“Сылгыһыт аатын ылан сыспай сиэллээҕи муҥунан үөрдүүр туһугар сыраласпытым 40 сыл буолла. Биһиги сааспыт ыраатта, онон бэйэбитин солбуйар дьон туһунан толкуйдуохха, таптыыр идэбитигэр эдэрдэри иитэргэ кыһаныахха”, — диэбитэ 70-с сыллар ортолоругар сылгыһыттан оройуоннааҕы сүбэ мунньахтарын тырыбыынатыттан Дмитрий Васильев-I.
“Сылгыһыттар ортолоругар социалистическай куоталаһыыны биирдии киһинэн ыытары тэҥэ сопхуостар уонна кинилэр звеноларын икки ардыларыгар күүскэ тэнитэр наада, онно уопсай көрдөрүүнү кытта бастыҥнар уопуттарын атастаһыыны олохтооһуну, аттары айааһааһыны уонна сүүрүк идэлээхтэри сайыннарыыны киллэриэххэ”, — итинник этэ оччотооҕу чулуу сылгыһыт этиитэ.
Дмитрий Егорович-I көрөр-истэр 160-тан тахса сылгыта мэччийэр, хаһан аһыыр ыырдарынан эрэ муҥурдаммат. Нэһилиэгин, бүтүн Эрилик Эристиин аатынан сопхуоһун туһугар кыһаллар киһи. Ол да иһин сопхуоска сылгы иитиитигэр туһааннаах хапытаалынай тутуулары былааннаахтык ыытыһан, кэм-кэрдии кэлбитин бэрт сөпкө туруорсара.
Биирдэ санаатахха, 40 төгүрүк сыл усталаах-туоратыгар биир идэни талан ылан үлэлээһин, ол тухары ыҥыыр үрдүттэн түспэккэ кэриэтэ сылдьыы манан ахан дьыала буолбатах. Саамай үчүгэйэ диэн, ити уһун кэмҥэ өрүүтүн үтүө үлэтинэн ааҕыллыы, бастыҥнар кэккэлэригэр баар буолуу сылгыһыт Васильев улахан дьулуурун, саталын уонна кыһамньытын көрдөрөр.
Дмитрий Егорович-I Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, атын тэһиинин оннугар автомат тутан, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр чиэстээхтик сулууспалаабыта. Ол ааспыт күннэр туоһуларынан хас да бойобуой мэтээллэр буолаллар.
Сэрии кэннинээҕи сылларга сылгы иитиитэ өссө сайдарын, бу барыстаах салаа өлгөм дохуоту биэрэрин туһугар айымньылаахтык үлэлээн кэлбитэ. Итинник үлэтин кэрэһэтинэн тохсус пятилетка бастакы сылларынааҕы ситиһиилэрэ буолаллар. Улахан сылгыны тыыннаахтыы иитиитэ сопхуоһун орто көрдөрүүтүттэн өрүүтүн баһыйар үрдүк буолара. Кулун дьыалабыай тахсыыта эмиэ биир оннук. Холобура, 1971 сылга сылгытын 99,1 бырыһыанын тыыннаах ииппит, хас сүүстүү биэттэн 73,8 бырыһыан кулуну ылбыт буоллаҕына, төрдүс тутаах сылга ити сыыппаралар 99,6% уонна 89,9%-ҥа тэҥнэспиттэрэ.
Кини сылгы боруодатын тупсарыынан утумнаахтык дьарыктаммыта. Ол да иһин төрүөҕү ылыыта сыллата үрдээн иһэрэ. Сопхуос биир бастыҥ сылгыһыта нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Кинини биир дойдулаахтара үс төгүл Хоптоҕо сельсэбиэтин дьокутаатынан талбыттара. 1966 сылтан коммунистическай үлэ удаарынньыга.
Буойун-сылгыһыт эйэлээх кэмҥэ үтүө суобастаах үлэтэ НХСБСБ боруонса уонна үрүҥ көмүс мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. Оттон Бүтүн Сойууйстааҕы социалистическай куоталаһыыга киирсэн, кини 1973 сыл түмүгүнэн ситиспит үрдүк көрдөрүүлэрин иһин өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ сылгыһытын аалай лиэнтэни кэтэр чиэстэммитэ.
Сылгыһыттар ортолоругар көхтөөх куоталаһыы уотун күөртээччи быһыытынан биллэрэ. Онно өрүүтүн кыайыылаах тахсааччы этэ. Ол да иһин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, “РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын социалистическай куоталаһыыга туйгуна” значогун ылбыта. Оттон 1974 сылга ылыммыт былаанын уонна эбэһээтэлистибэтин толорууга көрдөрбүт килбиэнин иһин Д.Е. Васильев-I — Үлэ Албан Аатын III-с степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
Үлэ, сэрии бэтэрээнэ олоҕун тиһэх сылларыгар диэри үгэһинэн ыҥыырын үрдүгэр сылдьыбыта.
Сэмэн Жендринскэй