ХАДААР НЭҺИЛИЭГЭР ТОҔУС ДЬОРУОЙ ИЙЭҔЭ АНАММЫТ СКВЕР АРЫЛЫННА

Кулун тутар 31 күнүгэр Хадаар нэһилиэгэр ийэҕэ уонна оҕоҕо анаммыт сквер үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Эбийиэк олохтоохтор уонна дьаһалта көҕүлээһиннэринэн олоххо киирдэ. Бу сквер дьон сөбүлээн сылдьар, сынньанар сиринэн буолуоҕа.

Киириигэ оҕо кутун, ийэ кутун кэрэһэлиир 9 дьэрэкээн аарканан иһирдьэ ааһаҕын. Силигин ситэрэн сквергэ тохтоон, сынньанан, сэһэргэһэ түһэргэ анаммыт кэрэ көстүүлээх ыскамыайкалар, остуоллар турдулар, кыраһыабай билиитэлэринэн тэлгэммит тротуар, аныгы уот-күөс, оҕооонньуур хачыаллар уо.д.а турдулар.

Кыһыл лиэнтэни «Хадаар нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Афанасий Степанов, “Андезит” ХЭТ дириэктэрэ, бэдэрээччик Александр Павлов, Хадаар нэһилиэгин Ытык ийэлэрэ Марфа Никитина, Александра Софронова быстылар уонна сквер арыллыбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бигэргэттилэр.

Кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, саламаатынан күндүлээтилэр, аал уоту оттон, аһатан, алгыс тылы этэн амалайдылар.

Бырайыак ис тутулун баһылык Афанасий Афанасьевич кэлбит дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсээтэ, үлэлээбит дьоҥҥо махтал тылларын, эҕэрдэтин тиэртэ. Бэдэрээччик Александр Павловка үтүө суобастаах үлэтин иһин “Нэһилиэк иннигэр үтүө өҥөтүн иһин” 3-с степеннээх бэлиэни, бу бырайыак силигин ситэригэр үлэлэспит Ольга Климоваҕа махтал суругу туттардылар. Ону таһынан нэһилиэк аҕам саастаах ийэлэригэр Марфа Никитинаҕа, Александра Софроноваҕа, нэһилиэк саамай эдэр ийэтигэр Аида Орловаҕа, 2024 сылга бастакы кырачааҥҥа күн сирин көрдөрбүт ийэҕэ Екатерина Ксенофонтоваҕа эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри биэрдилэр.

Ийэҕэ анаммыт сквер олоххо киирбитэ олус үөрүүлээх, долгутуулаах. Сквер үлэтин түмүгүн ситиспит дьоммутугар, бу үлэни саҕалаабыт оччотооҕу баһылыкпытыгар Иван Васильевка, “Хадаар нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин билиҥҥи баһылыгар Афанасий Степановка, дьаһалта үлэһиттэригэр, бар дьоммутугар барҕа мааны махталбытын, баҕа санаабыт баараҕайын этэн алҕаатахпыт буоллун! Үтүө дьыалаҕыт үксүү турдун, ылсыбыт дьыалаҕыт ыпсан истин!

Бу сквер оҕо-аймах, дьиэ кэргэн сөбүлээн сылдьар, сынньанар сирэ буолара саарбаҕа суох. Хас биирдии киһи ийэҕэ тапталын, ытыктабылын бэлиэтин бу сиргэ сылдьан, харыстаан, киртиппэккэ хомуйан-ыраастаан сылдьыахтаах. Ол хас биирдии бэйэбит, оҕотуттан улахан киһитигэр тиийэ ытык иэспит буолар.

 

Лена Ноговицына – Хадаар нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй