Саха литературатын төрүттээбит Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын уонна педагог-тренер Дмитрий Петрович Коркин үлэтин тэҥнии тутан ырытыахпын баҕарабын. Маннык санаа, дьиҥинэн, киирбитэ 10-тан тахса сыл буолла.
Бэйэм даҕаны, үөрэнээччилэрим даҕаны араас конференцияларга кэпсээбиппитин «сыыһа толкуйдуугут» диэн тустаах дьон эппиттэриттэн, төһө да уруоктарбар тус толкуйум быһыытынан оҕолорго ырыттарбын, хайдах эрэ киэҥ эйгэҕэ таһаарартан туттуна сылдьыбытым. Быйыл Дмитрий Петрович Коркин 95 сыллаах үбүлүөйүгэр сыһыары тутан суруйарга сананным.
Литературоведтар этэллэринэн, улуу суруйааччылар айымньылара – тыыннаах айымньылар. Ол аата, хас көлүөнэ аайы айымньы этэр санаата өссө күүһүрэн, араас санааны саҕан, билиҥҥи олорор кэммитигэр суолбутун ыйан, инники кэскили кэрэһэлиир диэтэхпинэ сыыспатым дуу?
Айар тыл аҕата Алексей Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү уонна саха тустуутун Аан дойдуга таһаарбыт, быйыл 95 сылын далааһыннаахтык бэлиэтээбит Дмитрий Петрович Коркины туох холбууруй? Эдэр ыччат өйүнэн-санаатынан бэйэтин сайдыылаах норуот быһыытынан билиниитигэр, тылын-өһүн, итэҕэлин өрө тутуутугар, кутун-сүрүн бөҕөргөнүүтүгэр сүдү кылааттарын киллэрбит ытык дьоммут үлэлэрин маннык критерийдэргэ тирэҕирэн, тэҥнээһини оҥордум (тустаах дьон критерийгэ тирэҕэр диэн сүбэлээбиттэрэ): 1. Саха норуотугар бастаан оҥорбут историческай хардыылара. 2. Норуот сайдарыгар ыра санаалара, барҕа баҕалара. 3. Сайдыы суолун тобулууга киэҥ көрүүлэрэ. 5. Норуот сайдыытыгар биир проблеманы тутуулара. 6. Олоххо оҥорбут источниктарыгар тирэҕирии.
1904 сыллаахха Чурапчыга чөл олох обществотын устаабыгар проект оҥороллор. Манна 8 киһи үлэлиир, суруксут – Алексей Кулаковскай. Общество арыгы утары үлэлиирэ уонна культурнай-сырдатар үлэни тарҕатар эбит. Онтон 1956 сыллаахха Одьулуун оскуолатын нуучча тылын, литературатын учуутала Дмитрий Коркин сатыы Чурапчыга кэлэн, спорка оҕолору уһуйбут. Чөл олоххо, чиҥ турукка сирдээбит бастакы үлэлэр Чурапчыттан саҕаламмыттар.
1900 сыллаахха Алексей Кулаковскай “Байанай алгыһа” айымньыта фольклорга тирэҕирэн, саха литературата төрүттэнэн барар.
“С его именем началась якутская письменная литература, оригинальное философское видение и оригинальный подход к различным проблемам экономической, социально-политической, общественно-культурной жизни якутского народа”. (М.Е. Николаев).
Онтон Дмитрий Коркин, саха төрүт оонньуутугар хапсаҕайга тирэҕирэн, тустууну сайыннарбыта.
“Дмитрий Петрович выявил, что национальная борьба хапсагай имеет положительный перенос навыков в росте мастерства в вольной борьбе, поэтому наши ребята сильны именно сочетанием вольной борьбы и якутского хапсагая”. (П.И. Кривошапкин).
1910 сыллаахха “Ойуун түүлэ” айымньытыгар аан дойдуга буола турар быһыы-майгы кыра омуктар дьылҕаларыгар, ол иһигэр чуолаан саха норуотун инникитигэр туох дьайыылаах, охсуулаах буолуон сөбүн ырыҥалаан, ырытан суруйбута уонна саха норуота быыһанар, тыыннаах буолар, атын омуктары кытта биир тэҥ буолар суолун ыйан биэрбитэ.
… Сэттэ уон дьиибэ дьибилгэттэрин,
Дьэс эмэгэт гынан
Испитигэр иҥэрэн,
Ийэ куппутун иитиэхтиэҕиҥ,
Аҕыс уон аҕыс
Араас албастарын
Алкыйан ылан,
Ап гынан
Салгын куппутун алыптыаҕыҥ,
Тоҕус уон тоҕус
Кудай кубулҕаттарын
Куудьуйан ылан,
Буор куппутун буҕатытыаҕыҥ…
Алексей Кулаковскай бу тылларын сүрүн санаатын Дмитрий Коркин олимпиадаҕа спортсменнары иитэр сыаллаах, бастаан бэйэтэ 1964 сыллаахха Японияҕа анаан-минээн тустууну баран көрүүтүн, саха норуота Олимп суолун тобулар толкуйун кытта ситимниибин.
Дмитрий Петрович аҕыс сылынан атын норуот үлэлиир опытын көрөн, “дьиибэ дьэбэлгэттэрин”, “араас албастарын”, “кудай кубулҕаттарын” иҥэрэн, үс кутун бөҕөргөтөн, 1972 сыллаахха Роман Дмитриевы Олимпиада үрдүк чыпчаалыгар таһаарбыта.
«Өксөкүлээх Өлөксөй хас биирдии тыла – санаа» диэн Василий Никитич Протодьяконов бэлиэтиир. «Тиис – тиискэ, муос – муоска, туйах — туйахха» диэн дириҥ ис хоһоонноох этии философиятын, спорт эйгэтигэр сыһыары туттахха, Дмитрий Коркин олоххо киллэрбит. Кини иитиллээччилэрэ 1976 сыллаахха Монреаль куоракка үс саха уола тэҥинэн XXI Олимпиада оонньууларыгар педъестал үрдүк чыпчаалыгар тахсан, атын омук ааттаахтарын кытта «тиис – тиискэ, муос – муоска, туйах — туйахха» буолан, саха норуотун аан дойдуга дорҕоонноохтук ааттаппыттара.
Ыраах Саха сирин кыра дэриэбинэтигэр олорор Дмитрий Петровичтан элбэх тренер сүбэ-ама көрдөөн суруйаллар уонна кининин кытта билсэллэриттэн киэн тутталлар эбит.
Холобур, Чита куораттан Мунко-Бадры Дашицеренов тренер суруга: «Здраствуйте, Дмитрий Петрович. О Вас я узнал из спортивного календаря за 1972 год, прочитал очерк Генриха Хачковян «Чемпионы из Чурапчи». Какие правила существуют по вольной борьбе? Какой режим дня у ваших воспитанников? Посоветуйте, как проводить секцию вольной борьбы». Онтон Белоруссияттан Абрамович суруга: “Здраствуйте, Дмитрий Петрович. ……… кто знаком с Вами я считаю, что это большое событие в жизни. Абрамович. Белоруссия. 1971 год».
«Если хотя бы один из десяти наших тренеров обладал достоинствами Коркина, мы оставили бы далеко позади наших соперников – зарубежных спортсменов», — диэн Саха норуотун тренеригэр Дмитрий Коркиҥҥа үрдүк сыанабылы олимпийскай чемпион Александр Иваницкий биэрбитэ.
Бу барыта Өксөкүлээх Өлөксөй «тиис — тиискэ, муос — муоска, туйах — туйахха буоллаҕына…» сүрүн санаатыгар түбэһэр диэн толкуйга тиэрдэр. Ол аата омук ааттаахтарын кытта бииргэ, биир тэҥник сайдар, биир тэҥник спорт эйгэтигэр туруулаһан, кыайыы инники кирбиитигэр киирэргэ саха норуота омук быһыытынан сайдар аналлаах.
Алексей Кулаковскай ыччакка анаммыт «Оттоку олук алгыһа» айымньытыгар “нуучча ньургунун”, “үрдүк үөрэхтээхтэри”, “бэрт мэйиилээхтэри” кытта “өйөнсөн үөскээтэхтэринэ”, “тэҥҥэ сэргэстэһэн” сырыттахтарына үтүө ыччат үүнэн-сайдан тахсарын тускулаабыта, эдэр дьону дьоһуннаах олоҕу олорорго ыҥырбыта. Тренер Дмитрий Коркин үлэтигэр атын омуктары кытта ыкса доҕордоһорун туһунан, “Спортивнай Албан аат” музейга баар Дмитрий Петрович араас омук дьонун кытта суруйсубут суруктара туоһулууллар.
1 сурук. «Ув. Дмитрий Петрович!.. у вас в Якутии спорт сильно развит и, безусловно, имеются различные знаки, жетоны, памятные медали и т.д. убедительно прошу Вас и как ведущего тренера, и как спортсмена помочь мне в этом. Нальчик. Шабаев Эрзол». 2-с сурук. «Дорогой друг из Якутии. Я охотно познакомлюсь с Вами и смогу обменяться мнениями о спорте. Клаус Чаммлер, Германская Демократическая Республика». 3-с сурук. «Здраствуйте, товарищ Коркин. Пишет Вам Анатолий Албул. Когда-то я был в сборной Союза по вольной борьбе, может, помните. Если из ваших ребят кто-то хочет стать моряком, я помогу. Сообщите. Ленинград». 4-с сурук. «Ув. Товарищ директор! Пишет Вам старший тренер Абиян. Я знаю о Вас из газет и журналов. Восхищаюсь Вами. Если есть желания поступать в институт, пусть ребята напишут. Г. Ленинград»
Өксөкүлээх Өлөксөй “алгыстыы албастаах сахха айхалы тардыһан” саха ыччатын “үгүс үөрүүлээх күҥҥэ”, “уһун уруйдаах олоххо” алҕаабыта. Кырдьык, Өксөкүлээх Өлөксөй алҕаабытын курдук Дмитрий Коркин “салпат саргылаах саастанан” саха норуотугар “үгүс үөрүүлээх күнү” бэлэхтээбитэ.
Ол курдук, Дмитрий Петрович үс олимпиеһы,
«Үтүө Дьулуур Оонньууларын» чемпионун, элбэх спорт маастардарын, үтүөлээх спорт маастардарын, тренердэрин иитэн таһаарбыта.
Бөлүһүөк суруйааччы уонна педагог-тренер ытык баҕа санааларын научнай үлэлэригэр түмпүттэрэ. Алексей Кулаковскай “Труды по якутскому языку”, “Научные труды” уо.д.а. научнай үлэлэрдээх, онтон Дмитрий Коркин оҥорбут тренажердара аан дойдуга биллэллэр. «Ещё в те времена, когда не было современных тренажеров, он (Коркин) исследовал физические возможности человека, досконально изучил и сам создал из дерева самодельные тренажеры — для развития мышц, сил спортсменов. Сейчас, глядя на оборудования, только восхищаешься». (М.Е. Николаев).
Философскай наука доктора Авксентий Мординов «Сахаларга философскай санаа үөскээһинэ» научнай үлэтигэр Алексей Кулаковскай философскай өйө-санаата дириҥин, общество сайдар сокуоннарыгар саҥа көрүүлэрин ырыппыта. Общество олоҕун сайдар сокуоннарынан өй-санаа, үөрэх, чөл турук буоларын бастаан Өксөкүлээх Өлөксөй бэлиэтээбит. Онтон Дмитрий Коркин олоххо көрүүтэ: “Биһиги дойдубутугар физкультура уонна спорт киһини өй-санаа өттүнэн чэгиэн-чэбдик буолар ньымата”, “Тустуук өй-санаа өттүнэн баһылыы сайдыахтаах. Оччоҕуна эрэ кэмигэр сөптөөх албаһы булан туттуо, утарылаһааччытын хотуо”, — диэн эппит санаалара ахтыыларга суруллар.
Түмүктээн эттэххэ, бу тэҥнээһиммин сорох дьон ылыныахтара суоҕа да буоллар, биири чопчу эрэллээхтик этиэхпин баҕарабын: хас биирдии оҕо оскуола паартатыттан саха саарын дьоно, норуот туһугар саҕалаабыт үтүө дьыалаларын, философскай толкуйдарын, анаарыыларын ис дууһатынан ылыннаҕына, баҕар, тирээн турар улахан уларыйыыларга өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх, инникигэ сырдык толкуйдаах ыччат сайдыы суолун тутуһан, ытык дьоммут дьоһун утумнааччылара буолуохтара.
Акулина Кузьмина
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй