Саха сиригэр сааскы халаан уутун куттала суох аһарыыга бэлэмнэнии тэрээһиннэрэ саҕаланна. Муус туругун мөлтөтөр, үрэхтэри дириҥэтэр үлэлэр ыытыллаллара былааннаналлар. СӨ Бырабыыталыстыбатын 1-кы бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников маҥнай утаа Чурапчы нэһилиэгэр Куоҕалы уонна Харыылаах быһыттарын көрдө ол кэнниттэн Хатылы нэһилиэгин быһытын тахсаннар көрдүлэр-иһиттилэр.
Чурапчы улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Дмитрий Садовников ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна баһаартан куттал суох буолууну хааччыйыы хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта.
Манна Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев уонна нэһилиэк дьокутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Августина Захарова, Дмитрий Дмитриевич Садовниковка Чурапчы нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын иһин “Чурапчы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо” диэн бэлиэни, дастабырыанньаны туттардылар. Өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ ыытыллыахтаах үлэ хаамыытын сыаналаата уонна тустаах тэрилтэлэргэ кэккэ соруктары туруорда. Мунньахха хамыыһыйа чилиэннэрин дакылааттара иһилиннэ.
Түмүккэ эрэгийиэннээҕи харда, хамсааһын таһымын туруорар быһаарыы ылылынна, ону сэргэ ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр тэрээһиннэргэ туһуламмыт сүрүн соруктар туруорулуннулар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы сааскы халаан уутун уонна айылҕа баһаардарыгар бэлэмниир сыаллаах хамаанданан-штабынан үөрэх тиһиктээхтик саас аайы ыытыллар. Бу тэрээһин чэрчитинэн Чурапчы улууһун тэрилтэлэрин, силовой структарыларын 61 единицэ тиэхэньикэтэ, 185 киһи кыттыыны ылла. Дмитрий Дмитриевич манна барыларын кэрийэ сылдьан тэрилтэлэр эбээһинэстэрин, ыксаллаах-быһыы майгы кэмигэр тугу гыныахтаахтарын туһунан туоһуласта.
“Илин эҥэр улуустарга сылын аайы ыытыллар дьаһал чэричтинэн бүгүн Чурапчы улууһугар үлэлээтибит. Мунньахпытыгар барыта холбоон 9 оройуоҥҥа үлэ-хамнас хаамыытын иһиттибит. СӨ Ил Дарханын сорудаҕынан эрдэ ыстаап хамаандалыыр үөрэхтэрэ буолбуттара. Ол эрэн МЧС Бэдэрээлинэй структурата кэлэн бэрэбиэркэлииригэр, хомойуох иһин ыксаллаах быһыыга-майгыга халаан уутугар итиэннэ тыа баһаардарыгар Саха сирэ ситэтэ суох бэлэмнээх диэн сыанабылы ылбыппыт. Салгыы тыа баһаардарыгар, айылҕа ресурсатын министиэристибэтэ кэллэҕинэ улахан бэрэбиэркэ буолуохтаах. Биһиги ол ыйыллыбыт кэккэ итэҕэстэргэ ылсаммыт үлэлэһэ сылдьабыт. Ол курдук үгүс нэһилиэнньэлэргэ олохтоох дьаһалталарга үп-харчы тиийбэккэ, ким эрэ ситэри өйдөөбөтөҕүттэн минерализованнай болуоскалар оҥоһуллубатахтар этэ. Ол эрэн сыанабыл сыанабылынан – биһиги ол онон үлэбитин тохтоппоппут. Халаан уутугар, тыа баһаардарыгар да буоллун – бу илин эҥэр улуустара тус бэйэм сыанабылбынан бэлэмнэр. Инникитин ыстаап хамаандалыыр үөрэтиитин көннөрү көрдөрүү эрэ быһыытынан буолбакка пракутическай өттүбүтүгэр охтуохпутун наада. Туох даҕаны диэбит иһин сылын аайы айылҕабыт бэйэтэ эксээмэнин ыытар. Рослесхоз ыыппыт прогноһунан сайын, бэс ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа өрөспүүбүлүкэбит илин эҥэр улуустара, киин оройуоннар бары эмиэ кутталлаах быһыыга-майгыга киирэллэр ол инниттэн бэлэмнээх буолуохпутун наада”, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын 1-кы солбуйаччы Дмитрий Садовников эттэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ