Күрэхтэһиини V-с төгүлүн Дьокуускайдааҕы «Айыы кыһата» оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Аарсиэн Артамонов уонна кини эбэтэ, эһэтэ Мария уонна Валерий Герасимовтар тэрийэн ыыттылар. Күрэхтэһии уол оҕону өй-санаа, майгы-сигили, билии-көрүү, эт-хаан өртүнэн сайдыылаах, эр санаалаах, төрөөбүт дойдутун таптыыр, көмүскүүр кыахтаах патриот, эр бэрдэ киһи буола улаатарыгар туһуланар. Быйылгы күрэхтэһиигэ 12-16 саастаах 13 уол оҕо кытынна.
1 түһүмэх: Муора терминнэрин, байыаннай чыыннары (званиелары) билиигэ ыйытыыга хоруйдааһыннар
1 миэстэ — Софронов Данил, 16 саастаах, Дьокуускайдааҕы 17-с орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ;
2 миэстэ — Филиппов Костя, 12 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ; Филиппов Коля, 14 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ; Дорофеев Алгыс, 15 саастаах, Дьокуускайдааҕы ЦБО гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ; Дорофеев Айтал, 12 саастаах, Дьокуускайдааҕы 2-с орто оскуола 6 кылааһын үөрэнээччитэ.
3-с миэстэ — Яковлев Дамир, 13 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ; Колесов Вадим, 16 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
2 түһүмэх: Салгын саатынан 10 м сыал ытыыта
1 миэстэ — Илларионов Олег, 14 саастаах, Мииринэй к. 1-кы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ;
2 миэстэ — Адамов Уйгун, 13 саастаах, С.А.Новгородов аат. Чурапчы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ;
3 миэстэ — Софронов Данил, 16 саастаах, Дьокуускайдааҕы 17-с орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 түһүмэх: Мас тардыһыыта
1 миэстэ — Дорофеев Алгыс, 15 саастаах, Дьокуускайдааҕы ЦБО гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ;
2 миэстэ — Илларионов Олег, 14 саастаах, Мииринэй к. 1-кы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ;
3 миэстэ — Колесов Вадим, 16 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайпхсыт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
4 түһүмэх: Хапсаҕай
1 миэстэ — Колесов Вадим, 16 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ;
2 миэстэ — Адамов Уйгун, 13 саастаах, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ;
3 миэстэ — Дорофеев Алгыс, 15 саастаах, Дьокуускайдааҕа ЦБО гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
Күрэхтэһии муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар:
1 миэстэ — Колесов Вадим, 16 саастаах, А.П.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ. Киниэхэ моряк Г.С. Платонов харчынан бириэмийэтэ уонна улуус спортивнай салалтатын диплома, мэтээлэ (Дь. В.Егоров) тутарылынна.
2 миэстэ — Дорофеев Алгыс, 15 саастаах, Дьокуускайдааҕы ЦБО гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Киниэхэ моряк Д.Д.Яковлев олохтообут бирииһэ уонна улуус спорт салалтатын диплома, мэтээлэ (Дь.В.Егоров) туттарылынна;
3 миэстэ — Илларионов Олег, 14 саастаах, Мииринэй к. 1-кы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Киниэхэ моряк Д.Д.Яковлев олохтообут бирииһэ уонна улуус спордун салалтатын диплома, мэтээлэ ( Дь.В.Егоров) туттарылынна.
Арассыыйа Муоратааҕы Байыаннай Флотун күнүгэр анаммыт күрэхтэһии бырааһынньыктааҕы сандалынан, күлэ-үөрэ кэпсэтиинэн түмүктэннэ. Бары кыттыбыт оҕолорго моряктар түмсүүлэрэ ( сал. Г.С. Платонов) олохтообут бэлэхтэрэ тутарылыннылар, махтал тыллара этилиннилэр.
Күрэхтэһии тэрээһинигэр күүс-көмө буолбут моряктар түмсүүлэригэр, чопчу Г.С.Платоновка, Д.Д.Яковлевка, спорт салалтатыгар ( сал.Дь.В.Егоров) махтанабыт, барыта үчүгэйи, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабыт.
Артамоновтар, Герасимовтар дьиэ кэргэттэрэ.