Чурапчытааҕы РЭС Дириҥ бөһүөлэгин уота-күөһэ тупсарыгар улахан хабааннаах саҥардыы үлэтин ыытта. Ол курдук 2022-2023 сылларга өрөмүөн үлэтэ 0,4 кВ күүрүүлээх уот ситимнэригэр ыытылынна. Икки сыллаах улахан үлэ быйыл алтынньыга түмүктэннэ. 10 комплектнай трансформаторнай подстанцияттан тахсар 16 уот ситимигэр уопсайа 527 баҕана уларыйда. Тимирдээх бетон сыбаайалаах саҥа баҕаналар турдулар. Маны таһынан уот ситимнэригэр АС мааркалаах боруобат оннугар тыйыс усулуобуйалаах сирбитигэр сөп түбэһэр, уопсайа 24,226 биэрэстэ усталаах изоляциялаах аныгы СИП боруобат тардылынна.
Бу саҥардыы үлэтин Чурапчытааҕы РЭС биригээдэлэрэ «Якутскэнерго” киин электрическэй ситимнэрин иһинэн олохтоммут өрөмүөн былааныгар олоҕуран оҥордулар.
«Нэһилиэкпитигэр Чурапчытааҕы РЭС үлэһиттэрэ икки сыл устата 527 саҥа баҕананы туруоран, дэриэбинэбитигэр уот лиинийэтин барытын саҥа СИП боруобакка уларыттылар. Эргэ уот лиинийэтэ өр кэмнэргэ уларыйбакка турбута. Уот ситимин үлэһиттэригэр нэһилиэкпит олохтоохторун аатыттан күннээҕи олохпутугар биир саамай улахан суолталаах үлэни быһаарбыттарыгар махтанабыт»,- диэн Хоптоҕо нэһилиэгин баһылыга Алексей Бурцев үллэстэр.
Людмила Горохова
Хаартыска интернет ситимиттэн ылылынна