Ксенофонт Титович Белолюбскай Ийэ дойду көҥүлүн, кэлэр кэскилин иһин кыргыһыыга хорсуннар өлүүлэринэн охтубута 80 сыла буолла. Ол эрээри биһиги, Чурапчылар, харахпытыгар уопсай көххө кыттан үлэлии-хамсыы сылдьар сытыы-хотуу, аламаҕай эдэр киһи мөссүөнэ өрүү субу баар курдук көстүөҕэ.
1914 сыллаахха Кытаанах нэһилиэгэр быстар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Онон эрэй, кыһалҕа диэн тугун бэрт кыра сааһыттан билэн үөскээбитэ. Ол да буоллар аҥардас бэйэтин дьүккүөрүнэн сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ. Уон сэттэ саастааҕар “Олох оҥоһуута” диэн колхоуһу тэрийсибитэ, кини салалтатыгар көмөлөспүтэ. Үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһин, ыраас-чэбдик олоҕу пропагандалааһын, дьиэттэн хотону араарыы о.д.а. – нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин тапталын, ытыктабылын итинник кэрэ, сырдык олоххо тиэрдибит киэҥ далааһыннаах үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттан ылбыта.
Кэнники рапотребсойууска үлэлии сылдьан син биир бастыҥ уопсастыбанньык быһыытынан биллэрэ. Холобур, улахан үлэни осоавиахим оройуоннааҕы тэрилтэтигэр кыттан ыытыспыта биллэр: бу уопсастыба үлэтин нэһилиэктэргэ тэрийсибитэ, нэһилиэнньэҕэ бойобуой винтовканы үөрэппитэ, МОПР үлэтигэр эмиэ күүс-көмө буолара.
1942 сыл кулун тутар 14 күнүгэр Ксенофонт Сэбиэскэй армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Связист уонна пулеметчик идэтин баһылаабыта, сержант званиетын ылбыта уонна 1944 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр Илиҥҥи Пруссия кыраныыссатыгар тиийэн кыргыһыы уотугар киирбитэ.
Биирдэ кини сулууспалаабыт взвода өстөөх кэтэҕэр тахсыбыта уонна онтон соһуччу охсууну оҥорбута. Ити түмүгэр немецтэр өлбүтүнэн, билиэн түбэспитинэн сүүһүнэн саллааттарын уонна офицердарын сүтэрбиттэрэ, элбэх сэрии сэбэ, ас-үөл былдьаммыта.
Шервинт оройуонугар өстөөх икки мэҥэһик траншеялары хастан, күүскэ бөҕөргөтүнэн сытара. 1944 сыл алтынньы 17 күнүгэр ити бөҕөргөтүүнү тоҕо көтөргө, немецтэр онно баар чаастарын үлтүрүтэргэ бирикээс бэриллибитэ. ССРС Оборуонатын министиэристибэтин Подольскайдааҕы архыыбыттан булуллубут докумуон кэпсииринэн, Ксенофоннаах хаһыа да буолан табаарыстарыттан арыый урутаан немецтэр траншеяларыгар адьас ыкса сыылан киирбиттэр. Онтон кини ким-хайа иннинэ “Ураа!” диэн хаһыытаабытынан өстөөххө хас да гранатанан тамнаһан суостаах кыргыһыы саҕаламмыт. Онно хорсуннук охсуһа сылдьан Ксенофонт сырдык тыына быстыбыт. Бэһис гвардейскай стрелковай куорпус хамандыырын бирикээһинэн кини ити сыл ахсынньы 16 күнүгэр Аҕа дойду сэриитин 2-с степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыт.
Хорсун буойун кэргэнэ, хомсомуол райкомугар, онтон бэрт уһуннук райсэбиэт исполкомугар ис дьыалаҕа отделыгар үлэлээн сылдьыбыт хомуньуус Матрена Дмитриевна Захарова, Чурапчы сэлиэнньэтигэр олорон үлэлээбитэ. Уола Борис Ксенофонтович оройуоннааҕы балыыһаҕа биир бастыҥ үлэһит этэ, түөрт оҕо амарах аҕата. Кинилэр бэйэлэрин аҕаларын, эһэлэрин санатар күндү өйдөбүнньүк быһыытынан Ксенофонт Титович уордьанын саай-үйэ тухары харыстаан илдьэ сылдьаллара буолар.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй