Бүгүн о.э. олунньу 17 күнүгэр Уйбаан Доосо аатынан Дириҥ орто агро оскуолатыгар олус сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук дойдуга “Дьиэ кэргэн”, Саха сиригэр “Оҕо саас”, Чурапчы улууһугар “Ыал саргыта” сыллар иилэринэн, итиэннэ “Боотур Уус сыдьааннара” диэн улуус үөрэҕин иитэр үлэҕэ анал бырагыраамматын чэрчитинэн, Ийэ тыл уонна сурук-бичик, итини таһынан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө “САХАЛЫЫ САЙА САҤАРЫАХХА, САХА БУОЛАН САНДААРЫАХХА” аҕа оҕолорунаан хоһоон ааҕыытыгар күрэх ыытылынна.
Барыта холбоон 8 аҕа оҕолорун кытта уус-уран ааҕыыга кытыннылар: Владислав Иванович Эрэл, Эрчим, Ярослав Поисеевтар, Юрий Дмитриевич, Уйгулаана, Эрсан Петровтар, Егор Владимирович, Дамир Адамовтар, Айал Афанасьевич, Күннэй Винокуровтар, Андрей Данилович, Дьулурхан Павловтар, Василий Васильевич, Дарина Посельскайдар, Илья Николаевич, Гоша Толстоуховтар, ини-бии Кеша, Никита, Коля Макаровтар олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн, сахалыы таҥнан, ох курдук оҥостон кэлбиттэр.
Төрөөбүт дойдуга, Ийэ тылга таптал туһунан истиҥ хоһооннору аахтылар. Хоһоон ааҕыытын кэнниттэн, дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарыар диэри оонньууга кытыннылар. Онно “остуоруйа” диэн тылтан ким, төһө элбэх тылы таһаарарыгар күрэхтэстилэр, итиэннэ нууччалыы тылы сахалыы тылбаастаан таба этэргэ холоннуллар, түмүккэ өс хоһооннорун ситэриигэ илин-кэлин түһүстүлэр. Кытааччылар бука бары туоһу суруктары туттулар оттон Добун сурук 3 үрдэлэ — Адамовтарга, Добун сурук 2 үрдэлэ — Павловтарга, Добун сурук 1 үрдэлэ — Поисеевтарга уонна Кылаан Кыайыылаах аат — Винокуровтар дьиэ кэргэнигэр ананна.
Бу иккис сылын ыытыллыбыт күрэхпит үтө үгэскэ кубулуйан, улам таһыма үрдээн, эппиккэ диэри ыыра кэҥээн иһэригэр баҕарабыт. Бары күрэх кыттыылаахтарыгар, төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин, бары чэгиэн буолун, дьиэ кэргэҥҥит бигэ туруктаах, дьоллоох-соргулаах буоллун.
В.Н. Петрова — Дириҥ орто агро оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй