“ДариДоброЧурапча” түмсүү оҕолорго онус сылын Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарар

Ахсынньы 24-25 күннэригэр “ДариДоброЧурапчы” уопсастыбаннай түмсүү, салайааччылар Елена Макарова, Нарыйа Пермякова, Сахалена Барашкова бэйэлэрин тиэхэньикэлэринэн, улууспут нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго итиэннэ аҥардас аҕаларга Саҥа дьыллааҕы кэһиилэрин туттаран саҕалаатылар.

Эрдэ этиллибитин курдук түмсүү тэриллибитэ номнуо уон сыл буолла. Быйыл 80-ча оҕоҕо бэлэх туттарар былааннаахтар. Сүрүн успуонсардарынан: “Чурапча ТХПК (сал.Алексей Егоров), “Антек” маҕаһыын (Татьяна Новгородова), “Твой букет” (Анастасия Корякина), “Мимишоп” (Сахаяна Евграфова), “Эгэлгэ” маҕаһыын (Эдуард Таныков), “Барыс” маҕаһыын (Александра Осипова), “Центр Обувь” (Акулина Копырина), “Бьюти Центр” (Саргылана Иванова), “Малышок” (Анастасия Федорова), Чурапчы улууһун иистэнньэҥнэрэ, “Күбэйэ” (Наталья Седалищева), “Олук” маҕаһыын  (Николай Попов), “Империя посуды” (Назира Сатыбалдиева), Чурапчы ыраах айаҥҥа суоппардара, “Мой дом” (Саина Брызгалова) маҕаһыын буоллулар.

 

Сэмэн Жендринскэй