СОЛОВЬЕВ НЭҺИЛИЭГИТТЭН төрүттээх Егор Массаев эйэлээх да олоҕо, бойобуой да суола уратылардаах этэ.
Түөрт кылаастаах оскуоланы бүтэрбит уон алталаах уол хомсомуол кэккэтигэр киирбитэ. Ол сыл кини Болтоҥоҕо “Чэрдээх илии” диэн табаарыстыбаны тэрийсибитэ. Онтон райкомол путевкатынан көмөҕө ыытыллан, “Кыһыл Мырыла” колхуоска ферма сэбиэдиссэйэ буолбута, хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн талыллыбыта.
Көхтөөх хомсомуол, Дьокуускайдааҕы сэбиэскэй баартыйа оскуолатын бүтэрэн баран, нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан эрчимнээхтик үлэлээбитэ. Ол сылдьан салайар үлэһиттэргэ сэбиэскэй тутуу кууруһугар билиитин-көрүүтүн үрдэтиммитэ.
НЕМЕЦКЭЙ ХАЛАБЫРДЬЫТТАРЫ утары сэриигэ Егор 1942 сыл сайыныгар ыҥырыллыбыта. Нөҥүө сыл тохсунньуга Ленинградскай уобаласка пушканы иитээччинэн фроҥҥа киирбитэ. Биирдэ уһун, күүстээх ытыалаһыы буолбута. Өстөөх снаряда пушкаларын үлтү тэппитэ. Расчет алта байыаһыттан түөрдэ өлбүтэ. Кыргыһыы толоонугар маҥнайгы сүрэхтэнии итинник саҕаламмыта.
Кэлин быыстала суох фронт инники кирбиитигэр сылдьан 1944 сыл кулун тутарга хаҥас быччыҥар бааһырар. Икки ый эмтэнэн үтүөрэн баран Калининскай уобаласка гвардейскай армияҕа өссө тыҥааһыннаах бойобуой суолу түөһүнэн тэлсэр. Младшай сержант, отделение командира буолар. Сэриилэһэр чааһа Старай Русса куорат ыарахан кэмигэр онно тиийэн ый курдук киирсии кытаанаҕын көрсөр.
- Калининскай уобаласка биир дохсун кыргыһыы кэнниттэн бүтүн ротаттан үһүө эрэ – нуучча, узбек, саха – тыыннаах ордон турардаахпыт, — диэн ахтар фронтовик. – Ити да үс киһиттэн, хаҥас атаҕым бэрбээкэйин үлтү ытаннар, аны мин стройтан туораабытым. Онно өссө дьонум кэнники хайдах буолбуттарын билбэппин. Итиччэ хаалыахпыт тухары кыдыйса, хомурҕаммыт иһиэр диэри ытыалаһа сылдьыбыппыт. Мин бааһырыам иннинэ аҕай кэриэспин биир фашиһы илэ-чахчы суулларбытым.
Сэрии диэн дьэ итиннигэ. Саха саллаата, сэбиэскэй буойуннар барыларын курдук, чаҕыйары билбэккэ хоһууннук кыргыспыта. Тирэтэн да туран ытыллан баран сыыстарбыттааҕа. Ротата утары сүүрэн киирбит алта уонча фриһи биирдэ ньимси сотон да кэбиспиттээҕэ.
Буойун-гвардеец түөһүн хас да мэтээллэр киэргэтэллэр.
ХОМСОМУОЛ ИИППИТ УОЛА, хорсун саллаат, сэрии инбэлиитэ буолан дойдутугар эргиллиэҕиттэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри сельпо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн, ферма сэбиэдиссэйинэн, кэнники үөрэнэн саҥа идэ ылан 16 сыл устата ветсанитарынан үлэлээбитэ.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Егор Егорович сынньана сытыан санаата буолбатаҕа: кыһынын хачыгаардаан, сайынын күүһэ кыайарынан уопсастыбаннай сүөһү аһылыгын соҕотуопкалаһара.
Егор Массаев дьоллоох дьиэ кэргэн аҕата этэ. Улахан уола Роман – рабочайдаан, эмиэ амарах аҕа. Иккис уола Егор, Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалан баран прораб идэтигэр үөрэммитэ, ыспарсымыан бэрдэ этэ. Кыралара Василий орто оскуола кэнниттэн суоппар идэтин ылбыта, аҕатын туйаҕын хатаран байыаннай сулууспаҕа сылдьыбыта.
Саллаат олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр салҕанар.
С.Данилов
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй