Кулун тутар 16 күнүгэр айар тыл аҕата, саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, суруйааччы, фольклорист, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 147 сылын туолла.
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1877 сыллаахха Таатта улууһун (уруккунан Боотурускай) IV Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1897 сыллаахха реальнай училищены бүтэрбитэ. 1900 сыллаахха “Байанай алгыһа” поэманан саха литэрэтиирэтин саҕалаабыта.
Өксөкүлээх Өлөксөй биллэр икки улахан айымньытынан “Ойуун түүлэ” уонна “Саха интэлигиэнсийэтигэр сурук” буолаллар. Бу айымньылар тула билим эйгэтигэр дьүүллэһии, ырытыһыы, учуонайдар икки ардыларыгар мөккүөр күн бүгүҥҥэ диэри барар. Тус бэйэм “Саха интэлигиэнсийэтигэр сурук” айымньытын саха бастакы научнай трактатын быһыытынан ылынабын.
Ол гынан баран, бүгүн күндү ааҕааччылар, эһиэхэ анаан, А.Е. Кулаковскайы саха сатиратын төрүттээччи быһыытынан арыйыам.
Итэҕэһи, дьиэги күлүү гынан
Кинээс сололоох Антиох Дмитриевич Кантемир диэн нуучча сатирига өлүөн иннинэ таһааттарбыт айар үлэтин толору хомуурунньугун киирии ыстатыйатыгар сатира жанрын, өйдөбүлүн туһунан маннык ыйар: “Сатираны тиэхэлээх тыл сүһүөҕүн нөҥүө куһаҕан майгыны арыйар уонна ол майгыны көннөрө сатыыр айымньы диэн ааттыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, сатира ис-иһигэр майгыга үөрэтэр атын айымньылары кытта маарынныыр, ол эрээри кини тылын сүһүөҕэ судургу уонна күлүүлээх, таттаран туран ааҕарга үчүгэй”.
“Сатира (лат. satira – satura — булкуур) – орто дойду олоҕун итэҕэһин-быһаҕаһын, киһи дьиэгин күлүү гыныы. Юмортан уратыта диэн, сатира сиилэнэр көстүү көнөрүгэр эрэли хаалларбат, “Сатира анала – эргэрбити күлүк дойдутугар атаарыы”, – диэн сатирическай айымньылар ааптардара М.Е. Салтыков-Щедрин быһаарбыта.
Ити курдук, нуучча сатирик суруйааччылара аҥаардас айымньыларыгар эрэ олох итэҕэстэрин саралаабакка, сатира аналын, тосхолун быһаара сатаабыттар. Саха фольклоругар көстөрүнэн, сахалыы сатира эмиэ норуот өйүн-санаатын кытта тилэх баттаһан үөскээн баран, кинини кытта сэргэстэһэ сайдан кэлбит диир сөптөөх. Ону биһиги норуот тылынан уус-уран айымньытын араас жанырдарыгар көрүөхпүтүн сөп.
Бастакы сатирическай айымньылар
Өксөкүлээх Өлөксөй бары айымньыларыгар төрөөбүт норуотун олоҕун, эрэйин-кыһалҕатын хайдах баарынан кырдьыктаахтык көрдөрбүтэ. Ол курдук, колониальнай баттал, омук быһыытынан чөл хаалыы, үөрэх, култуура сайдыытын боппуруостара, дьахтар ыар балаһыанньата, о.д.а. кыһалҕалар турбуттара. Төрөөбүт норуотун муҥура суох таптыыр поэт бу кыһалҕаттан тахсар суолу, практическай сүбэлэри “Ойуун түүлэ” аатырбыт поэматыгар уонна “Интэлигиэнсийэҕэ суругар” ыйан-кэрдэн биэрбитэ.
Кини өссө биир саҥа суолу тэлиитинэн саха литэрэтиирэтигэр сатираны олохтооһуна буолар. Аан-бастаан кини уус-уран литэрэтиирэҕэ сатирическай айымньылары суруйбута, уопсастыба олоҕор баар итэҕэстэри уран тыл көмөтүнэн саралаабыта.
А.Е. Кулаковскай айар үлэтин саҕаланыытыгар, 1904-1907 сылларга, демократическай хайысхалаах уонна дириҥ социальнай ис хоһоонноох “Тыа дьахтара”, “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ”, “Кэччэгэй баай” курдук айымньылары суруйбута.
XIX үйэ бүтүүтүгэр дьахтар балаһыанньата Саха Сиригэр сүрдээх ыарахан этэ. Сайын, кыһын ыарахан үлэттэн, силлиһэ турар хотонноох дьиэ кириттэн-хоҕуттан саха дьахтарын доруобуйата алыс айгырыыра. Үгүстэрэ уончата-сүүрбэччэтэ оҕолонон баран, биири-иккини эрэ тыыннаах тутан хаалаллара. Онно эбии торохуома, сэллик курдук тарҕаммыт ыарыылар быһа миинэллэрэ. Демографтар этэллэринэн, оччотооҕу Саха уобалаһыгар ХХ үйэ саҕаланыытыгар дьахтар ахсаана эр дьоннооҕор аҕыйаан барбыт. Ол аата сахалар омук быһыытынан эстэр-быстар суолга үктэммиттэр.
Итини барытын көрөн-истэн улааппыт, билбит-көрбүт поэт айымньыларыгар саха дьахтарыгар анаан хас да айымньыны суруйбута.
1925 с. ыам ыйын 27 күнүгэр А.Е.Кулаковскай литэрэтииринэй уонна чинчийэр үлэтэ 25 сылын туолбут үөрүүлээх үбүлүөйүгэр дакылаат оҥорбут А.И. Софронов-Алампа: “Саха дьахталлара батталтан босхолоноллорун иһин Кулаковскай маҥнайгы охсуһааччы буолбута, үгүс хоһоонноругар кини саха дьахталларын олохторун көрдөрбүтэ”, — диэн бэлиэтээн эппит.
Тиэмэлэринэн наардыыр буоллахха
Алексей Елисеевич сатиратын тиэмэлэринэн наардыыр буоллахха, икки тиэмэҕэ араарыахха сөп. Ол курдук, “Саха дьахтарын ыар дьылҕата” уонна “Сиэр-майгы сатарыйыытын, омсотун саралааһын”.
“Саха дьахталларын ыар дьылҕата” тиэмэҕэ «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ», «Тыа дьахтара» диэн суруйбут айымньыларыгар А.Е. Кулаковскай просветитель-сырдатааччы, норуотун сырдыкка тардар, сайыннарар күүстээх баҕалаах киһи буолара дьэҥкэтик көстөр. Бу сатирическай тосхоллоох айымньыларыгар уопсастыба киһиэхэ хайдах сабыдыаллаабыта, киһи дьылҕата, майгыта уларыйыыта, олох араас муннуктара чорботуллан көрдөрүллэр. Ааптар айымньыларыгар социальнай проблеманы таһынан, сиэр-майгы (нравственнай-этическэй) тосхоллору эмиэ туруорар.
«Тыа дьахтара» айымньытыгар тыа дьахтарын төрүөҕүттэн өлүөр диэри ыар олоҕун кырдьыктаахтык, дириҥник көрдөрбүтэ. Манна дьахтар балаһыанньата олох объективнай түмүгүн быһыытынан бэриллэр. Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэтин туһунан кинигэ ааптара Е.Е. Алексеев бу айымньы уобараһын туһунан маннык бэлиэтиир: «Олох кыһалҕата, үлэҕэ миккиллии, оҕо көрүүтэ, бурдук тардыыта, ынах сааҕын күрдьүүтэ, ас астааһын, сайын оттооһун – бу саха дьахтарын сарбыйбыт өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи ыар, хараҥа кырдьык. Маннык алдьархайдаах олохтон бу дьахтар киҥэ-наара, быһыыта-майгыта алдьанар. Дьахтар маннык ыар дьылҕаланыытыгар оччолорго саба бүрүүкээн, хам тууйан турбут олох тутула, баайдар ынырык батталлара, хабалалара, бырыһыаннара үүйэ-хаайа тутан олорбута ол буруйдаах». Айымньыга поэт гуманистическай, демократическай көрүүтэ толору арыллар: саха дьахтара төрүөҕүттэн ыла ыар олоҕо, дьолго анамматаҕын, эрэйи-муҥу муннунан тыырарын көрдөрөр.
«Тыа дьахтара» хоһоон уобараһын туһунан «Ырыа-хоһоон» научнай таһаарыы маҥнайгы томун комментарийыгар «Ааптар «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» поэматын маҥнайгы мэтириэтин – саха дьахтарын типическэй уобараһын — бу поэмаҕа өссө дириҥэтэн, чиҥэтэн биэрэр» диэн санаа этиллэр.
Ол эрээри, мин санаабар, бу айымньы «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» поэма 1-кы, 2-с, 3-с мэтириэттэриттэн таҥыллан оҥоһуллубут. Бастатан туран, айымньы уобараһа эмиэ ииккэ-саахха сыбаммыт, хотонун көрөр дьахтар. Иккиһинэн, аны туран, саҥатынан-иҥэтинэн кимиэхэ да кыайтарбат. Үсүһүнэн, оҕонньоруттан сотору-сотору кырбанар. Ону таһынан, бу айымньыга «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» поэмаҕа баар суорумньуһут эмээхсин уобараһа көстөн ааһар.
Өксөкүлээх Өлөксөй, биир өттүттэн, саха дьахтарын ыар олох сиэртибэтин быһыытынан аһынар, кини туһугар сүрэҕэ ыалдьар. Иккис өттүнэн, дьахтар ыар олохтон сиэрэ-майгыта алдьаммытын сатирическай кыраасканы хойуннаран, сүрдээн-кэптээн көрдөрөр, эдэр кыыһы манныкка тиэрдибит быһыы-майгы социальнай биричиинэлэрин бэрт дьэҥкэтик өйдүүр:
«Анах ыыр амньыраппыт,
Саах күрдьэр салытыннарбыт,
Уу баһар улугурпут,
Бурдук тардар буораппыт…
Оҕо сааҕар булкуллубут,
Кыра сыптарыҥар сыстыбыт,
Ньирэй иигэр биһиллибит».
Саха дьахталларын маҥнайгы мэтириэтигэр туттубут тылларын «Тыа дьахтарыгар» эмиэ хатылыыр. Онон, ханна да тиийбитиҥ, хас да киһини көрсүбүтүҥ иһин, олохторо-дьаһахтара биирдэрин, атылыыларын бэлиэтиир.
«Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» айымньы сүрүн ситиһиитинэн хатыламмат хараактардары айыы буолар. Айымньы туһунан Л.Р. Кулаковская «Научная биография А.Е.Кулаковского: личность поэта и его время» үлэтигэр маннык бэлиэтиир: «А.Е. Кулаковский в «Портретах якутских женщин» впервые в якутской поэзии создал реалистические образы женщин, где в качестве факторов, формирующих человеческие характеры, поэтому показаны не только социальная среда и конкретная обстановка повседневного бытия людей, но и имманентные свойства личности».
Өскөтүн бастакы дьахтар олох ыар усулуобуйатыттан: «Саппах санаалаах,/ Кэрэгэй мэйиилээх, /Мөлтөх өйдөөх, / Сыыҥ-сырааҥ сырайдаах, / Ньуун-ньаҕаан тыллаах, /Уу-хаар оһоҕостоох /Уһун эрэйдээх» — буолбут буоллаҕына, атыттар майгыларын-сигилилэрин арааһа чорботон бэлиэтэнэр. Кулаковскай сэттэ дьахтар тиибин көрдөрөр, толору ойуулуур. Маҥнайгыта – кэрэгэй майгыламмыт, ыар дьылҕаламмыт тыа дьадаҥы дьахтара. Иккиһэ – саҥалаах-иҥэлээх хотун. Үһүс – күнүүһүт. Төрдүс – чэпчэки майгылаах. Бэһис — хобу-сиби таһаарар суорумньуһут эмээхсин. Алтыс — баайын-дуолун ыһар, туһаҕа таһаарбат, аһары уойбут дьахтар. Сэттис мэтириэт — кубулҕат майгылаах дьахтар уобараһа.
Социальнай мэтириэти таһынан, психологическай мэтириэт бэркэ бэриллэр. Ааптар аны бу дьахталлар төһө да туох эмэ итэҕэстээхтэрин иһин, хайа эрэ өттүнэн үчүгэйдээхтэрин кыһанан-мүһэнэн ыйар. Холобур, сэттис дьахтар төһө да «Кубулуҥса-дьибилиҥсэ / Куйааннаах куо мэтэкэ» буоллар, «Оҕолоругар олус бэрт, / Кыраларыгар кытыын бэрт эбит». Төрдүс буоллаҕына «Тыыраахылыы тэбинэр / Тыһы кыскыйдаан» дьоҥҥо «Аһатынньаҥынан алыс, / Бэринньигинэн бэрт, / Хоноһумсаҕынан олус». Ааптар «урукку» олоҕу кириитикэлииригэр тыла-өһө сытыы, күлүүгэ таһаарар ньымалары туттарын иһин критическэй пафоһа күүһүрэр.
Көрөрбүт курдук, А.Е. Кулаковскай саха дьахтарын туһунан айымньыларыгар сүрүн уобарас дьүһүн кубулуйуута оччотооҕу олох объективнай түмүгүн быһыытынан бэриллэр. Этиллибит айымньыларга дьахтар туһунан сылаас тыл кэмчи, кэрэ дьүһүнэ үтүө санааны ааҕааччыларга сахпат. Ол эрээри сырдатааччы-суруйааччы оччотооҕу олох усулуобуйатыгар, дьэбэрэҕэ тэпсиллэн олорор сордоох-муҥнаах дьахтартан сүрэҕи үөрдэри булара аҕыйах этэ. Ол да буоллар, кини сүрдээһин-кэптээһин ньыматын сатабыллаахтык туттан, маннык кэп-дьэбэрдик олордоххо, күлүүгэ эрэ барыахха сөбүн, сырдыкка, үөрэххэ дьулуһуу баар буолуохтааҕын өйгө түһэр гына итэҕэтиилээхтик эппитэ.
“Сиэр-майгы сатарыйыытын, омсотун саралааһын” тиэмэҕэ киириэххэ. Бу тиэмэҕэ А.Е.Кулаковскай “Итирикбурсуй ырыата”, “Кэччэгэй баай” айымньыларын суруйбут. Уопсай сайдыыны харгыстыыр патриархальнай-феодальнай, капиталистическай олох омсолоох көстүүлэрин сытыытык кириитикэлээбитэ.
Николай Тобуруокап Өксөкүлээх Өлөксөй поэзиятын олохсуйбут үгэһинэн хас да бөлөххө арааран үөрэтэр ордук табыгастааҕын, оччоҕо айымньыларын уратылара ордук чуолкайдык көстөрүн бэлиэтээбитэ. Бэйэтэ оҥорбут 6 бөлөхтөн турар классификациятыгар туспа бөлөҕүнэн урукку олох омсолоох өрүттэрин кириитикэлиир «Кэччэгэй баай» (1907) «Итирик бурсуй ырыата» (1915 ) айымньылары киллэрбитэ.
«Кэччэгэй баай» айымньы аан бастаан 1923 сыллаахха «Ырыа-хоһоон» хомуурунньукка бэчээттэммитэ. Айымньы сытыы ис хоһоонунан, уран форматынан, баай тылынан-өһүнэн ааҕааччы кутун туппута. Ол туһунан «Автономная Якутия» хаһыакка маннык суруйбуттар: «Эта поэма производит на читателей чарующее впечатление. Тут читатель найдет яркую и всестороннюю характеристику скупого богача. Мы полагаем, что означенная характеристика по своей образности и реализму нисколько не уступает такого же рода творениям Гоголя и Пушкина».
Хоһооҥҥо сатира көмөтүнэн оччотооҕу саха баайдарыгар балачча көстөр тииби саралыыр. Кэччэгэй баай уобараһын норуокка күлүү-элэк гыныы элбэхтик көстөр. Кэччэгэй, күтүр баайдар тустарынан норуокка арааһынай кэпсээннэр, өс хоһоонноро элбэхтэр. Саҥа үөскээбит саха литэрэтиирэтигэр бу тиэмэҕэ анаммыт айымньылар элбэхтэрин бэлиэтиэххэ сөп. Саха маҥнайгы драматурдара А.И. Софронов «Кэччэгэй кэриэһэ суох», Н.Д. Неустроев «Куһаҕан тыын», бастакы кэпсээнньит К.О. Гаврилов «Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах басыһар» айымньыларыгар бу уобарас араас өттүттэн арыллыбыта. Кулаковскай «Кэччэгэй баай» хоһоонун тиэмэтин уратыта – ааптар киһи аймахха барытыгар, үгүс омукка күлүү-элэк оҥоһуллар кэччэгэй буолууну саралыыр. Бу аан дойду литэрэтиирэтигэр элбэхтик таарыллыбыт, ойууламмыт тиэмэ.
Айымньыга Кэччэгэй баай бастаан туох баайдааҕа кэпсэнэр, ол кэнниттэн аһа-үөлэ эридьиэстэнэр, таҥаһын-сабын таарыйа ахтар. Кэччэгэй баай, бэл, бэйэтиттэн кэччэйэр. Амтаннааҕы аһаабат, бэркэ таптыыр астара – сыма, хохту, собулҕа, бэс үөрэтэ, бутугас. Таҥаһа – даба ырбаахы, түнэ сон, сутаакы тириитэ сутуруо. Дьиэтэ-уота – самнайбыт балаҕан, ардьайбыт ампаар. Киниэхэ байа сатыыртан атын баҕа суох. Бу тоҕо байа сатыырын бэйэтэ да билбэт ньүдьү-балай, төннүбүт төрүөх. Айымньы бу дьоруой майгытын-сигилитин сүлүһүннээх тылларынан биэриинэн түмүктэнэр:
Сабыылаах сарын,
Дьүлэй куҥ,
Чой орой,
Муос тобук,
Килэгир харах,
Килиэдьэ сирэй,
Бүтэй өттүк,
Ньүдьү балай
Улуу киһи.
Поэт: “Баай дьон уобалас сайдыытыгар күүс-көмө буолуохтаахтар”, — диэн сүрүн санаатыгар олоҕуран, кэччэгэй баай ол өттүттэн ордук омсолооҕун тоһоҕолоон ыйар. «Улууһугар кулубалаабатах, / Нэһилиэгэр кинээстээбэтэх, / Дойдутугар дуоһунастамматах, / …Сиэртибэни сирэр, / Тардыыны таптаабат, / Мунньахха буолуммат» диэн кириитикэлиир. Онон бэйэтэ туспа хайысхалаах, уопсастыбаннай бэрээдэк итэҕэстэрин күлүү гынар хоһоону айан таһаарбыт.
Л.Р. Кулаковская суруйарынан, кэччэгэй баай прототиба Бааса уола Миичэкэ (Д.А.Слепцов) диэн баай киһи буолбут эбит. Убайдыы-бырааттыы Кулаковскайдар бу киһи кэччэгэйиттэн улаханнык кэлэйэр, күтүрүттэн сөҕөр, уопсастыба олоҕор кыттыбатыттан, туох да туһаны аҕала сатаабатыттан абарар эбиттэр. Ол эрээри Кулаковскай бу билэр киһитин уобараһыттан тирэҕирэн, сүрүн геройун тиип уобарас оҥорон таһаарар.
Өскөтүн «Кэччэгэй баай» хоһооҥҥо бэйэтин иһигэр бүгэн олорор нэһилиэк баайа күлүллүбүт буоллаҕына, «Итирик бурсуй ырыата» хоһоон уобараһа кэччэгэй баайга утары туруоруллубут иһээччи, бурсуй, куорат баайа. Биллэрин курдук, бу кэмҥэ Саха Сиригэр бырамыысыланнас маҥнайгы хардыыларын, атыы-эргиэн сайдыытын сэргэ саҥа адьырҕа кылаас – буржуазия күүһүрэн барбыта. Бу 1915 с. суруйбут социальнай өттүнэн биир күүстээх уонна дириҥ айымньытыгар киһи куһаҕан кэмэлдьитин, киһиргэс майгыны саралаабытын таһынан, арыгы киһини майгы-сигили, эт-хаан өттүнэн куһаҕаҥҥа тиэрдэрин арыйан суруйбут.
Итирик бурсуй – күннээҕинэн эрэ олорор киһи. Кини “халыҥ хаһанан харчы кэбиһэн, суон саалынан мохсуо быраҕан” олорорун сөбүлүүр, бэйэтин дьылҕата бу барыта бүттэҕинэ, хайдах буоларыгар кыһаммат, эгэ, омук, норуот туһун толкуйдуо дуо? Арыгы киһи майгытын хайдах курдук уларытара айымньыга илэ-чахчы көстөр. Чабыламмыт, арбаммыт, дохсун, бардам бурсуй тыл этэн бүтүүтүгэр, итирэн түлэс-балас түһэр, астаах остуолун үрдүгэр өҕүйэ хаалар. Ити курдук аймыньы дьоруойа бэйэтин бэйэтэ сараланар.
Инники айымньыларга ааптар уобарастары тастан ойуулуур буоллаҕына, бу айымньы сүрүн уобараһа – «ролевой» персонаж буолар. Айымньы композиционнай тутула итирик киһи сатирическай монологун быһыытынан бэриллэр, персонаж бэйэтэ «хос санаатын хостуур», «истиҥ тылын этэр». А.Е. Кулаковскай саҥа үөскээбит кылаас кэччэгэй баайдартан итэҕэһэ суох баттыгастааҕын, кэдирги кэмэлдьилээҕин, тосту-туора майгылааҕын күлүүнэн саралааһын ньыматынан көрдөрбүтэ.
Николай Тобуруокап бу икки айымньы туһунан маннык бэлиэтээбитэ: «А.Е.Кулаковскай «Интэлигиэнсийэҕэ суругар» эппитин курдук, Саха Сирэ сайдыытыгар баайдарга, атыыһыттарга, көннөрү кыахтаах дьоннорго эрэнэр. “Кинилэр эрэ төһүү күүс буоллахтарына, сахалар, уобалас дьонун олоҕо тупсар кыахтаах”, — диирэ. Ол да иһин оннук эрэнэ санаабыт дьоно тостутук-туоратык туттууларын букатын сөбүлээбэтэ өтө көстөр. Олортон ордук абааһы көрбүтэ — баайы мээнэ бэйэ эрэ туһугар матайдааһын уонна баайы мунньан баран, туох да туһата суох сытыарыы. Поэт ити сүрүн санааларын «Итирик бурсуй ырыатыгар», «Кэччэгэй баайга» уобарастаан ойуулаабыта».
Киһилии киһи буолуохха!
Түмүктүүр буоллахха, Алексей Кулаковскай сатирическай айымньыларыгар бэйэтин кэмин саамай сытыы боппуруостарын, оччотооҕу уопсастыба сытыы кыһалҕаларын – дьахтар дьылҕатын уонна баттыыр-үктүүр кылаас бэрэстэбиитэллэрин быһыыларын-майгыларын омсолорун (уопсастыба олоҕор көмөтө суох буолуу, кэччэгэй, бүтэҥи быһыы, арыгылааһын) — сүрүн тиэмэ быһыытынан ылбыта, итиэннэ бу айымньылар тиэмэлэригэр уонна уобарастарыгар олоҕурдахха, Өксөкүлээх Өлөксөй реалист-сырдатааччы суруйааччы буолара көстөн кэлэр.
Маны ааһан, кини критическэй реализми тутуһан үлэлээбитэ көстөр. Оттон бэйэбиттэн эбэн эттэххэ, А.Е. Кулаковскай сатирическай айымньыларын болҕомтолоохтук ааҕан, ырыҥалаан, урукку өбүгэлэрбит алҕастарын хатылыа суох тустаахпыт, арыгы курдук адьырҕа амтаннаах “аһы” амсайбакка, саха омугу тэнитэр, кэнчээри ыччакка күн сирин көрдөрөр дьахталларбытын өрө тутан, харыстаан, сиэрбитин-майгыбытын итэҕэлбитин кытта тута сылдьыахтаахпыт. Киһилии киһи буолуохха!
Айаал МОЛОКОТИН
Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ