Дьон-сэргэ кэрэхсии кэтэһэр “Далбар Хотун” XIV-с төгүлүн куонкуруһа Туймаада туонатыгар мэлдьи буоларын курдук ураты сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна.
Аан бастакы куонкурус 2007 сыллаахха буолбута. Онно өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 16 күн күбэй ийэ кыттыыны ылбыта. Онтон ыла бу дьоһун күрэс элбэх ийэни, дьиэ кэргэни тарта, болҕомтону ылла. Маныаха бу куонкуруска ыал ийэтин кытыннарарга дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан, нэһилиэгинэн, улууһунан бүттүүн турунан, улаханнык долгуйан бэлэмнэнэллэр. Мантан көстөрүнэн, күрэс сыллата далааһыннанан иһэр.
Быйылгы да тэрээһиҥҥэ бу иннинээҕи күрэстэр кыайыылаахтарынан буолбут ытык-мааны ийэлэр ыалдьыт уонна дьүүллүүр сүбэ быһыытынан ыҥырыллыбыттара кэрэхсэбиллээх буолла. Кинилэри кэргэттэрэ, аймахтара, бырааттара, убайдара, оҕолоро үрдүк сценаҕа арыаллаан таһаардылар. Маны көрө олорон, киһи “бу дьиэ кэргэн, аймах сомоҕолоһуутун көрдөрөр” диэн иһигэр астына, киэн тутта саныыр. Дьоһун-мааны үс Хотуну сэргэ, СӨ Ил Түмэнин мунньаҕын аграрнай сис кэмитиэт Александр Атласов, Саха тыйаатырын артыыһа Айаал Аммосов бу киэһээҥҥи куонкуруска сыаналааччы быһыытынан олордулар.
Куонкурус үс түһүмэхтээх. Бэйэни билиһиннэриигэ уонна талааннарыгар кэрэ-мааны хотуттар сценаҕа ырыаҕа-тойукка, бэртээхэй үҥкүүгэ, хомус дьүрүскэнигэр уйдаран тахсыылара сүргэни көтөхтө, сааланы сэргэхситтэ. Тус бэйэлэрин, дьиэ кэргэттэрин, үлэлэрин-хамнастарын, дьарыктарын, кэтэх хаһаайыстыбаларын туһунан уус-уран тылларынан киһи эрэ сэргээн истиэх кэпсээтилэр. Ол барыта экраҥҥа көстө турбута куонкуруһу ситэрэн-хоторон биэрдэ.
Дьэ ол кэннэ, “Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас” түһүмэххэ, күрэс кыттыылаахтара астаан, киэргэтэн аҕалбыт бүлүүдэлэригэр аукцион ыытылынна.
Түмүктүүр түһүмэххэ ыал тапталлаах ийэлэрэ сиэдэрэйдик симэнэн, килбигийэ туттан киэһээҥҥи былааччыйанан таҕыстылар. Долгутуулаах куонкурус түмүгүнэн барыларыгар анал ааттар иҥэрилиннилэр, сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.
“Далбар Хотун-2024” үрдүк ааты Амма улууһуттан Саргылана Рожина ылла. Киниэхэ “Туймаада-Лизинг” (ген.дириэктэр П.Федоров) туруорбут тыа ыалыгар сатабыллаах “Скаут” тыраахтарын сэртипикээтэ дохсун ытыс тыаһыгар туттарылынна.
Биһиги Чурапчыбыт улууһун чиэстээхтик көмүскээбит Яна Сивцева – “Ийэ Хотун” анал ааты ылар чиэскэ тигистэ. Киниэхэ “Арассыыйа Ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова 50 тыһ.сууммалаах сэртэпикээтинэн бириэмийэлээтэ. Яна Ивановнаҕа — Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, Дьахтар Сүбэтэ, улуустааҕы социальнай управление кэлэктиибэ, Иван Кандинскай аатынан Чурапчы нэһилиэгин “Айыллаан” култуурунай киинин үлэһиттэрэ, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаата, улуус баһылыгы тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Анжелика Неустроева, Сивцевтар дьиэ кэргэн сахалыы таҥастарыгар дизайнер-иистэнньэҥ Ольга Дьячковская күүс-көмө буоллулар.
Сэмэн Жендринскэй