Ааспыт сырыыга, Чурапчы улууһун баһылыгын Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын солбуйааччы Анжелика Неустроеваҕа приемҥа киирэ сырыттахъпына: “Мин эһэм, Уйбаан Владимиров туһунан сырдатыаҥ дуо? Кини төрүт Чурапчы улууһун киһитэ, маннааҕы суруйууларга ханан да ахтыллыбакка хаалаары гынна”, — диэн эдэр салайааччы көрдөспүтэ. Онон бүгүн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй кэпэрээссийэ туйгуна, IX пятилетка чөмпүйүөнэ, бэтэрээннэр куораттааҕы Сэбиэттэрин чилиэнэ, СӨ бастакы Бэрэсэдьиэнэ Михаил Николаевтан кыһыл көмүс чаһылаах махтал суруктаах, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Иван Иванович Владимиров туһунан билиһиннэриим.

Иван Владимиров Чурапчы оройуонун Одьулуун нэһилиэгин мааны Хонду үрэҕэр, 1923 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Хонду – Таатта үрэх биир саамай бастыҥ салаата. Холкуос оскуолатыгар киирэн үөрэммитэ, Ваня чороччу улаатан истэҕинэ аҕата олохтон туораабыта. Инньэ гынан 4 эрэ кылааһы бүтэрбитэ. Бүтүн дьиэ дьонун аһатар, иитэр кыһалҕаттан “Трактор” холкуоска үлэлии барар. 16 сааһын саҥа туолаат хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1939 сыллаахха үлэһит, эйэҕэс-сайаҕас, өйдөөх уолу, сааһа кыратын аахсыбакка, холкуос бырабылыанньата биригэдьиир курдук эппиэттээх үлэҕэ анаабыта.

Онтон ыла эдэр салайааччы, дьону көҕүлүүр дьоҕура улам сайдан испитэ. Холкуостаахтар даҕаны эдэр биригэдьиири тутатына сөбүлээбиттэрэ, кэлэктиипкэ биллэ аптарытыаттаммыта. 1940 сылтан “Трактор” холкуос, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кыһыл трактор” холкуоһун кытары куоталаһыыга киирбиттэрэ. Онуоха колхуос 1 гаа сиртэн 100-түү буут, ол аата 16-лыы центнер, бурдугу ыларга оройуон үрдүнэн эбэһээтэлистибэ ылынар. Маны толоруу үлэтэ ордук күүскэ ыччатыгарга сүктэриллибитэ. Итинник боччумнаах соруктар уонна үлэлэр холкуос биригэдьиирэ, хомсомуолун ячейкатын сэкирэтээрэ Иван Владимиров көҕүлээһининэн уонна тэрээһининэн толоруллара. Бойобуой листоктары таһаарыы, киэһэ миитиннэр кэннилэриттэн туруоруллар испэктээхтэри Иван Ивановиһа суох табыллыбаттара. Кини өссө аатын ааттаппыт биир дьарыктааҕа. Ол курдук Иван Владимиров сиртэн-буортан тэйбит курдук чэпчэки атахтаах ыспарсымыан этэ. Кылыыга, ыстаҥаҕа, уһуну ойууга, үрдүгү көтүүгэ уонна кылгас сиргэ күлүмэх сырсыыга оройуоҥҥа 10-ча сыл иннигэр икки атахтааҕы түһэрбэккэ оонньообута. Ыаллыы оройуоннар ааттаахтарын ыһыахха тиийэн эмиэ кыайталыы сылдьыбыттааҕа.

“Уйбаан оччолорго атыттартан ураты сэргэх ыспартыыбынай көрүҥнээх этэ. Ол курдук быһыыта-таһаата чочуонайа, туттара-хаптара тупсаҕайа, дьүһүнэ-бодото кыраһыабайа дьон болҕомтотун ордук тардара. Кини ыстанарын, туттарын, сүүрэрин-көтөрүн көрөөрү ыһыах дьоно «Владимиров ыстанан эрэр» дии-дии стадион биир өттүттэн атын өттүгэр үтүрүһэ-үтүрүһэ күргүөмүнэн сүүрэр буолаллара”, — диэн биир дойдулааҕа, чугас ыала И.И.Федотов оонньууну хаста да көрбүтүн ахтыбыттаах. Оччолорго билиҥҥи курдук сылы эргиччи дьарыктаныы, эрчиллэр саалалар, былаһааккалар да суохтара. Онон оонньооччулар эрчиллибэккэ эрэ ыһыахтарга кэллэхтэринэ эрэ күрэхтэһэллэрэ, сүүрэллэрэ. Ол үрдүнэн Иван күннээн сылдьар кэмигэр кылыыга 42 м 40 см, ыстаҥаҕа 36 м түспүтэ биллэр. Итини эрчиллиитэ суох киһиэхэ куһаҕана суох көрдөрүү буолар.

1942 сыл бэс ыйыгар Аҕа дойду сэриитигэр дьону ыҥырыы үһүс уочарата саҕаламмыта. Онно “Трактор” холкуостан 14 киһи ыҥырыллыбыта. Миитиҥҥэ бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Мэхээлэ, сир оройуоннааҕы салаатын үлэһитэ Бөрүскүөп кэннилэриттэн тылы хомсомуол ячейкатын сэкэритээрэ Иван Владимировка биэрбиттэр.

“Табаарыстар! Манна, тыылга хаалааччылар, хас биирдии бэйэбит фроҥҥа барбыт 2-3 киһини солбуйан үлэлиэхпит диэн эһигини эрэннэрэбит. “Кэргэттэрбит ытыы-соҥуу хааллылар” диэн санааҕытын түһэримэҥ. Гиитилэр үөрүн харса-хабыра суох үлтү сынньыҥ! Ийэ дойдугутун сидьиҥ үөннэртэн босхолоһон, кыайыы-хотуу аргыстаах дойдугутугар эргиллиэххит диэн эрэнэбит! Холкуоскутугар суруйа туруҥ, сибээскитин быһымаҥ! Дьоллоохтук-соргулаахтык, кыайыы-хотуу кынаттанан сылдьыҥ!

Сотору биһиги фроҥҥа барар уочараппыт кэлээри турар. Сэрии ыар суолларын солуурга эһигиттэн холобур ылыахпыт. Ону умнумаҥ!” — диэбит. Ити туһунан оччотооҕу быһыы-майгы туоһута Е.Е. Владимиров истэн кэлин бигэргэппит.

Ол кэнниттэн өр буолбатах. Атырдьах ыйыгар эппит уочарата кэлэн Чурапчы оройуонун военкоматыттан бэбиэскэ туппут.

Эмиэ сэриигэ атаарсыы буолар. Сурдьа, Уйбаан аармыйаҕа барарыгар, оччолорго сэрии диэбэттэр эбит, Хатылыттан эдьиийэ Боккуойа сүүрэн кэлээхтээбит. Кэлбитэ сурдьа хайы-сах массыына кузовыгар олорор үһү. Аҕаһа, кэргэнэ аармыйаҕа барыаҕыттан тугу да биллэрбэтэх буолан уйадыйан, чарааһаан сылдьар киһи, көрөөт да ытаахтаабыт. Онуоха быраата Уйбаан: “Ытыыр буоллаххына атаарыма, хайаама!” — диэбит. Барааччылар да, атаарааччылар да бары ытаһан аймалҕан бөҕө буолаахтаабыттар. Арай Иван эрэ кыһаллыбатах курдук туттан олорбут. Хорсун комсомолец, этэҥҥэ сылдьан эргиллиэх буолан аймамматаҕа, сүрүн-кутун баттаппатаҕа чахчы.

Хонду үрэх маанылаах уола, Сэбиэскэй Армия байыаһа буолан дойду саамай киин фроннарыгар сулууспалаан, бары улахан сэриилэргэ кыттан Польша, Венгрия, Румыния уонна Чехословакия курдук судаарыстыбалары ортолорунан тоҕута түһэн, Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн Прагаҕа көрсүбүтэ.

3-с батарея састааба. Иван Владимиров хаҥастан иккис турар.

Иван Влдаимиров уот сэриигэ сылдьыбытын кэпсээнин оҕолоро маннык тиэрдэллэр: “Мин бойобуой суолум киин, I уонна IV Украинскай фроннар албан ааттаах суолларын кытта ыкса сибээстээх. Атыннык эттэххэ, ити фроннар араас аармыйаларыгар, байыаннай чаастарыгар артиллерияны батыһан сылдьыбытым. Днепр тымныы уутун мин эмиэ харбаан туораабытым. Украина киин куората Киеви босхолоспутум. Аатырбыт–сураҕырбыт Курскай тоҕой кыргыһыытыгар кыттан ууга-уокка киирэн тахсыбытым. Курскай тоҕойго мин 1943 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр, сэрии саамай үгэннээн бара турдаҕына, тиийбитим. Биһиги санаабытыгар кыргыһыы саамай хааннааҕа, хабыр хапсыһыылааҕа манна бара турарга дылыта”.

Кэлиҥҥи суруйалларын көрдөххө, Курскай тоҕойдооҕу сэрии от ыйын 15 күнүттэн атырдьах ыйын 23 күнүгэр диэри күөдьүйбүт эбит. Ити икки эрэ ыйы кыайбат кэм этэ: “Мин сэриилэспит 325 №-дээх кылаабынай командование резервэҕэ турар зенитнэй-артиллерийскай полката от ыйын 5 күнүгэр, улахан буомбалааһын кэнниттэн, өстөөҕү кытта тэҥэ суох хапсыһыыга өстөөх тааҥканан атаакатын 4 төгүл төттөрү охсубута. Бэсиһин төхтөрүйэн киириилэригэр улаханнык хотторон, ыраахха диэри чугуйарга күһэллибиппит. Ити кыргыһыыга барыта 84 киһиттэн 17 эрэ буолан тыыннаах ордубуппут.

Сир-халлаан силбэһэр алдьархайа, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт будулҕан, тыас-уус, буор-сыыс холбоһон ханна да сылдьаргын умнар үлүгэрэ буолара. Бу түбэлтэ мин харахпыттан уонна өйбүттэн-санаабыттан хойукка диэри арахпакка сордообута.

Ити кэнниттэн Днепр өрүһү туораан Киеви уонна Украина уонунан ааҕыллар куораттарын, үгүс ахсааннаах дэриэбинэлэрин босхолоһон, кыраныыссаны туораабыппыт. Дьопуруопа 4 дойдутун босхолоспутум, Кыайыы күнүгэр Прагаҕа баарым.

Аны сэрии бүппүтүн кэннэ икки сыл устата хаалан хаалбыт тобохтору, өстөөх хос моонньоохторун, саһан сылдьар сэриилэһэр бандьыыттары ылҕааһыҥҥа кыттыбытым. Ити ниэмэстэри утары сэриилэһэрдээҕэр өссө кутталлаах этэ”, — диэн ахтыбыттааҕа кэлин хорсун буойун.

Ыал тапталлаах аҕата уонна эһэтэ Иван Владимиров сэрииттэн “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” уонна “Чехословакияны босхолооһун иһин” мэтээллэрдээх итиэннэ баартыйа чилиэнэ буолан 1947 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр эргиллибитэ. Оруобуна бэйэтин төрөөбүт күнүгэр — сүүрбүт-көппүт, улааппыт Чурапчытын Хондутугар айаннаан кэлбитэ. Онно Кыайыы саллаата төһөлөөх үөрбүтүн, дьолломмутун таайыахха эрэ сөп.

Ууну-уоту ортотунан ааспыт, Европа хас да судаарыстыбатын курдары хаампыт саллаат “сылайдым-элэйдим” диэн атаҕын өрө тэбэн сыппатаҕа. Үлэ үөһүгэр, эйэлээх олоҕу тутууга төбөтүн оройунан түспүтэ. Сэриигэ туппут автоматын эйэлээх олоҕу тутар өйгө-санааҕа, үүннээх-тэһииннээх үтүө тылга, уҕараабат дьулуурга, далааһыннаах тэрээһиҥҥэ, үлүскэн үлэҕэ солбуйбута.

Дьокуускайга үөрэҕин салгыы киирээри сырыттаҕына нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлэ Микииттэ Ботуоччун эркинэ эрэ тутуллан турар кулууп буолуохтаах дьиэни көрдөрөн баран:

  • Көрдүҥ? Аны күһүн бу дьиэ аана аһыллыахтаах, үлэ-хамнас күөстүү оргуйуохтаах! — диэн кэбиспитэ.

Хамаанданы толоро үөрэммит саллаат үөрүйэҕинэн чиккэс гына түспүтэ уонна:

  • Есть! — диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта.

Эттэ да бүттэ. Түүннэри-күннэри сүүрэн-көтөн, оччолорго оройуоҥҥа да суох улахан кулууп дьиэтин бүтэттэрбитэ, нэһилиэккэ улахан сэргэхсийиини оҥорбута. Итиэннэ үс сыл толору ити кулуубугар сэбиэдиссэйдээн нэһилиэк ыччаттарын түмүүгэ, кинилэр актыыбынастарын уһугуннарыыга улахан үлэни ыыппыта. Холкуос, нэһилиэк салалтатыгар боччумнаах көмөнү оҥорбута. Ону таһынан ити сылларга нэһилиэк партийнай тэрилтэтин сэкэритээринэн талыллан олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Дойдутугар үс сыл үлэлээбитин кэннэ партия райкома Болугур нэһилиэгэр (Мындаҕаайыга) олохтоох Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн быыбардатан ыыппыта. Бу да нэһилиэккэ эмиэ олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, олохтоохтор улаханнык сөбүлээбиттэрэ. Саҥардыы сарсыҥҥытын санаан, өйүүҥҥүтүн өйдөөн, кэскиллээх былааннарын олоххо киллэрэн истэҕинэ аны “эргиэн каадырын бөҕөргөтөбүт” диэн ааттаан Хатылы нэһилиэгэр сельпо бэрэссэдээтэлинэн көһөрбүттэрэ. Итинтэн ыла Иван Владимиров эргиэн эйгэтигэр букатыннаахтыы сыстыбыта.

Бу салааҕа олоҕун 21 сылын анаабыта. Салгыы Чурапчы Хадаарыгар сельпо бэрэссэдээтэлинэн, Булуҥ оройуонугар рыбкооп бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Өктөм, Дьокуускай уонна Амма потребобществоларын бэрэссэдээтэллэринэн, Горпромторг «Прогресс» маҕаһыынын дириэктэринэн, Хаҥаласка ОРС начаалынньыгынан өрө таһаарыылаахтык, элбэх хайҕалы ылан үлэлээбитэ.

Кэлин биэнсийэҕэ тахсан да баран “быар куустан” олорботоҕо, 12 сыл устата Дьокуускайга “Госстрах” иниспиэксийэтин ааҕыанынан үлэлээбитэ. Ити сылларга бу тэрилтэ профсойууһун кэмитиэтин салайбыта. “Биһиги аҕабыт уонна эһэбит, киһи киэнэ килбиэнэ, Саха саарына, хорсун буойун, үлэһит үтүөтэ, сырдык, мааны санаалаах, холобур буолар. Кини 2011 сыл ахсынньы 16 күнүгэр олохтон туораабыта. Хонду үрэх чаҕылхай уола Иван Иванович Владимиров аламай маҥан күннээх орто туруу дойдуга 88 сыл олорон ааспыт олоҕо биһиэхэ барыбытыгар, чахчы даҕаны, холобур буолуон буолар”, — диэн кыргыттара  Надежда Владимирова, Любовь Петрова, сиэннэрэ Ирина Владимирова уонна Анжелика Неустроева истиҥник ахталлар.

 

Сэмэн Жендринскэй