Кини Алаҕар нэһилиэгин уһуйааныгар сэбиэдиссэйинэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри өр кэмҥэ дьиҥ ис сүрэҕиттэн кыһанан-мүһэнэн үлэлээбитэ. Былыргы ампаар дьиэлэри салҕааттаан, уһатан-кэҥэтэн оҕо саадын оҥотторбуттарын, бэйэтэ эппитинии “күндү оҕолорбут көмүс уйалара” оҥорбута. Оччотооҕу дьон ахталларынан дьиэ тутуутун ырааһа, олбуор иһэ бэрээдэктээҕэ тута харахха быраҕыллара. Уһуйаан иһэ даҕаны, ып-ыраас, ип-итии, хайдах эрэ киһи кута-сүрэ тохтуур гына оҥоһуллубута. Оттон сэбиэдиссэй үлэһиттэригэр сыһыана хайдах эрэ аҕа оҕолорун сүбэлээн-амалаан дьаһайарын курдук эйэҕэс, истиҥ буолара. Онон кэлэктиип сүрдээх түмсүүлээх, барыга-барытыгар көхтөөх буолара.
Сайынын уоппускатын кэмигэр туһалаах үлэни дьарыктанара: оҕолорун батыһыннара сылдьан колхуоска оттуура, тэрилтэтигэр оттор маһы бэлэмниирэ. “Биир сайын сынньалаҥ кэмигэр колхуоска отто оттуоххайыҥ” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыы таһаарбыттааҕа. Ол “Кыым” хаһыакка бэчээттэммитэ. Тылыгар турбута: ылыммыт эбэһээтэлистибэтин аһара толорбута. Оннооҕор Смоленскайга бойобуой доҕоругар, фроннааҕы урукку хамандыырыгар Алексей Егорович Кобызевка күүлэйдии бара сылдьан, 1967 сыллаахха от охсон, эдэрдэри дьулаппыт, элбэх киһини кэннигэр хаалларбыт сурахтааҕа.
Итинник киһи этэ Гаврил Дмитриевич Протодьяконов бокуонньук – норуот үөрэҕириитин кырдьаҕас үлэһитэ, албан аатырбыт буойун.
* * *
Сүрдээх үөрүнньэҥ булчут этэ. Баай Байанайа тосхойдоҕуна үөрэн-көтөн багдалыйан, кэпсээн-ипсээн, ыһан-тоҕон барара. Саата да сааттан ордук буолара, таах “сотон ылар” түбэлтэлэрдээҕэ. Чыаппара эбэтэ күндүлээбит аан бастакы андыларын кыттыгастарыгар түҥэтэн баран бэйэтэ матан хаалара уонна “Эбэ өлүүбүн биэриэ” диэн бөҕөхсүйэрэ. Биирдэ саҥа кэлбит учууталынсаҕа саас кустаан кэлээт, үс саамай бөдөҥ куһун талан оҕолорунан ыыппыта уонна “барахсан амсайдын айылҕа бэлэҕиттэн, үөрдүн-көттүн” диэбиттээҕэ.
Кини сыһыана суох, туора турар дьыалата суох курдук буолара. Атырдьах маһыныы арахсан эрэр дьиэ кэргэни ардыгар эйэҕэс, истиҥ тылынан сүбэлээн-амалаан эйэлэһиннэрэрэ. Арыгыны батыспыт, ол-бу буолбут, оройдорунан көрбүт уолаттары уодьуганныырга эмиэ көмөлөһөрө. Итэҕэстэргэ эйэлэспэт, сыыһа быһыыга сымнаан биэрбэт киһи диэн кини этэ.
Гаврил Дмитриевич Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар бэйэтин бойобуой суолун илиитин далайан, кэтит баппаҕайдарынан сибилигин харбаан ылыахха айылаах туттан туран субу баар, көстөн турар курдук ойуулаан, кэпсээн үллэҥнэтэн бардаҕына, эрэйи-кыһалҕаны билбэтэх сорох эдэр дьон: “Оҕонньор быһыыта, омуннуур эбээт, ама, оннук үлүгэр үһүө?” – диэн итэҕэйбэттии тутталлара. Оттон кыа хаан тохтуулаах кыргыһыы кытаанах түгэннэрин, бойобуой доҕотторун сүтэрбитин ахтан, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа куолаһа титирээн бардаҕына “эрэйдээх кырдьык да ыар сырыыга сылдьыбыт, үгүс быһылааннарга түбэспит эбит,” – диэн дьэ итэҕэйэн аһына саныыллара, бэйэлэрэ эмиэ уйадыйан бараллара.
Кырдьык кини сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри фроҥҥа сылдьыбытын Кастронайынан, Воронеһынан, Салинградынан, Варшаванан Берлиҥҥэ тиийбитин, биэс төгүл бааһырбытын (онтон үстэ ыараханнык), контузияламмытын, орудиетын расчета сэрии устатыгар 16 таанкатын, ол иһигэр тус бэйэтэ 7 таанканы алдьаппытын туһунан үгүс докумуоннар кэпсииллэр. Итини барытын ССРС оборуонатын министиэристибэтин архыыбыттан көстүбүт наҕараадалыыр лиистэрэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа биллиилээх снайпер Василий Григорьевич Зайцев, Сэбиэскэ Сойуус Дьоруойа 70-с гвардейскай дивизия хамандыыра генерал-майор Леонид Иванович Вагин уонна 1965 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр ССРС оборуонатын миниистирин солбуйааччы, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа, Сэбиэскэй Сойуус маршала Василий Иванович Чуйков уонна Забайкальскай байыаннай уокурук Байыаннай Сэбиэтин кэккэ докумуоннара кэрэһэлииллэр.
Аан дойдуга араас үрдүктээх ахсаана биллибэт элбэх хайалар, томтордор бааллар. Олор ортолоругар Мамаев кургана биллэ-биллибэт туочука. Оттон аан дойду иккис сэриитин устуоруйатыгар бу булгунньах саамай улахан биллиилээх сир, Сталинград дьылҕатын быһаарыыга биир бөдөҥ стратегическай пуун. Устуоруйаҕа киирбит Мамаев курган иһин дьоруойдуу кыргыһыыга биһиги Хабырыыспыт аан бастаан албан аатырбыта: чааһа төттөрү чугуйбутун кэннэ, нейтральнай зонаҕа соҕотоҕун эрэ хаалан баран, өстөөҕү утары сэриилэһэ сыппыта – орудиетынан икки таанканы алдьаппыта. Кини 45 калибрдаах таанканы утары орудиета 25 сиринэн табыллыбыта (ол орудие Волгоград мусуойугар Метелев полковник этиитинэн кытта көрүүгэ турар). Мамаев курган иһин кыргыһыыларга кини расчета өстөөх 9 пулеметнай туочукатын уонна 4 блиндаһын үлтүрүппүтүн туһунан кини маҥнайгы наҕараадалыыр лииһигэр суруллубут. Итиннэ Хабырыыс таанканы кыдыйааччы-истребитель, хорсун, куттаҕаһа суох буойун буоларын көрдөрбүтэ.
Хайдах сэриилэһэ сылдьарын туһунан Протодьяконов 1945 сыл кулун тутар 6 күнүгэр М.П. Ефимовка суруйбута: “Охсуспуттан ыла 5 таанканы суох оҥордум – икки “Тигри”, үс “среднейи”. Хас да суоллаан 1942 сыл Сталинградка ыстыыгынан киирсибитим. Миша! Суостаах суоллар мин туспар туһаайбыттара. Олору түүл-бит курдук сылдьан аһарбытым. 1943 сыл Донец өрүһү туорааһыҥҥа (Голай Долинаҕа) ханна да суох кырыктаах кыргыһыы буолбута. Онно 8 таанка гусеницаларынан үлтү имэрийэн ааһаары 30-20 миэтэрэ чугас кэлтэрэ. Онтон икки “Тигри” үлтүрүппүтүм. Атын табаарыстарым сорохторо өлөн, сорохторо араанньы буолан туораабыттара. Биһиги иккиэ буолан үс күн кыргыспыппыт. Ити кэмнэри санаатахпына утуйбат да, аһаабат да буолар этим. Икки суоллаан быарым ыалдьар гына аччыктаан ылбытым. Дьэ, Миша, урукку курдук доруобай буолан, маһы-оту тардыалыыр күүс суох. Эн билигин көрдөргүн, олох билиэн суоҕа этэ. Сэриилэспиппититтэн ыла үс суоллаан ыараханнык баас ыллым. Билигин госпитальга сытабын. Одер өрүс таһыгар немец кыраныыссатыгар баас ылбытым 1945 сыл тохсунньу 27 күнүгэр, икки атахпынан, хаҥас атаҕым бааһа 6 сантиметр этэ, оскуолканы ылбыттара. Уҥа атахпыттан оскуолканы ылаары гыммыттарын ылларбатаҕым, онтукам осто… Уҥа илиим үчүгэйдик үлэлээбэт, көнтөс аҥардаах буолта. Хаҥас атаҕым иҥиирин таарыйан доҕолоҥноон хаамабын. Онтукам ааһар дуу, суох дуу? Дьэ, Миша, билигин немец сиригэр бурдугу ыһан бүтэрэн эрэллэр. Манна мас көҕөрөн үчүгэй бөҕө кэлэн турар. Мин сотору-сотору эйигин саныыбын. Урут хайдах курдук үлэлээн сылдьыбыппытын…”
Гаврил Дмитриевич Протодьяконов Сталинградка Мамаев кургаҥҥа хорсун быһыытын туһунан “Коммунист вооруженных сил” сурунаал 17 нүөмэригэр 1970 сыл балаҕан ыйыгар полковник, философскай билим хандьыдаата Я. Кучма “Билиҥҥи сэриигэ героическай быһыы” диэн ыстатыйатыгар маннык сыананы биэрбитэ: “Туруоруллубут сорудаҕы толорорго, кыайыы суолун көрдөөһүҥҥэ оннооҕор рядовой буойун инициативаны көтөҕүөн сөп. Холобур, Сталинград иһин кыргыһыы кэмигэр биир орудие расчета барыта стройтан туораабыт, аттара эмиэ өлөрүллүбүттэр. Рядовой Гаврил Протодьяконов нейтральнай балаһаҕа орудиетыныын соҕотох хаалбыт. Ол эрээри саллаат уолуйбатах-куттамматах, окуопа хастыбыт, орудиетын маскироваклаабыт уонна биир күн өстөөх икки таанкатын үлтүрүппүт. Кини пушката өстөөххө таптарбат сыалынан буолбут. 62-с аармыйа хамаандалааччыта дьоруойу ыҥыран ылан кини уопутун кытта билсэн баран, сэриилэригэр өстөөххө ыга киирэргэ, нейтральнай балаһаҕа траншеялары, окуопалары хаһарга фронт үрдүнэн бирикээс таһаарар. Саллаат булугас өйө хамаандалааччыга кимэн киирэ турар өстөөҕү утары кыайыылаахтык охсуһуу саҥа суолун буларыгар көмөлөһөр. Онон өстөөх илиититтэн кини кылаабынай куоһура – авиация алдьатар күүһэ мүччү охсуллубута. Авиация урукку курдук үлтү урусхаллаабат буолбута. Бастакы траншеяҕа баар биһиги сэрииһиттэрбит бөлөҕөр өстөөх авиацията кэлэн буомбалары бырахтаҕына, үксэ гитлеровецтар бэйэлэрин төбөлөрүгэр түһэр буолан хаалбыта. Бу холобур көннөрү хорсун быһыы буолбакка, таһыччы түмүккэ тиэрдибит дьоруойдааһыны (дьоруойдуу быһыыны) көрдөрөр”.
Ааптар суруйарын курдук, кырдьык генерал В.И. Чуйков өстөөҕү кытта ыкса киирсэн булкуһа сылдьан кыргыһар туһунан бирикээһэ Сталинград оборуонатыгар улахан суолталаммыт: өстөөх авиациятынан, артиллериятынан бэйэтин дьонун табымаары сэрэнэр, мээнэ буомбалаабат, ытыалаабат буолбута. Ол улахан оруолу оонньообута. Быһата, саллаат булугас өйө хамаандалааччыга өй укпута, үгүс сиэртибэ тахсыбатыгар көмөлөспүтэ.
Ол да иһин саллаат уонна маршал 32 сыл устата доҕордоспуттара. Москубаттан Сэбиэскэй Сойуус Маршала, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа В.И. Чуйков, суруйааччы И.Г. Падерин уонна однополчаннар Г.Д. Протодьяконов 1974 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр эмискэ ыалдьан өлбүтүгэр маннык ис хоһоонноох телеграмманы ыыппыттара: “Доҕорбутун, фронтовигы, сэрии хорсун дьоруойун Г.Д. Протодьяконовы сүтэрэн дириҥник курутуйабыт. Саха норуотун албан ааттаах уолун сырдык кэриэһигэр төбөбүтүн төҥкөтөбүт. Кэргэттэрин, доҕотторун кытта аһыыны бииргэ үллэстэбит,” – диэн.
Гаврил Дмитриевич Протодьяконов 32 сыл баартыйа кэккэтигэр саамай чиэһинэй, кэрэ олоҕу олорбута. Москубаҕа бэлитиикэ литэрэтиирэтин дьиэтигэр тахсыбыт “Рассказы о партии” диэн кинигэ икки туомугар (237-262 стр), И. Падерин “Огнестойкость” кэпсээнигэр 22 саастаах саха, противотанковай орудие хамандыыра Гаврил Протодьяконов хайдах кыргыһыы толоонугар 500 байыастардыын баартыйаҕа киирэргэ көрдөспүтэ, онтон аҥардарын кытта ылыллыбыта уонна тута сэриигэ хомуньуус быһыытынан үөрэн-көтөн киирбитэ, атын туйахтарын оттоох куулу кэтэрдэн тыаһаабат оҥорбута уонна – “Бу курдук тыаһа суох хаамыхпыт, фашистскай таанкалары ытыалыахпыт, таба ытыахпыт, үчүгэйдик ытыахпыт,” – диэбитэ суруллар. Өссө итиннэ “Өстөөх таанкаларын сонордуур Сталинградтааҕы хорсун булчут билигин да төрөөбүт кыраайыгар Чурапчытыгар уопсастыбаннай үлэнэн соло булбакка дьарыктанар” диэн кэпсэнэр.
Хорсун буойун туһунан атын да сурунаалларга уонна хаһыаттарга элбэхтик суруллубута. Ол барыта биһиги кэлэр кэскилбитин – эдэр ыччаты аҕа көлүөнэ үтүө үгэстэригэр иитэргэ көмөлөһөр.
Норуот Дьоруойа Гаврил Дмитриевич Протодьяконов – киһи, хомуньуус, иитээччи, буойун-патриот олоҕо үүнэр көлүөнэҕэ бастыҥ холобур.
Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, гвардия сержана