Дьоно-сэргэтэ ахтар, саныыр (Үлэнэн дьолломут Чурапчы – Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

“Оо, барахсан үлэһит киһи этэ”. “Хотуурун суола бу ырааһын, хадьымала бу киэҥин эриэхсит. Ону Лабыйа үрэх билэн сыттаҕа”. “Чэ, ол эрээри колхуоһун сылгыларын бэрийэн, көрөн истэн бодьуустаһарын саҕа сөбүлүүрэ, бука, аҕыйах эбитэ буолуо, онтон кини букатын арахсыбат этэ”. Болугурдар итинник иһирэх тылларынан Гавриил Петрович Фомины ахтан-санаан ааһаллар.

Хабырыыс Ийэ дойду көмүскэлигэр 1942 сыл бэс ыйыгар оччотооҕу “Фрунзе” аатынан колхуоска сылгыһытынан үлэлии сылдьан ыҥырыллыбыта. Сотору өстөөх Сталинградка, Хотугу Кавказка ыган кэлбитэ. Онно, бэрт кылгастык үөрэнэ түһээт, үргүлдьү фроҥҥа тиийбитэ.

Сталинград сэрии уот холоругунан өрө ытылла олороро. Уулусса нөҥүө үллэн турар икки этэстээх дьиэттэн өстөөх пулемета биһиги чааспытын бокуой биэрбэккэ ытыалыыра. Хамандыырдара Хабырыыһы уонна биир эдэркээн нуучча уолун ыҥыран ылан ону суох оҥорорго бирикээстээбитэ. Дьиэлэринэн хаххаланан, балачча ырааҕынан эргийэн, били дьиэ кэтэх ааныгар тиийэллэр, сэрэнэн тоҥсуйаллар. Дьолго, олууру саас ортолоох нуучча дьахтара төлөрүтэр. Киниттэн ыйыталаһан, пулемекка хайдах тиийиэххэ сөбүн чуолкайдаан баран, табаарыһа саппыкытын устан Хабырыыска туттарбыта уонна үөһээ диэки сыбдыйбыта.

Утаакы буолбатаҕа, граната дэлби барар тыаһа иһиллибитэ. Бирикээс толоруллубута.

Өрөгөйдөөх күннэр үүммүттэрэ. Биһиги сэриилэрбит Сталинград хоту уонна соҕуруу өттүлэригэр оборуонатын көҥү көтөн кимэн киирбитэ уонна Калач куорат оройуонугар көрсүспүттэрэ. Гитлер арбаммыт 6-с аармыйата уот биһилэҕинэн төгүрүтүллүбүтэ. Ол эрээри төгүрүллүбүт өстөөх өлөр мөхсүүтүн мөхсөрө. Биир кыргыһыыга уулуссаҕа биһиги лейтенаммыт бааһырбыта. Хабырыыс кинини күлүк сиргэ таһаарарга быһаарыммыта. Буулдьа ортотунан ыстанан тиийбитэ уонна соһон барбыта. Өстөөх оччону көрөн баран быһа аһарыа дуо, буулдьа тула өрө күдээрийэ түспүтэ. Хабырыыс атахха бааһырбыта. Ол да буоллар санаатын толорбута. Нуучча лейтенант госпитальга Хабырыыстыын бииргэ ыыталларыгар көрдөспүтэ. Ону ылыммыттара.

Фроҥҥа иккиһин киириитигэр Хатылы киһитин Н.Н. Атласовы, Амма оройуонуттан сылдьар И.И. Окороковы кытары бииргэ түбэспитэ. Үүнүүлээх бааһына кытыытыгар өстөөхтүүн хабыр хапсыһыы буолбута. Онно кинилэр үһүөн бааһырбыттара. Хабырыыс хаҥас илиитигэр табыллыбыта.

Ити кэнниттэн кыргыһыы хонуутугар үсүһүн 1944 сыллаахха киирбитэ. Бу сырыыга ыараханнык бааһырбыта уонна балтараа ый эмтэнэн баран муус устарга дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт колхуоһун үлэтигэр ылсыбытынан барбыта. Олоҕун аргыһа Мария Антоновна өлбүтүн кэнниттэн үс оҕотун бэйэтэ көрөн-истэн атахтарыгар туруортаабыта. Гавриил Фомин түөһүгэр “Аҕа дойду Улуу сэриитин” II-с степеннээх уордьана,

“Сталинград оборуонатын иһин”, “Германияны Кыайыы иһин” мэтээллэр күлүмүрдэһэллэрэ.

Хорсун буойун, туруу үлэһит кэнники сэрииттэн ылбыт баастара көбөн күн сириттэн букатыннаахтыы барбыта.

 

Сэмэн Жендринскэй