Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ, Саха АССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тириэньэрэ, олимпийскай оонньуулар, Аан дойду, Европа уонна ССРС чөмпүйүөннэрин иитэн-үөрэтэн таһаарбыт Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиир.
Кини туһунан киинэлэр уһуллаллар, кини туһунан испэктээк турда, кини туһунан кинигэлэр тахсаллар, кини олоҕун, үлэтин кэпсиир быыстапкалар аһылыннылар, научнай кэмпириэнсийэлэр тэриллэллэр, төрөөбүт дойдутугар Чурапчыга балаҕан ыйын 3-5 күннэригэр киэҥ программалаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр, ол иһигэр Монголия уонна Чурапчы тустууктарын икки ардыларыгар доҕордуу матчевай күөн күрэс, үрдүк таһымҥа ыытылыннылар. Итиэннэ күн сарсын Дьокуускайга, “Триумф” успуорт уораҕайыгар Дмитрий Коркин сырдык аатыгар көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саҕаланыаҕа.
Оттон бу тэрээһиннэр иннилэринэ, атырдьах ыйын 22 күнүгэр Национальнай библиотекаҕа “Учууталым илиитэ” диэн истиҥ-сылаас ааттаах өссө биир кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааспыта. Ааптар — Дмитрий Петрович бастакы уонна бастыҥ үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, ССРС спордун маастара, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Петр Николаевич Калачев.
Айымньы суруллан бэлэм буолан баран, биэс сыл устата бэчээккэ тахсыбакка сытыыта, бу кинигэ ис хоһоонун туһунан элбэҕи этэр дии саныыбын…
Ааптар бэйэтэ: “…Кини ситиһиилэрэ хатыланыахтааҕар ситэ үөрэтиллэ иликтэр. Кини ситиспит чыпчаала – үс саха уола Монреаль олимпиадатын пьедесталыгар үс мэтээллээх тахсан турбута устуоруйа дьоллоох түгэнин курдук хаалла. Ол иһин кини олоҕун сырдатыыга кыра да түгэн умнуллууга хаалбакка, сырдатыллан, кини олоҕор, үлэтигэр көрсүбүт ыарахаттара, быһаарсыбыт кыһалҕалара чиэһинэйдик ырытыллан, аһаҕастык этиллэн, кырдьыктаахтык сурулуннахтарына эрэ туох эмэ туһалаах буолуо этэ. Ол иһигэр кини сорох табаарыстарын, доҕордоһо сылдьыбыт дьонун алҕастара, аһары түһэриитэ суох, өйдөнүөхтэрин наада. Ол иһин ол кэмнээҕи олох-дьаһах балаһыанньатын суруйдум. …Мин Дмитрий Петрович тапталлаах кэргэнин Александра Семеновнаны эдэр сааспыттан билэрбинэн, ону таһынан отучча сыл ыаллыы олорор буоламмын, сайын аайы кини кыыһынаан Геялыын куораттан сайылыы таҕыстаҕына элбэхтэ кэпсэтэн, бу суруйуу кини санааларыгар сөп түбэһэригэр эрэнэбин…”, — диир кинигэҕэ киирии тылыгар.
Дмитрий Коркин уһулуччулаах тириэньэр эрэ буолбатах этэ, кини – бастатан туран, бэйэтин дьыалатыгар сүүс бырыһыан бэриниилээх, үлэтин олус таптыыр талааннаах педагог, — диэн бэлиэтээтилэр кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит дьон. Кинилэр ортолоругар бааллар: чаҕылхай тустуук, уолаттарга сахалартан бастакы ССРС чөмпүйүөнэ Вячеслав Павлович Карпов кэргэнэ Татьяна Петровна Карпова, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт выпускнига Альбина Иннокентьевна Поисеева, эмиэ бу оскуоланы бүтэрбит Валерий Васильевич Лыткин, Дмитрий Куоркун аатын үйэтитиигэ ситимнээх үлэни ыытар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Гоголева, биллиилээх худуоһунньук Александра Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма Куо, ааттаах-суоллаах суруналыыстар Василий Посельскай, Владислав Коротов, Александр Васильев-Көрдүгэн (тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытааччы), Сахациркэ уус-уран салайааччыта, дириэктэр Сергей Расторгуев, тириэньэрдэр, Куоркун үөрэнээччилэрэ, аймахтара, о.д.а. Итиэннэ, кинигэ сүрэхтэниитигэр филологическай наука дуоктара Варвара Окорокова эппитинии, бу кинигэни тустууктар, тустууну сэҥээрээччилэр, тириэньэрдэр эрэ буолбакка, киэҥ ааҕааччы, дьон-сэргэ барыта интэриэһиргээн ааҕыаҕа. Манна ааптар, саха дьоно таптыыр, ытыктыыр спортсменнарын, саханы саха дэппит аатырбыт тустууктарбыт Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Вячеслав Карпов, Сахаачча, Алквиад Иванов, Семен Морфунов уонна да атыттар тустарынан, урут ханна да аахпатах чахчыларбытын аҕалан туран, олус ылыннарыылаахтык, кырдьыктаахтык суруйар. Кинигэҕэ элбэх киһи ахтыллар. Оннооҕор мин, тустууга сыһыана суох киһи, бу кинигэттэн икки чугас аймаҕым – быраатым, мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ абсолютнай чөмпүйүөнэ, Ханты-Мансийскайга Хотугу норуоттар оонньууларыгар бастаан, “Мистер Норд” диэн ааты ылбыт Степан Степанович Алексеев уонна эдьиийбит, интэринээт-оскуолаҕа иитээччинэн үлэлээбит педагог Александра Сергеевна Иванова (Маркова) тустарынан суруллубуту булан, үөрэ-долгуйа аахтым.
Бу кинигэ күн сирин көрүүтүгэр быһаччы өҥөлөөх дьонунан Дмитрий Коркин чулуу үөрэнээччитэ, аатырбыт олимпиецпыт Александр Николаевич Иванов уонна кини кэргэнэ, спортивнай оскуола-интэринээт выпускнига Варвара Афанасьевна Иванова буолаллар. Ивановтар дьиэ кэргэн Учууталларын Дмитрий Петрович Коркин сырдык аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыталлара олус махталлаах. Уопсайынан, кинигэ бэчээттэнэн тахсарыгар көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар уонна “Сайдам” издательствоҕа махтал буолуохтун!
Саха сирэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй