Хадаардар туохха сөпсөспөтүлэрий? Ол эрэн тоҕо ситэриилээх былаас үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатыларый?

Хадаар нэһилиэгэр былырыын баччаларга отчуоту 78 киһи истибит эбит буоллаҕына быйыл  61 олохтоох кыттыыны ылла. Онно олохтоохтортон 18 боппуруос, 3 этии киирбитэ. Оттон быйыл, үксэ улуус таһымнаах да буоллаллар 26 боппуруоһу, 3 этиини киллэрдилэр. Былырыын Пионерия 100 сылыгар анаан, туох дьаһал былааннанарыттан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар, мелиорацияҕа тиийэ, үгүс ыйытыы киирбит эбит буоллаҕына быйылгы дьыллаахха үксүн субсидия көрүүллүүтүн туһунан буолла.

Былырыын Хадаардар сүрүн туруорсар боппуруостарынан “Дириҥ-Хадаар” өрөспүүбүлүкэтээҕи суолу уонна бөһүөлэк иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһин эбит буоллаҕына бу сырыыга таас норуот айымньытын дьиэтин туттарыы чааһыгар СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Павел Пинигинтэн көрдөстүлэр.

Улууспутугар соҕуруу сытар Хадаар, Хайахсыт, Чакыр нэһилиэктэригэр билигин 2000-тан тахса киһи олорор. Ол онно кинилэр  ааттарыттан Хадаар баһылыга Афанасий Степанов былырыын көрдөһүү суругу СӨ тырааныспарга уонна суолга хаһаайыстыбатын миниистиригэр Владимир Сивцевкэ туттаран турардаах.

Онно миниистир Владимир Михайлович: “Бу учаастак суоллара үс сыллаах былааҥҥа киирбиттэрэ. Быйыл бэдэрээтчиттэргэ куонкурус биллэриэхпит. Онно кыайбыт бэдэрээччит быйыл үлэтин саҕалыыр буоллаҕына,өйүөхпүт. Оттон муниципальнай суолларга Суол пуондатыттан субсидия көрүллэр. Бастакы түһүмэххэ Чурапчы улууһуттан 101 мөл. тахса суумалаах сайаапка киирбитэ. Аҕыйах да буоллар, Чурапчы улууһугар 56 кэриҥэ мөл. солк. үп көрүллүбүтэ. Онно Чурапчы, Алаҕар суоллара киирбиттэрэ. Хадаар сайаапката ааспатаҕа. Саас өссө биир түһүмэҕи оҥоробут. Онно сайаапката түһэриҥ, өйүөхпүт”, — диэн олохтоохтору эмиэ үөрдэн турардаах. Бу төһө даҕаны толорутук олоххо киирэ илигин иһин эмиэ бэбиэскэттэн түспэккэ, боротокуолга киирдэ.

Хадаар нэһилиэгин 89 саастаах олохтооҕо Дмитрий Лукин, бырамыысалыннай табаары туһаҕа таһааран гөрүүчэй сыанатыгар чэпчэтии көрөллөрүгэр хас да сылын туруорсар.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Гаврил Луковцев итэҕэл саха норуотугар төһө оруоллааҕын туоһулаһан, ситэриилээх былаас салайааччыларыттан сөптөөх хоруйу ылбакка сөпсөспөтүн биллэрдэ. Итини таһынан Гаврил Гаврильевич, Саха сирэ Кировскай уобалаһы чөлүгэр түһэриигэ хантан үп-ас ыларын, сылгыны күрүөлээһин сокуонун итиэннэ култуура дьиэлэрин тутууга быйылгы сыллаахха төһө үп көрүллүбүтүн туоһуласта.

Сааһын тухары суоппарынан үлэлиир Иннокентий Давыдов автобуска субсидияны, бэйэбит улууспутугар техосмтор ааһар пуун тутуллуутун, Хадаар-Чурапчы суолугар өрөмүөн үлэтин ыытылларыгар санаатын этиннэ.

Улуус мунньаҕын дьокутаата Иннокентий Готовцев, Уорҕа учаастагар суотабай сибээс кииритин туруоруста. Этиилэргэ Уорҕаҕа барыыга тимир муоста тутуутун туһунан этилиннэ. Нэһилиэк баһылыга Афанасий Степанов, боротокуолга улууска сир тостооһунугар уонна дьүөдьэлэр үөскээһиннэригэр сүрүн болҕомто ууралларыгар киллэттэрдэ. СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Павел Пинигин, Хадаар нэһилиэгэр уопсастыбаннай көмөлөһөөччүнэн Гаврил Луковцевы аныырын иһитиннэрдэ.

Мунньах иннинэ отчуот үлэлиир бөлөҕө оскуоланы, уһуйааны, хочуолунайы көрбүттэрэ. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Степанович нэһилиэк икки олохтооҕун кыһалҕаларын истибитэ.

Отчуот түмүгүнэн олохтоохтор “үчүгэй кэпсэтии таҕыста” диэтилэр, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үлэ күүскэ барарынан итиэннэ былырыыҥҥы туруорсуулар былааҥҥа киирбиттэринэн быйылгы уопсай үлэни 100 бырыһыан сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ