Өлүөнэ эбэни туоруур кыһыҥҥы суолга күн-бүгүн Хатас өттүнэн мууһу ыраастыыр, тоҥорор үлэ ыытылла турар. Уруккута “Хатас-Павловск” диэн ааттанар суолбут уопсай устата 13 биэрэстэ.
Үс туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тиэхэньикэ ахсынньы 11 күнүттэн сылдьыан сөбүн туһунан бэҕэһээ киэһэ СӨ суолга-иискэ бырабылыанньата иһитиннэрдэ.
Хатас сэлиэнньэтиттэн Аллараа Бэстээххэ дылы уоннуу миэтэрэ кэтиттээх түөрт суол балаһата ууруллуоҕа, уруккутун курдук тиэхэньикэлэр аасыһар суоллара икки аҥы арахсыаҕа.
Сэмэн Жендринскэй