Хадаар нэһилиэгэр биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Ол курдук ахсынньы 23 күнүгэр нэһилиэкпит аҕыс дьоруой ийэлэрин, дьоһуннук олорон ааспыт үтүө дьоммут тустарынан, кинилэр олорбут олохторун, төрдүлэрин-уустарын, үлэлэрин-хамнастарын сырдатар сиэрийэ кинигэлэр түмүктэнэн “Ийэҕэ махтал!” кинигэ сүрэхтэниитин дьоро күнэ ыытылынна.

Хайа баҕарар кэм олоҕун, үлэтин, историятын сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитэн, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдээччинэн кинигэ буолар. Маны таба өйдөөн кэлиҥҥи кэмҥэ Хадаар нэһилиэгин олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт  дьоннорун-сэргэлэрин үйэтитэр сыаллаах, кэлэр көлүөнэ ыччаттарбыт төрүттэрин, хаан-уруу аймахтарын биллиннэр диэн  кинигэ таһааттарыытыгар үлэлэһэр буолбуттара, кинигэ диэн сүҥкэн суолталааҕын, “Кинигэ – киhи аймах бастың баайа” дииллэрэ кырдьыгын итэҕэтэр.

2022 сыл Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха республикатыгар Ийэ, Чурапчы улууһугар Сир Ийэ, Хадаар нэһилиэгэр Дьиэ-кэргэн сылларыгар анаан, хас биирдии Герой Ийэҕэ анаммыт ахтыы-кинигэлэри оҕолорун кытта сүбэлэһэн баран таһааттарарга туруммуппут.

Ийэҕэ анаммыт кинигэлэр сиэрийэ буолан “Герой Ийэ” диэн төбөлөөх, хас биирдии кинигэ истиҥ-иһирэх ааттаах, сылаас тыыннаах, чахчы даҕаны санааҕа саспыт, сүрэххэ сөҥмүт, таптал, сүгүрүйүү, ытыктабыл, махтал тылларынан толору ахтыылартан хомуллубут кинигэлэр. Хас биирдии дьиэ кэргэн бу кинигэлэри бэйэлэрэ үбүлээн, олохтоох дьаһалта уус-уран киэргэтиитин төлөһөн, көмө оҥорон, биир санаанаан үлэлэннэ. Кинигэлэр 2022-2023 сыл “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар, 50-нуу ахсаанынан 70х100 кээмэйдээх олус тупсаҕай гына оҥоһуллан, бэчээттэнэн таҕыстылар. Кинигэ таһыгар 2022 сылга анаммыт сыл бэлиэлэрэ, “Герой ийэ” уордьана, төрөппүттэрин хаартыскаларынан, истиҥ-иһирэх аатынан ситэрилиннэ. Кинигэ библиографиятыгар кинигэ ис хоһоонун кылгастык быһааран биэрии (аннотация), киирии тыл,  иһинээҕитэ, көмө сыһыарыытыгар элбэх хаартыскаларынан, ахтыыларынан,  докумуоннарынан байытылынна. Биир улахан үлэнэн кинигэлэргэ улахан төрүччүлэр оҥоһуллан киирдилэр, бу төрүччүлэринэн биһиги олус элбэх киһини түмтүбүт, элбэх дьон аймахтыыларын биллибит.

Тэрээһиҥҥэ кинигэ тутулун, ис хоһоонун, хайдах, туохтан саҕалаан үлэлээбиттэрин, суолтатын туһунан Дьоруой ийэ оҕолоро билиһиннэрдилэр, төрөппүттэрин үтүө-истиҥ тылларынан ахтан-санаан аастылар. Бэйэлэрин истиҥ тыллаах махталларын, бэлэхтэрин  көмөлөспүт дьоҥҥо, “Хадаар нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыгар Афанасий Степановка анаатылар. Салҕыы нэһилиэк баһылыга Афанасий Афанасьевич кинигэҕэ үлэлээбит бар дьонугар истиҥ-иһирэх тылларын анаата, сүҥкэн үлэ барбытын бэлиэтээн хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ махтал суруктары, Дьоруой ийэлэргэ анаммыт бэлиэлэри туттартаата. Алта кинигэҕэ үлэлэспит, эрэдээксийэлээбит биир дойдулаахпытыгар, Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Августа Давыдоваҕа “Хадаар нэһилиэгэр үтүөлэрин иһин” II степеннээх бэлиэтин туттарда. Кинигэ биһирэмин Дьоруой ийэлэр оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара ылбаҕай ырыаларынан киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр, түмүгэр “Ийэҕэ махтал” ырыаны күргүөмүнэн толорон, ыллаан дьиэрэттилэр.

Бэйэлэрин кэмнэригэр, мутугунан быраҕар муҥур үйэлэригэр,  туох кыахтаахтарынан оҕолорун иитэн, үлэһит гынан, үлэ ыараханын, олох кыһалҕатын барытын билбит ийэлэрбитин, күндү дьоммутун биһиги чахчы да үйэтитиэх тустаахпыт. Нэһилиэкпит дьонун-сэргэтин олоҕун сырдатар кинигэлэри тутан олорорбут бу биһиги – баайбыт, дьолбут буолар. Дириҥ ис хоһоонноох, элбэххэ үөрэтэр кинигэлэрхас биирдии ааҕааччыга, нэһилиэкпитигэр эрэ буолбакка улууспут, өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун кутун тутуо диэн эрэнэбит.

Үйэлээх үлэ оҥоһулунна!Суруллубут суоруллубат!

 

Лена Ноговицына,

Хадаар нэһилиэгин тыа сирэ модельнай

 бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ