Дьоҥҥо сырдыгы, үөрүүнү бэлэхтииртэн ордук дьол суох. Оннук буоллаҕына, тыа сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит уолчаан оччолорго мөккүһүөх да этэ: саамай дьоллоох киһи – учуутал. Максим Пермяков Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа итинник санаалаах киирбитэ.

Нөҥүө сайыныгар немецкэй фашистар биһиги куораттарбытын, дэриэбинэлэрбитин күл-көмөр оҥорон, дьон-норуот хаанын, хараҕын уутун халытан сэриинэн ааҥнаан киирбиттэрэ. Уон тоҕус саастаах уол, дьоҥҥо дьолу, үөрүүнү бэлэхтиири таһынан, ону көмүскүүр наадата баарын аан бастаан оччолорго өйдөөбүтэ, фроҥҥа дьулуспута. Ол баҕата 1942 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр туолбута.

Оттон 1943 сыл тохсунньу бүтүүтүгэр хайыһар туспа 20-с биригээдэтэ хотугулуу-арҕааҥҥы фроҥҥа бэриллибитэ. Тымныыга кутаа да оттуммакка, наар хаардаах тайҕаҕа хоно-хоно, ыарахан сүгэһэрдээх сатыы айан ыйтан ордук кэмҥэ салҕаммыта. Тиһэҕэр Красно-Дубня диэн дэриэбинэҕэ тиийбиттэрэ. Манна нэдиэлэ кэриҥэ кыргыспыттара.

Онтон ыла икки сылтан ордук кэмҥэ фроҥҥа көрсүбүт түгэннэри барытын кыайан аахпаккын. Старая-Русса таһыгар хас да ыйга оборуонаҕа сытыы, атахха бааһырыы. Дио, Остров куораттары босхолооһун, Великэй өрүскэ өстөөх күүстээх бөҕөргөтүүтүн көҥү көтүү, илиигэ бааһырыы. Рига, Варшава, Кенинсберг куораттар иһин хаан тохтуулаах кыргыһыылар, ийэ дойду үрдүк наҕараадалара – Албан аат 3-с степеннээх уордьана, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Варшаваны босхолооһун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэр.

  • Ордук бойобуой доҕордоһуу туһунан долгуйа ахтабын, — диир Максим Максимович. – Артиллерийскай разведка отделениетыгар сэттиэ этибит: үс нуучча, украинец, татаар, коми уолаттара уонна мин. Дно куорат чугаһынааҕы биир дэриэбинэҕэ биһиги да, пехотинецтарбыт да хас да хонуктаах кимэн киириигэ сылдьан аҕыйаан тохтообуппут. Сарсыарда үс таанкалаах, түөрт бэйэтэ хаамар установкалаах өстөөх улахан күүһэ пулемет, миномет күүстээх уотунан хаххаланан кимэн киирбитэ. Олус аҕыйах буолан дьиэттэн-дьиэҕэ сүүрэ сылдьан ытыалаһарбытыгар тиийбиппит. Ол сылдьан Ваня Тупицын диэн уолбут санааҕа киэҥ баҕайы уулусса хаба ортотугар икки атаҕар табыллыбыта. Өстөөх бу ыган кэлбитэ, бааһырбыт киһиэхэ кими да чугаһатымаары уотун ордук күүһүрдүбүтэ. Ванябыт “салҕаан кэбиһиҥ, билиэҥҥэ биэримэҥ” диэн хаһыытаахтыыр. Төгүрүллэр, өлөр куттал бүрүүкүүр, ол эрээри табаарыспытын хайаан даҕаны быыһыах тустаахпыт. Доҕордоһуу сокуона – оннук. Обмоткаларбытын салҕаан, ол төбөтөүн быраҕан биэрэн Ваняны соһон ылбыппыт. Ол оннугар күн ортотугар диэри өстөөххө төгүрүллэн олорон ытыалаһарга тиийбиппит.

Максим Максимович төрөөбүт төрүт буоругар 1947 сыл олунньутугар эргиллибитэ. Тута Ис дьыала уорганыгар үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла 1970 сылга диэри судаарыстыба интэриэһин, гражданнар бырааптарын харыстабылыгар тохтоло суох үлэлээбитэ, бэйэтэ туспа сэһэн буолар үгүс быһылааннары көрсүбүтэ. Кини түөһүгэр сэрии кэминээҕи наҕараадалары сэргэ “ИДьМ-гэр эҥкилэ суох сулууспатын иһин” 1 уонна 2-с степеннээх, “Сэбиэскэй аармыйа уонна флот 30 сыла”, “Сэбиэскэй милиция 50 сыла”, “Германияны кыайыы 20 сыла”, “Сэбиэскэ армия уонна флот 50 сыла” мэтээллэр күлүмүрдэһэллэр.

Сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ Максим Пермяков – дьоҥҥо сырдыгы, үөрүүнү көмүскээбит дьиҥ дьоллоох киһи этэ.

 

И. Окоемов

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй