2003 сылтан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдэээтэлинэн үлэлээбит Егор Афанасьевич Борисов 2010с. бэс ыйыгар Саха сирин бэрэсидьиэнин эбээһинэһин толорооччунан, онтон РФ Бэрэсидьиэнэ Д.А.Медведев анааһынынан регион баһылыга буолбута.
2010 сыл, бэс ыйын 17 күнүгэр СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕа Егор Афанасьевич Борисовы СӨ Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар бигэргэппитэ.
2010-2018сс.СӨ Бэрэсидьиэнэ, саха бастакы Ил Дархана, регион Бырабыыталыстыбатыгар уларыта тутууну ыыппыта. 2012 с. бэс ыйын 8 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ парламена СӨ Конституциятыгар уларыта тутууну бигэргэппитэ. Бэрэсидьиэн дуоһунаһа баһылык ( Ил Дархан) дэнэн уларыйбыта. Ити уларыйыы 2015 сылга үлэлии олорор салайааччы Е.А.Борисов боломуочуйата бүтүүтэ , күүһүгэр киирбитэ.
Е.А.Борисов салайааччылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын саҥа састааба 2003с. олунньуттан үлэтин саҕалаабыта. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын сүрүн соруктарынан – экономиканы сайыннарыы, табаары оҥорон таһаарыы уонна өҥөнү оҥоруу буолбуттара.
Е.А.Борисов СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмигэр Өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайдыытын тэтимэ, нэһилиэнньэ олоҕун таһыма үрдээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ макроэкономикатын көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥи уокурукка инники күөҥҥэ тахсыбыта. 2007 с. Е.А.Борисов СӨ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн иккистээн талыллыытыгар кэлэр биэс сылга соругунан экономика сүрүн салааларын сөргүтүү, национальнай дохуоту үрдэтии буолбута.
2007 с. Е.А.Борисов быһаччы кыттыытынан Өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһаарар күүстэрин, тырааныспар, энергетика 2020 с. диэри биир кэлим сайдыытын схемата оҥоһуллубута.
Итини таһынан Е.А.Борисов тус бэйэтин көҕүлээһининэн Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан 2009 с. административнай быраабы кэһии туһунан СӨ Кодекса ылыныллыбыта. СӨ Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар 2020 с. схеманы олоххо киллэриигэ үлэлээбитэ.
Эрдэ ылыныллыбыт былааннарга тирэҕирииттэн 2010-2012сс. Өрөспүүбүлүкэ социальнай- экономическай сайдыыта Арассыыйа ортоку таһымын куоһарбыта.
2012 с. судаарыстыба бүддьүөтүгэр 125,9 млрд солк. ( 2011 сылтан 110%) угуллубута, итинтэн нолуок дохуота 59,9 млрд солк, (115%) буолбута.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн аҥаарыттан ордуга (74,7 млрд солк) социальнай бырагыраамалары толорууга анаммыта. Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ эбии 1,8 млрд солк. бэриллибитэ. Үлэтэ суох буолуу аччаабыта. Нэһилиэнньэ ахсаана оҕо төрөөһүнүттэн дойдуга 7-с, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 1-кы миэстэни ылбыта. 2012 сыл түмүгүнэн норуоттар икки ардыларынааҕы икки рейтиннээх агентстволар- Fitsh Ratihgs Stahdarts & Poors СӨ кирэдьииккэ рейтинин үрдэппиттэрэ.
Е.А.Борисов нэһилиэнньэни кытта быһаччы кэпсэтиитэ үгэскэ кубулуйбута. Сыл аайы ситэриилээх былаас уорганнара Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэринэн отчуоттааһыннара олохтоммута. 2010 сылтан Бэрэсидьиэн парламеҥҥа отчуоттааһына саҕаламмыта уонна нэһилиэнньэҕэ туһаайан этиитигэр сыл түмүктэрэ, кэлэр соруктар ыйыллаллар. 2011 сылтан Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ сылын аайы Е.А.Борисов «Хотугу Форум» норуоттар икки ардыларынааҕы бэрэссэдээтэлин уонна бөдөҥ спортивнай күрэхтэһиилэри уонна култуурунай тэрээһиннэри тэрийээччи регион баһылыгын быһыытынан, РФ норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ уонна РФ Арктикаҕа интэриэһин көмүскээһиҥҥэ кырата суох кылаатын киллэрбитэ.
Саха сирин Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар тахсарыгар тыл этиитигэр социальнай политикаҕа биир сүрүн хайысхатынан Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олорор дьиэнэн хааччыйыы буолуохтааҕын ыйбыта.
2012 с. « Обеспечение качественным жильем на 2012-2016 гг» судаарыстыбаннай бырагыраама ылынылллыбыта. 2010 с.352000 кв.м. олорор дьиэ тутуллан былаан куоһарыллыбыта. Базальт собуота аһыллан, Өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк технологиялаах тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыы саҕаламмыта.
2012 с. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакынан регионнааҕы венчурнай пуонда – «Якутия» хампаанньа тэриллибитэ. «Технопарк Якутия», ХИФУ базатыгар Арктикатааҕы инновационнай Киин үлэлэрэ саҕаламмыттара.
Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарар туһуттан муниципалитеттарга сыыйа үп- харчы өттүнэн боломуочуйаларын кэҥэтии ыытыллыбыта. 2012 сылтан сылын ахсын нэһилиэктэр баһылыктарын кытта көрсүһүү ыйытыыга эппиэттээһин халыыбынан ыытыллар буолбута.
Тыа хаһаайыстыбатыгар салалтаны сайыннарар туһуттан, агроменеджердэр институттара сайдар.
2013 с. Аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар бырааптарыгар болумуочуйаларын института тэриллиитин туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.
Каадырдары бэлэмнээһин уонна талыы түһүмэхтэрдээх систиэмэтэ олохтоммута. 2011 с. СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн каадыр политикатын Сүбэтэ тэриллибитэ. СӨ салайар каадырдарын резервэтэ баар буолбута. Е.А.Борисов көҕүлээһининэн 2009 сылтан «Миниистир» дьыалабыай оонньуу ыытыллар. 2012 сылтан «Сахаселигер» ыччат үөрэххэ форума, 2013 с. бастакы «Эдэр фермер» дьыалабыай оонньуу ыытыллар.
Билигин Саха сирэ инвестициянан бырайыактары олоххо киллэриигэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка регионнартан инники күөҥҥэ иһэр. 2003- 2009 сс. нэһилиэнньэ харчынан дохуота 57% үрдээбитэ. Хамнас алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах нэһилиэнньэ ахсаана 22% намтаабыта.
Өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай тус сыаллаах быргыраамалар инженернай, транспорнай, энергетическэй, социальнай хайысхалары хабан олоххо киллэриллэллэр. Алмааһы хостуур бөдөҥ эбийиэктэр: Ньурбатааҕы ГОК, «Интернациональнай» рудник иккис уочарата. «Ботуобуйа» кимберлит трубка разведката түмүктэммитэ, “Светлинскэй” ГЭС үлэҕэ киирбитэ. Өлүөнэ өрүһү туоруур гаас турбата тутуллан, Илин эҥээр улуустар гаас ситимигэр холбоннулар. «Илин Сибиир- Чуумпу акыйаан» ньиэп ситимин тутуутун туһунан суолталаах быһаарыы ылылынна.
2012с. Хотугу Талакаҥҥа ньиэби хостооһун саҕаланан, Өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэби хостооһун 7 млн туоннанан улаатара былааннаммыта. «Сургутнефтегаз» хампаанньа Саха сиригэр үлэлээһиниттэн РФ бүддьүөтүгэр 15 млрд. Солк. нолуогунан киирбитэ. Итинтэн 7 млрд Өрөспүүбүлүкэҕэ киирэн, социальнай эбийиэктэр тутууларыгар барбыта.
2012 с. инвестиция бырагырааматыттан 36 % 19 млрд. солк. социальнай эбийиэктэр тутууларыгар, 17%- олорор дьиэ тутуутугар, 18 % тырааныспар комплексыгар туттуллубуттара. Бөдөҥ спорт комплекстара тутулуннулар. 3000 миэстэлээх комплекс, 300 миэстэлээх футбол манеһа, 50 миэстэлээх ванналаах бассейн.
2002-2009 сс. 109 оскуола, 86 медицина тэрилтэтэ. 11 үрдүк уонна орто анал үөрэх эбийиэктэрэ. 18 култуура, 2012 с. Арассыыйа үрдүнэн 56 саҥа оскуола тутуллубут буоллаҕына, 12-тэ – Саха сиригэр.
Федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллүүтэ 3.3.-тэн 18.8-тан млрд. солк. тиийбитэ.
РФ Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин сорудаҕынан Өрөспүүбүлүкэ 2020 диэри биир кэлим сайдыытын схемата олоххо киириитэ тэтимнээхтик барар. 2007-2011 сылларга инвестициянан 752 млрд солк.- схемаҕа былааннаммыттан 31% үп киирбитэ. Бөдөҥ Бырамыысыланнай тэрилтэлэртэн нолуок киириитэ 2002 с. 2.2 млрд. Солк., 2011 с. 10 млрд. солк. тиийбитэ. Е.А.Борисов салайыытынан «Соҕуруу Саха сирин биир кэлим сайыннарыы» бырайыагынан үлэ ыытыллар. 2012 с. «Восточная Сибирь- Тихий океан» ньиэп утаҕын бастакы түһүмэҕэ түмүктэммитэ.
«Мир», «Айхал» алмааһы хостуур рудниктар, “Денисовскай” чоҕу хостуур шахта бастакы уочараттара үлэҕэ киирдилэр. « Средневилюйское ГКМ- Мастах-Берге-Якутск» нэһилиэнньэлээх пууннарга гааһы холбооһун былаана туолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин гааһынан хааччыйыы Генеральнай схемата бигэргэтиллибитэ. Беркакит- Томмот- Аллара Бэстээх (Дьокуускай) тимир суол укулаата ууруллубута. Уотунан хааччыйыы улахан эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Аччыгый уонна орто предпринимательство судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү ылыытынан Саха сирэ регионнартан инники иһэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын бырамыысыланнай комплексын сайыннарыыга Е.А.Борисов улахан болҕомтотун уурар. 2012 с. Тыа сирин сайдыытыгар судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 8 млрд-тан тахса үп көрүллүбүтэ.
Тыа сирин сайдыытын төрүтүнэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр СӨ Бэрэсидьиэнин « Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа сирин сайдыытын биир кэлим дьаһаллара» диэн 1644 №-дээх Ыйааҕа буолбута. Ол курдук . 2013 сыл Өрөспүүбүлүкэбитигэр Тыа сирин сылынан биллэриллибитэ. Эдэр фермердэри, дьиэ кэргэн хһаайыстыбаларын өйүүргэ, сүөһү атыылаһыытыгар 100 мөл. солкуобайтан тахса үп көрүллүбүтэ.
Предпринимательство сайдыытыгар 2009-2012сс. 2.1 млрд солк. ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 1 млрд. солк. көрүллүбүтэ.
Бэрэсидьиэн Е.А.Борисов өттүттэн наука сайдыытыгар уонна саҥаны олоххо киллэриигэ улахан болҕомто ууруллубута. Венчурнай пуонда тэриллэн, судаарыстыба өттүттэн Өрөспүүбүлүкэҕэ Наука Академиятын өйөөһүн улаппыта. Технопарка тэриллибитэ, интеллектуальнай бас билии Киинэ, Аграрнай научнай-үөрэтэр производственнай комплекс, эдэр учуонайдарга, исписэлиистэргэ научнай үөрэхтээһин пуондата тэриллибитэ.
Е.А.Борисов улахн болҕомтотун физкултуура уонна спорт, чөл олох сайдыытыгар уурар. Сылтан сыл нэһилиэнньэ ортотугар спордунан дьарыктанааччы ахсаана эбиллэн иһэр . 2011с. физкултууранан, спордунан дьарыктанааччы Өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ 22,5 % -ынан, Арассыыйаҕа- 20,6 % элбээбит. Егор Борисов тус хонтуруолунан « Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы ыспартыыбынай оонньуу ыытыллыбыта.
Нэһилиэнньэ , былаас уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын хардарыта бииргэ үлэлээһиннэрин тупсарар сыалтан, Егор Афанасьевич көҕүлээһининэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай палатата тэриллибитэ. Е.А.Борисов инники сайдыыны хамсатар күүһүнэн былаас бары уорганнарын бииргэ үлэлээһиннэрэ эрэ буолбакка, Саха сирин олохтоохторун, гражданнарын быһаччы кыттыылара буоларын бэлиэтиир.
Е.А.Борисов – бөдөҥ Судаарыстыбаннай диэйэтэл. Биллэр-көстөр учуонай, политик уонна федеральнай региональнай таһымнаах экономист. Экономика наукатын доктора (2000), 60 научнай үлэ, ол иһигэр 4 монография ааптара. Кини эрэдээксийэлээһининэн 10 научнай үлэ хомууруннньуга, монографиялар, брошюралар, научнай-методическай рекомендациялар бэчээккэ тахсыбыттара. Кини салалатынан 5 экономическай наука хандьыдаата буола үүммүтэ. «Родина» сурунаал попечительскэй сүбэтин чилиэнэ.
Егор Афанасьевич « Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ», РФ Бочуоттаах донора (1991), РФ тимир суол Бочуоттаах тутааччыта (1994), РФ сибээскэ маастара (1995), РФ АгроБырамыысыланнай комплексын Бочуоттаах үлэһитэ, «Доҕордоһуу» Уордьанынан апостолга тэҥнээх Сибэтиэй Владимир кинээс Нуучча православнай таҥаратын дьиэтин уордьанынан. «РФ үп-харчы хонтуруолун бөҕөргөтүү» , РФ куттала суох буолууга «За зслуги в обеспечении национальной безопасности» Сүбэтин мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Туһаныллыбыт матырыйаал: Егор Борисов. (библиографический указатель).
2010-2014г. киирии тыла- СӨ Бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын салалтата.
Бэлэмнээтэ Варвара Попова