахсан олохсуйбуттара. Эһэтэ, аҕата удуьор булчуттар этэ. Аҕыс саастаах Ильяны эһэтэ Спиридон булка илдьэ сылдьан үөрэппитэ.
Оттон уон иккилээҕэр уолчаан хара тыа хаһаайынын – эһэни өлөрсүбүтэ. Дьэ ити курдук кини оҕо сааһын үрэх баһа дойдуга атаарбыта. Эдэр киһи суолун ыллыга колхуоска тиэрдибитэ. Онно саҥа олоҕу тутар айымньылаах үлэ байыаһынан буолбута.
1941 сыл атырдьах ыйыгар колхуос хоһууна фашисткай талабырдьыттары утары сэриигэ ыҥырыллыбыта. Икки ый кавалерияҕа үөрэнии кэнниттэн Москва анныгар араас кытаанах хапсыһыыларга сылдьан 1942 сыл тохсунньуга бастакы бааһырыытын ылбыта. Итинтэн, үтүөрэн, Смоленскай уобаласка кыргыспыта. Манна автоматчик атырдьах ыйыгар өстөөх сиэмэх буулдьатыттан иккиһин бааһыран, кыргыһыы толоонуттан туораабыта.
“Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээл кавалера ити кэнниттэн дойдутугар Мындаҕаайыга эргиллэн кэлэн өр сылларга сыламтата суох күндү кылааннаах түүлээҕин сонордоспута. Ийэ дойдутун валютнай фондатын өлгөм “сымнаҕас кыһыл көмүһүнэн” хаҥатыспыта. Кини “1941-1945 сылларга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээллэринэн, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаламмыта, ССРС НХСБ кыттыылааҕа, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх булчута.
Улуу сэрии бэтэрээнэ, пенсияҕа тахсыбыт да кэмнэригэр, хойукка диэри эйэлээх үлэ вахтатыгар – булт соноругар кыраҕатык турбута.
Е. Харитонов
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй