Далбар Хотун сүбэлэрэ “Советы Госпожи Далбар”

Күн аайы “тугу сиибит, кими сиибит?” – диэн ыйытык дьону барытын үүйэ-хаайа тутар буолуохтаах, онуоха хаһаайка эрэ барыта астыыры сатаабат. Урукку кэмҥэ ас ырысыаба олус наада буолара, алаһа дьиэ хаһаайкалара ырысыап ылан баран быстах кумааҕыга суруйан кэбиһэн, тиһэх уһугар “сүтэрдибит” дэһэллэр. Онон маннык электроннай барыйааҥҥа мунньуллубут ас ырысыаба ордук көдьүүстээх, ону таһынан бэйэҕит салгыы ситэрэн-хоторон биэрэргитигэр анаан бу сыһыарыыбытын саҕалыыбыт.

Куурусса этиттэн дырыһааҥкы

Куурусса этин кырбастаан баран иһин кытары мөлтөх уокка буһарыллар. Күүгэнин, арыытын ылан иһэллэр. Чаас аҥара буолан баран итиннэ вертушканы, моркуобу уонна эриэппэ луугу хобордооххо буһаран куталлар. Бэлэм буолбутун кэннэ лавровай сэбирдэҕи итиэннэ төкүнүк биэрэһи эбэллэр.

Бульону итии эрдэҕинэ сиэниллэр, онно теркаламмыт чесногу уонна сөбүгэр тууһу куталлар, хаттаан сиидэлииллэр. Ол кэнниттэн ууга илийбит желатин эбэллэр уонна эмиэ оргута ууруллар, сотору-сотору булкуйуллар. Тэриэлкэҕэ куурусса этин уонна иһин кырбаан ууруллар, итини бэлэмнэммит бульонунан саба кутуллар, сымыытынан, моркуобунан киэргэтиллэр.

Быһа холоон, биир киилэ эти 1,5 л ууга буһарыллар, 2 устуука моркуоп, 1 устуука луук, 2 чаайынай ньуоска желатин, чеснок 4 өлүүскэтэ, 2 сымыыт сөп буолар.

Луук истээх сымыыт

 Сымыыты бүтэйдии буһаран баран аҥардыыллар, араҥаһын арааран ылаллар. Эриэппэ луугу бытархай гына кырбаан ыһаарылыыллар. Онно кыра сүөгэйи, хартыыһаны эбэллэр, тууһууллар. Итини барытын сымыыт араҥаһын кытта биир маасса буолуор диэри булкуйаллар уонна сымыыт үрүҥэр куталлар, үрдүгэр сүөгэйдииллэр. Сымыыт саҥа иһэ үчүгэйдик киирдин диэн маҥаныттан бэрт кыраны ойо быһан көҕүрэтиэххэ сөп.

8 устуука сымыыкка 160 г луук, 80 г ынах арыыта, 80 г сүөгэй, 100 г хартыыһа уонна бэйэҥ сөбүлүүргүнэн туус наада. Сүөгэй оннугар майонез да туһаныахха сөп.

Тиэстэҕэ буспут сымыыт

 Бурдугу арыыга булкуйаҕын, онно сылаас, доруоһалаах ууну кутан сүөгэй курдук хойуу буолуор диэри булкуйаҕын уонна 2-3 чаас устата сабан баран сылаас сиргэ уураҕын. Астыаҥ аҕай иннинэ сиикэй сымыыт үрүҥүн булкуйаҕын.

Сымыыттаргын бүтэйдии буһараҕын, хаҕын ыраастаан баран ити тиэстэҕэ уган ыла-ыла күүстээх уокка буһараҕын. Арыыта элбэҕэ үчүгэй.

Тиэстэҕэ буспут сымыыты күөх салааты кытта биэрэр ордук.

Астыырга 4 устуука сымыыт, 3 ост.ньуоска бурдук, 80  г доруоһа, 4 г туус, 150 г мас арыыта наада.

Күөх омлет

 Сымыыты күүгэн гына булкуйуллар биитэр ытыйыллар. Онно кыра үүт, туус, кыра кырбаммыт укроп, күөх луук кутуллар уонна барытын булкуйан баран арыы оҕунуохтаан итии хобордооххо соркуойданар.

Хаһаастаах хаһаайкалар дэтиҥ, эһиэхэ уйгуну-быйаҥы баҕарабыт. Асчыт-асчыт илиитэ тус-туһунан. Астааһын бэйэтэ туспа ускуустуба. Дьулайбакка, сүрэҕэлдьээбэккэ үөрэнэн иһиҥ.

 

 Сэмэн Жендринскэй